Өлүү-тиллии икки ардынан. Прокопий Чуукаар

Читать онлайн.
Название Өлүү-тиллии икки ардынан
Автор произведения Прокопий Чуукаар
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2004
isbn 978-5-7696-6109-9



Скачать книгу

сылдьыбыт сириҥ дуо? – диэн ыйытар.

      – Суох, картаҕа ханан баарын көрбүтүм.

      – Оттон бу айылаах хараҥаҕа хайдах булуом дии саныыгын?

      – Компастаахпын, хоту бардахха булаа инибин.

      – Балаҕаны мантан хотулуу-илин 15° кыраадыһы халбаҥнаабакка тутустаххына эрэ булар кыахтааххын. Сыыстардыҥ да – мунаҕын. Дьоҥҥун хааллартаан бар, таах өлөртөөмө.

      – Хаалбаттар.

      Тароторин үс ытын син төлө ыһыктар. Арааһа, бу дьон эҥин-дьүһүн буолан хааллахтарына, эппиэккэ тардыллыам диэн «көмөлөстөҕө».

      Инньэ гынан хаар эрэ туртайар, ханна да халлаан баар сибикитэ биллибэт гына халыҥ былыт бүрүйбүт хабыс-хараҥа полярнай түүн ыаһаан турдаҕына, Уйбааннаах үһүс күннэригэр, Аччыгый Лээхэп туһа манан буолуо диэн, амырыын айаҥҥа туруналлар.

      Компас атыылаһарыгар Уйбаан «мантым абырыаҕа» дии санаабатаҕа чахчы. Наада буолуо диэн, тимири-туһаҕы хомуһар идэтэ имнэнэн, туох да ордук-хоһу толкуйа суох атыыласпыта.

      Били ледоколунан киирэ сатаан баран төннөн таҕыстаҕын утаа, атыылаабыт дьиэтигэр бара сылдьыбыта. Совхоз кинилэр дьиэлэрин гостиница оҥостубутун билэр этэ. Онно тиийбитэ, урут киниэхэ түһэр дьоно Күһүүртэн киирэн хонон-өрөөн айаан олороллоро.

      – Хайа, уол оҕо Лээхэпкиттэн таҕыстаҕыҥ тоҕо түргэнэй? – дэһэ көрсүбүттэрэ.

      – Лээхэптэн даа? – диэн ону истибит биир билбэт оҕонньоро сэргии түспүтэ. – Оо, урут Бубякинныын Эбэлээх тумуһунан тиэстибит ахан дойдум. Ол арыыларга киһи буолбуппут.

      – Бубякин диигин дуу? Ол оҕонньор баар дуо?

      – Билэр оҕонньоруҥ дуо? Баар-баар. Билигин бултаабытын кэмсинэртэн соло булбат.

      – Түөһэйдэҕэ.

      – Һоок! Түөһэйбэт! Совхоз буолуохтан дьон биэнсийэтэ үрдээтэ. Арай булчуттар – биһиги оннубутунан хааллыбыт. Оннук сокуон баар үһү.

      – Ол төһө пенсиялааххытый?

      – Кырдьаҕаспытынан сүүрбэ солкуобай. Кини эрдэ тахсан, ону да кыайбаты ылаахтыыр.

      – Бай! Тоҕо оннугуй?!

      – «Сокуон» дииллэр. Тугу этэллэрэ буолла. Эн эдэр бээлээх эбиккин. Биэнсийэҕэр диэри бултаабатыҥ буолуо. Онон онно төбөҕүн сыстарыма. Хата, ол Лээхэпкэр тимир лиистээх киирээр. Оһох турбатын буурҕа өр гынааччыта суох. Сураҕа, киһи үктэммэтэҕэ ырааппыт. Биэнсийэттэн олуттаран дьон саастаах өттө төннүбүттэрэ. Хантан эрэ нуучча ыалын киллэрэн бултата сатаабыттара. Ол сокуон кинилэргэ дьайбат үһү. Урукку үлэтэ аахсыллан, үлэтин ыстааһа туолан, оччо ыраах сиргэ киирбитэ дэһэллэр. Тойон-хотун онно күһүн аайы тиэстэрэ. Байан бөҕө барбыта үһү.

      – Байан даа? Оттон эһиги байбыккыт тоҕо эрэ иһиллибэт дии?

      – Биһиги кэммитигэр биир кырса тириитин уҥа-хаҥас тутуннаххына эппиэккэ тардылларыҥ.

      – Билигин да түүлээххэ сууламмыт көстүбэт ээ.

      – Ээ, тойоттор булан таҥналлар-сапталлар. Эн ол нуучча курдук байа-тайа, түүлээххэ суулана киирэ сатаабат инигин?

      – Ээ, бэйэбин холонон көрөөрү гынабын. Дьон тиийэр сиригэр мин да…

      – Улаханнык