Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Читать онлайн.
Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6132-7



Скачать книгу

Күлэ турбуккун сирэйгин дүгдүөлээтэҕим… – Хучана ыстанан кэлэн, Куодайы түҥнэри дайбаан түһэрэн, тэбиэлээн күрдүргэппитэ.

      – Тохтоо! – диэбитинэн Амыкча сөрүөстүбүт талаҕын кэнниттэн аҕыйахта атаралаан кэлэн, Хучаны туора аспыта. Кырыылаах муос төбөлөөх оҕун туһаайан: «Быаргын тобулу ытыам! Куодайы тыыта сорунума… Бар! «Өлөрбүт» ойууҥҥуттан ыйыт, этин хайыыбыт?

      Хучана кыыһырбыт уоҕар бобуллаҥнаан ыла, тордоххо салбыҥнаан тиийэн, иһирдьэ мэлис гыммыта. Өтөр буолбатаҕа, үүрүллүбүттүү, ураһаттан ойон тахсыбыта. Куодайы хараҕын кырыытынан кынчарыйа, хаҥас өттүгэр эйэҥэлии сылдьар кыыныттан быһаҕын сулбу тардан ылбыта.

      – Даллаһан баран туруоххут дуо? Этин аҕалыҥ! – диэмэхтии, тэпсиллибэтэх ыраас хаары этэрбэһинэн хаһыйбахтаабыта. Куодай тымныынан килбэчийэн ылбыт быһаҕы куттаммыттыы көрө, бааллан турар табалартан сэтии табаны арааран аҕалаат, тэйэн биэрбитэ. Хучана уоһун иһигэр ботугуруу, таба муннун кырыатын соппохтуу имэрийэ, муоһуттан тутан, баһын аллара баттаан иһэн, быһаҕынан сүнньүгэ аспыта. Таба илин атахтарынан тобуктуу түспүтэ. Кэлин атахтара аччайан, кутуруга ибигирии умса баран иһэн, ойоҕоһунан сууллан адаарыйбыта.

      – Чэ, туруоххут дуо, туттумахтааҥ! – Хучана тэйэ хаама, быһаҕын сутуруотугар тур-тар сотто, кыыныгар аспыта.

      Табаларын иһин хостоон эрдэхтэринэ, Хаан Илбис удьаа тутуурдаах тахсан кэлбитэ. Сиргэ кураанаҕынан силлээмэхтии, холто сонун уолугун түөһүгэр хам тута, хоһууннарга бадьаалаан кэлбитэ. Куонда, албыннаспыттыы ымаҥныы, удьааны ылан эрдэҕинэ, Хучана илиитин таһынан халбарыччы аспыта. Хаан Илбискэ нөрүйэ, бургучуйар таба көхсүн хаанын удьаанан сомсон ылан ууммута. Хаан Илбис удьааны ылан, өҥүргэһинэн көрө ботугуруу, утаппыттыы ыймахтаабыта. Ыксаабыта бэрдиттэн, икки дьабадьытынан хойуу хаан ньолҕоруйбута. «Һуу, һуу… туох куттаммат көтөрүй», – диэн саҥаны истэн, тохтуу түспүтэ. Ситэ испэтэх хааннаах удьаанан Куонданы сиирэ-халты аспыта.

      – Баҕайы! Ити мин өлбөт үөһүм… Сырыттын, тумсун хааннаатын, – Хаан Илбис үөһүн тартаран ыла-ыла баргыытаабыта. Суору батыһа көрө, хаанынан саккырыыр удьаатын уунаҕалыы: «Кулуп-халып», – диэн саҥа таһаарбыта. Суор кынатынан сообурҕаччы дайбана, эргийэ көтөн иһэн, таҥалайын охсунан эрэрдии «кулуп, кулуп» диэн ылбыта. Хаан Илбис суору батыһа көрө тоҥхоҥнообута.

      – Таһырдьа күөстээҥ, эттэ үөлүҥ. Илээҥкитэ, имсэтэ бэлэмнээҥ… Ураһаҕа быгыалаһымаҥ! Кыылбын-көтөрбүн ыҥыран, муостаммыттарын-туйахтаммыттарын биллэриэм… Хара хааҥҥытыгар сууннарыам! – Хаан Илбис сирэйин ханньары тартаран бобуллаҥнаабыта. Дьабадьытынан сүүрбүт хаанынан сирэйин ньуххана кыбдьырыммыта. Өссө даҕаны уоһун иһигэр баллыгырыы, ураһатын диэки иэҕэҥнээбитэ.

      Хоһууннар табаларын хол-буут арааран, сииргэ анаан бысталаан, ыраас хаарга тэнитэ уурталаабыттара. Булчут, көҥөс хааннара батарбакка, ыраах олорор суору кыҥастаһа, үҥүүлэрин уһуктаах төбөлөрүн үөһэ чолото, эттэр үрдүлэригэр туора-маары уурталаабыттара.

      Халлааҥҥа