Өлүү-тиллии икки ардынан. Прокопий Чуукаар

Читать онлайн.
Название Өлүү-тиллии икки ардынан
Автор произведения Прокопий Чуукаар
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2004
isbn 978-5-7696-6109-9



Скачать книгу

сыспыт лаабыс маһынан оттунан эриэхтэрэ. Кытылы кэрийэн, онуоха диэри тугу эмит булаа ини. Ыттара барахсаттар дьиэни эрэйэ суох буллардахтара бэрдин. Киһитээҕэр айылҕаҕа чугастара көстө сырыттаҕа, дьэ, ити баар! Сотору ыйдаҥарыа, дьүкээбил уота кутааланыа, халлаан сыыйа сырдаан да барыа. Биир эмэ кыыл таба баар ини. Били тимир лиистээх киирээр диэбит оҕонньор олохтоох кыыл баар диэн эрэрэ.

      Оҕолоро турууларыгар кэҥэс тэлгэһэ, сып-сылаас дьиэ бэлэм буола түһэр. Мал-сал, иһит-хомуос барыта орун-оннун була түһэр. Арай аҕалара ыттарын илдьэ ханна эрэ баран хаалбыта оҕолору туоххаһыппытыгар ийэлэрэ:

      – Бары бииргэ суулаһан олордохпутуна, күнүнэн быстарыахпыт. Кини буллаҕына-таллаҕына эрэ киһи буолаҕыт. Өссө хас эмэ хонукка бултуу барыа турар. Онон ол-бу буолан буугунаһымаҥ. Манна бөһүөлэк буолбатах, биһиги кэннэ ким да суох. Сотору халлаан сырдыаҕа, оччоҕо дьэ көҥүл-босхо сылдьыаххыт.

      Уйбаан күн тура-тура мууска хам тоҥмут сытынньаҥнары хомуйан дьиэтин таһыгар саһаанныыр. Тыал сайа охсон, мууһун суйдаан, онто син мас маһынан буола түһэр. Арыт күн ыйдаҥардаҕына, арыы үөс өттүгэр кыыл көрө барар. Кыстыыр таба айан кыылын курдук биир туһаайыынан сүүрбэт, киһини көрдө да бурал гынан хаалар. Саа тэбиитигэр биир эмэ киирдэҕинэ, аны буулдьата хотуппат. Табыллыбыт таба өрө хололуу түһээт, туох да буолбакка, ыстана турар. Күһүн ааһар үөр табаҕа тутуһан туран ытыалаан өлөрбөхтөспүт быһыылаах, ол иһин туох аанньа сааны биэриэхтэрэй. Эһиил саатын уларыттаҕына табыллыыһы. Байанай биэрбэтэҕинэ биэрбэт да эбит! Ый кэриҥэ кэм устата тугу да дуксуйбата. Илдьэ кэлбит астарыттан кэнсиэрбэлэрэ эрэ хаалан эрэр. Ыттарыгар хаһааммыт балыктарыттан тыытар санаалара суох. Маннык буоллаҕына, ыттыын бэйэлиин халлаан сырдыан иннинэ хоргуйууһуктар.

      Шура сынгаалаан төһө да тииһэ туллаҥнаатар, ыт аһылыга балыктан биири да энчирэтэр санаата суох. Арааһа, полярнай станцияҕа баран эмп-том көрдөстөхтөрүнэ табыллыыһы. Бу сырыыга үс биэрэстэ туоралаах Этэрикээн билиитин этэҥҥэ туораат, суукка курдук айаннаан Киһилээххэ тиийэллэр.

      Тароторин кинилэри көрөөт, үөрбүт киһилии хаһыытыы түһэр:

      – Хайа, сөпкүтүн көрөн төннөн иһэҕит дуо? Бээрэ, самолет кэлэрин хантан билэн кэллигит? Манна эһиги курдук дьон өр тулуйбат дойдута. Сөпкө быһаарыммыккыт.

      – Төннөр санаа суох! Балаҕан түннүгэ-үөлэһэ суоҕун тоҕо эппэтэххиний? Дьиэни-уоту итинник кэбилиир диэн туох аатай. Эн көрүөхтээх-истиэхтээх учаастагыҥ буолбатах этэ дуо? Аны онно икки атаххын быктарыма. Хаһаайын мин баарбын. Сирбин-уоппун көҥүл тэбистэриэм суоҕа. Вездеходунан быйылгы мууһу үрдүнэн сыбыытаабыккыт аҕай дии. Эйигинэ суох онно ким да санамматаҕа чахчы.

      Полярнай станция дьоно дьиэни булбакка мунан өллөхтөрө диэбиттэрэ ырааппыт быһыылаах, бастаан көрсүбүттэринээҕэр өссө ордук уолуйа соһуйан көрөллөр-истэллэр. Шураны оҕолорунаан Тиксиигэ ыыталлар. Манна эмтээбэппит диэн кыккыраччы аккаастаан кэбиһэллэр.

      – Үтүөрдүм да кэлиэхпит, онно да биһигини үөрэ көрсөр баара биллибэт.