Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Читать онлайн.
Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5464-0



Скачать книгу

ыстанан тиийэн садьыйталаан, үҥүүтүн туора тутан түөскэ анньыалаан, сарылаата:

      – Тохтооҥ! Түксү! Өлөрөөрү гынныгыт! Кэлэ-бара бэлэм түүлээҕи, аһы, балыгы ыларга туһалыахтара, – диэн көбүөлээт, түүрүллэн сытар Дыгыйы үҥүүтүн төбөтүнэн анньыалаата:

      – Кубулунума, бу аайы өлбөт урааҥхай буолуоҥ. Ый кыһыл эргэтэ буолуута, өшшө биирдэ кэлиэхпит. Күн шырдыга баҕалаах буоллаҕына, шаарба кыылларда бэлэмнээн тоһуйаар. Маангааҥҥын таһыйан, үөрэтэн биэр. Сэптээх-сэбиргэллээх дьоҥҥо тыҥыраҕын сараппат оҥороор, – дии-дии кураанаҕынан силлээмэхтээт, сандалыга сытар куобах хааннаах буутун айаҕар батары аста. Буор көһүйэни, иһити-хомуоһу сиргэ тоҕо солоон түһэрдэ. Туохтан эрэ куотан эрэрдии үтүрүһэ-анньыһа таһырдьаны былдьастылар. Бэйэлэрин тылларынан добдугураһан иһэн, биир хоһуун төттөрү ойон киирэн, тугу эрэ көрдүүрдүү сандалы, наара ороннор анныларын харбыаласта. Көнө түһэн тула кулахачыйда, бөтүөхтүү сытар Дыгыйы куттаммыттыы көрө тэпсэммэхтээт, таһырдьа ыстанна.

      Балаҕан иһэ кураанахсыйа, тымныйа түстэ. Бургучуйан киирэр тымныы салгынтан өйдөммүттүү, Хатыы ынчыктаабытынан, наараттан тардыһан, туран кэллэ. Байааттаҥныы сыҥыргыы, оҕонньоругар кэлэн саба түстэ, уйа-хайа суох ытаан энэлийдэ. Наара орон анныттан Татыйык аҕатын быһаҕын түөһүгэр ыксары туппутунан тахсан кэллэ. Сыҥсырыйа-сыҥсырыйа, кырачаан ытыһынан ийэтин баттаҕын имэрийдэ.

      – Ийээ, ытаама… Аҕам эппитин курдук, сотору сахалар кэллэхтэринэ, ити түүлээх таҥастаахтары мантан хаһан да кэлбэт гына ыраах үүрүөхтэрэ…

      2

      Сайыҥҥы нуурал түүн суһукка үтүрүйтэрэн, сииктээх туманын сыыйа өрө көтөҕөн, сыһыы кытыытынан сэлэлии үүммүт хатыҥнар намылыппыт лабааларын, хойуу сэбирдэхтэрин имэрийбэхтии уһунна. Маннык быыһык кэмтэн тугу эрэ күүппүттүү, тула туох барыта иһийдэ. Бэл, түүнү быһа чуумпуну уйгуурдуохпут диэбиттии, чырып-ирип тырыбынаспыт чыычаахтар кирийдилэр. Арай хам-хаадьаа эрдэһит чаччыгыныардар, туохтан эрэ үргүбүттүү, чардырҕаһан ылаллар. Саҥа күн арыалдьыта буолан, сиккиэр тыал сипсийэн аастаҕына, сыһыы локуора ото сүүнэ өрүстүү долгуннура, долгулдьуйа суугунуур.

      Үүт тураан чуумпуну уйгуурдан, сыһыы кытыытыгар аттаах дьон киирэн, тула холоруктаттылар. Аттар иҥэрсийиилэринэн, дьон ботур-итир саҥаларынан, суугун-сааҕын тыаһынан сыһыы туола түстэ. Өтөр буолбата, үүннэр кылырҕаһа, бэлэпчилэр лабырҕаһа, туйахтар тибигирэһэ, сиэллэрэн сикситтилэр.

      Инникилээн иһэр толуу, күүстээх-уохтаах көрүҥнээх Туоҕа Боотур иҥэһэтигэр туран, тэһиинин хантаччы тардан, сиэллэрэн тамаһытта. Биилээҕинэн да охсон хотутуо суох курдук халыҥ, киппэ көхсүн синньигэс биилинэн имиллэҥнэтэ, дараҕар санныларын хамсата сэлбэйиттэ. Салгын килэриччи сиэбит сирэйин сөрүүн салгыҥҥа тоһуйа, харсыах курдук хойуу хаастарын сабыччы туттан, болҕомтолоохтук көрбүт ыйаастыгас харахтарын симириктэтэ ырааҕы одууласта. Уоһун үрдүгэр хойуутук үүммүт, дьабадьыларынан субуруйан, сыҥааҕын икки өттүнэн үүммүт бытыгын имэринэн ылла. Уһуктаах