Название | Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5464-0 |
Биирдэ, арыыларыгар киирэн олордохторуна, Эбэлэрин уҥуоргу өттүгэр буруо тыргыллан тахсыбыта. Сайыҥҥы күйгүөр быыһынан, быста-быста мас кэрдэр тыас иһиллэн иһэн, симэлийбитэ. Дыгыйдаах онтон сээбэҥнээбиттэрэ. Эбэлэрин мэндээрэр уутун кэтииртэн сылайан барбыттара. Олоро-тура сатаан баран Дыгый тулуйбакка, чуҥнаан көрөргө санаммыта. Түүҥҥү тумаҥҥа балыйтаран, эрдинэн уҥуор туораабыта. Ууттан тэйиччи соҕус, ойуур саҕатыгар соҕотох тордох тардыллан турарын көрөн эрдийбитэ. Тугун-ханныгын быһаарарга санаммыта. Тордоххо ыкса чугаһаан кэлэн, балачча кэтээн сыппыта. Тордохтон киирии-тахсыы суоҕуттан, ох саатын ытардыы тутан: «Эбэ киһитэ кэллим… Омолуйуҥ!» – диэн хаһыытаан тоҕо барбыта. Тордох эйэҥэлии түспүтэ. Онон-манан тырыттыбыт дьиэл сыыйа арыллан, санныгар холтону иилэ быраҕыммыт, хохту хараҕа харахтаммыт дьэкир киһи аа-дьуо тахсан кэлбитэ.
– Чугаһаама… куһаҕан тыыннанан, үтүрүллэн иһэр дьоммут. Күлүкпүтүн көрдөхпүтүнэ, тыыннаахпытын итэҕэйэбит… Куттаныма, сарсын ааһа туруохпут, – диэн титирэстээбит куолаһынан саҥара-саҥара, тохтоло суох тоҥхоҥнообута. – Эстэн-быстан тохтоотубут. Аһын, өлөрүмэ, үүрүмэ… үс кыыстаахпын. Ыран-дьүдьэйэн, турар кыахтарын былдьатан сытаахтыыллар… Ордук кырам иэдэйдэ. Мантан салгыы көрөр-харайар кыах суох… Күн киһитэ буоллаххына көмөлөс. Кыра кыыспын ылан хаал… Баҕар, киһи төрдө буолар аналлааҕа буолуо… Оттон өллөҕүнэ киһилии харайаар…
Дыгый итини истэн, хайдах буолуон билбэккэ тэпсэҥнээбитэ.
– Туох алдьархайыгар түбэһэн, эрэйи эҥээрдэспит дьон эбиккит буолла? Иэдээн да эбит. Оҕону диэ, оҕо эрэйдээх туох буруйдаах буолуой, ылан көрүүм… Куһаҕан буолар түбэлтэтигэр санааҕа-онооҕо киирбэтэрбин ханнык, – Дыгый ох саатын кэннигэр кэтэн, тордох диэки атыллаан эрдэҕинэ, оҕонньор илиитинэн сапсыйбахтаан тохтоппута.
– Кииримэ, баҕар… Ыарыы сыстыбатах буолуохтаах этэ даҕаны… Түгэнэ түбэһэн, туох эмэ куһаҕан буоллаххытына, кырыы-таныйа сылдьыаххыт… Бэйэм таһаарыым, – диэт, төҥкөҥнүүрүн кубулуппакка, кэннинэн дьиэли силэйэн, иһирдьэ киирбитэ. Сөтөллөн хахсыйа, сүгэргэ анаан талахтан өрөн оҥоһуллубут тымтайы маадьаччы көтөҕөн таһааран, Дыгый иннигэр олордон кэбиспитэ.
– Бу… Таатык. Киһи буолар күннээх буоллаҕына, биһиги туспутунан кэпсээйэххиний. Туох аанньа дьон буоламмыт… Сор-муҥ эккирэтиэ… Бүтэй Бүк өрүс Элиэнэ эбэҕэ түһэр элбэх ахсааннаах арыыларыттан биирдэстэригэр, таас хайалардаах, бултаах-астаах сиргэ олорбуппут. Куһаҕан ыарыы туран, кэргэним уонна түөрт оҕоттон соҕотох туйах хатарааччы уолум өлөн, ол дойдуттан үүрүллүбүт дьоммут… Онно биһиги олоро сылдьыбыппытын кэрэһилиир туох да хаалбата, барытын уоттаабыттара… Хаһан эрэ Кыйаар дойдутугар дьонноох-сэргэлээх этим… Онно тиийдэрбит диэн, ыраланан иһэбит. Тиийэбит эрэ, тиийбэппит эрэ… – тымтай сарыы сабыытын арыйан, оҕотун төбөтүн салыбырыыр илиитин бакыр тарбахтарынан имэрийэн ылбыта. Ыгыллан тахсыбыт