Название | Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6132-7 |
– Бээрэ, Дуораан Уус, ый туолан, санааҥ оонньуур ини? Биитэр тыал-куус, былыт баттыыр дуу… Кэбис, куһаҕаны түстэнимэ. Үрүйээнэ көрүө-истиэ. Хата, кылгас кэмҥэ уһанаргын тохтот. Биһиги, төһө кыалларынан, түргэнник сылдьа сатыахпыт. Тугу даҕаны дьаһаммакка олорон хааллахпытына, ыарыыта даҕаны суох симэлийэр кутталлаахпыт. Эргилиннэхпинэ наллаан кэпсэтиэхпит… Куттал үөскээтэҕинэ, бэйэҕин билиннэххинэ, бараргын-кэлэргин быһаарыахпыт… Ситигирдик. Чэ, хаалбыт дьон эн тылгын-өскүн, илиигин-атаххын кэтииллэрин умнума, – диэбитэ Туоҕа Боотур.
Эмискэ сырдыргыыр, тоҥ хаар хоочугуруур тыаһын истэн, Дуораан Уус олорор лэкээтигэр эһэлии эргиллибитэ. Балаҕан ойоҕоһуттан нимчикаатын кэппит, кылгас үҥүүтүн тайахтаммыт, баһыттан атаҕар диэри таба таҥастаах Куолакы Хоһуун аҥаар өттүнэн иҥнэҥнээн тахсан кэлбитэ. Дуораан Ууһу көрөн сүгүрүйэн ылбыта, көнтөс атаҕын ыраах-ыраах уурталаан чугаһаабыта. Кини кэнниттэн ойоҕо Чурика уонна Муос уол мас сүгэһэрдэригэр таһаҕастаах тахсан, тэпсэҥнэһэ турбуттара.
– Ноо, хайа, бачча эрдэ ханналаатыгыт? – Дуораан Уус аа-дьуо туран кэлбитэ.
– Дуораан Уус, сүтэн хаалыахпытын сөбө даҕаны, сүрэ бэрт… Боҕустаххына даҕаны бараары турабыт… – Куолакы Хоһуун умса туттан, үҥүүтүн саҥа көрбүттүү, илиитигэр эргичиҥнэппитэ.
– Куолакы Хоһуун, туох буоллугут! Бу оҕону тоҕо состугут?
– Бука диэн, таҥнардылар дии санаамаҥ… Букатын барбаппыт… Бу дьахтар муҥун туонар… Оҕото умайбыт күлүн таптайдаҕына эрэ аматыйыыһы быһыылаах… Күнүһүн киһи, түүнүн ийэ буолан эрэйдэннэ. Сытыарпат даҕаны, олорпот даҕаны… Оҕотуттан букатыннаахтык арахсар сиэри-туому оҥорон, ытаан-соҥоон баран, Муоһу доҕор оҥостон төннүө. Ол иһин бу уолу илдьэ бардыбыт. Мин Мэндэйэ ойуунтан өс-саас ситистэхпинэ сатанар… Биһиги үгэспит оннук, биитэр симэлийиэм…
– Аймахтаргытыттан куттаммаккыт дуо, хайа, онно тиийэн кэлээйэллэр?
– Суох. Үөр буолбут дьонтон олус куттаналлар. Биһигини кырамаҥҥа көппүппүт курдук саныы сырыттахтара. Үһүөн көһүннэхпитинэ, өйдөрүттэн тахсыахтара… Ити сири ырааҕынан тумнан ааһар буолуохтара. Эрэннэрэбин! Муостан биир баттах быстан түһүө суоҕа. Дуораан Уус, эн биһигини эккирэтиннэримэ, суоллатыма… Туоҕа Боотурдаах кэлэ иликтэринэ