Название | Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5464-0 |
Тыгын Тойон ата атыллан өлүөҕүттэн, Туймаада хочотун олохтоохторун ыар санаа ыга баттаабыта. Онно эбиискэлэһэн, хараҥа былыт үөмэхтэнэн тахсан, үс түүннээх күн ардаан курулаппыта. Быйаҥнаах ардах кэмэ Туймаада олохтоохторугар курус күннэргэ кубулуйбута. Туох эрэ суоһар буолуохтааҕын күннэри-түүннэри кэтииргэ эбии ардах тохтообокко сылаппыта. Сир-дойду уунан бычалыйа кураанахсыйбыкка дылы буолбута, сүүрэр атахтаахтар, көтөр кынаттаахтар бүкпүттэрэ. Бэл диэтэр, хаппыт тиит мутугун былдьаһан, араастаан куллугураһар суордар сурахтыын сүппүттэрэ…
Тыгын Тойон боотурдарынан арыалдьыттанан, тоҕо эбитэ буолла, Хаан Илбис ойууну батыһыннаран, атын кытта бырастыылаһан кэлбитэ. Ойуунунан сиэри-туому тутуһуннаран, үөһээ үтэйтэрэн уматтаран кэбиспитэ «үһү» диэн кэпсэлгэ кубулуйбута. Ол быыһыгар: «Эйиэхэ эрэ кэпсиибин… Хаан Илбис буруйдаах хара хааныгар суудайбыт үһү. Дьэ, туох алдьархай буолар?» – диэн сибигинэһии-хобугунаһыы элбээбитэ. Сайыҥҥы күн чэмэлийэн тахсыбыта, кыырпах да былыта суох күөх халлааҥҥа туйаарар чыычаах тохтоло суох дьырылаабыта, мутукча сыта дыргыйбыта, дьэрэкээн хонуу чэчиктэрэ хамсыы-хамсыы үөһэ таласпыттара. Тыгын Тойон буруйдааҕы көрдүүрэ, туттарара иһиллибэккэ, дьон күннээҕи түбүктэригэр ыктаран, умна быһыытыйбыттара.
Үс күн устата Тыгын Тойон балаҕаныттан тахсыбатаҕа. Атын итиччэ аһыйбыта дуу, биитэр туох эрэ оҕуруктааҕы тобуларын, бэл киирэр-тахсар чугас дьоно, түүллэнэр-биттэнэр ойууннара билбэтэхтэрэ. Төрдүс күнүгэр чаҕар уолунан Туоҕа Боотуру ыҥыртарбыта.
Туоҕа Боотур Тыгын Тойон ыҥырыытын күүппүт буолан, соһуйбатаҕа. Буруйдаах сылгыһыт уолун төһө сылгынан толуйан ылыаҕын саныы, утуйарыгар эрэ устар котокоонун көхөҕө иилбитэ. Уһун баттаҕын кэтэҕин диэки өрүтэ аспахтыы, халҕан диэки хардыылаан иһэн, тохтуу түспүтэ. «Бээрэ, төһө даҕаны хааммыт биир буоллар, тойон аата тойон, чаҕар курдук ньалака сарыы таҥастаах тиийэрим сүрэ бэрт. Төһөтүн да иһин, аҕа ууһун биир бас-көс киһитэ буоллаҕым. Куйахпын да кэппэтэрбин котокооммун иилинэн тахсыым», – дии санаат, көхөттөн кыыннаах