Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Читать онлайн.
Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6132-7



Скачать книгу

Туйах тыаһа суох туран кэлбитэ. Сөҕүрүйбүт араан уотун сөргүтэн, хайыта сынньыллыбыт мастары уурталаат, атаҕын төбөтүнэн сыбдыйан, таһырдьа тахсыбыта. «Ньээкэ тыыннааҕа дуу?» – диэн саныы, атикан биэрбит дудикатын сөрүү тардынан, чэбдик салгыны түөһүн муҥунан эҕирийбэхтээбитэ. Саҥардыы суһуктуйан эрэр илин саҕаҕы одуулаһа, аттарын кыҥастаспыта. Эмискэ чуумпуну аймаан, ханна эрэ ыраах уһуннук энэлийэн, хаһыы иһиллэргэ дылы гыммыта. Туйах чөрбөйө түспүтэ. Өтөр буолбатаҕа, дьикти дорҕоон эбэ диэкиттэн үрэх кыараҕас сүнньүнэн тарҕанан иһэн, үөһэ дагдайа симэлийбитэ. Аттара кулгаахтарын чөрбөҥнөтө хаһыҥыраспыттара. «Бөрө улуйар дуу…» – Туйах дьагдьайарын умнан, кулгаах иччитэ буолан, иһийэ сөҥмүтэ. «Хаппыт мас хаахыныыр дуу, ол эрээри тыала суох дии. Миҥэлэрбит тугу эрэ билэн сээбэҥнииллэр. Туох хаһыытыыр буоллаҕай?» – дии саныы, буурдаан эрэрдии ыстаҥалаан, холомотун иннигэр хоруйа түспүтэ. Халҕаны тыаһатымаары, сэрэнэн иһирдьэ кыбыллан киирбитэ.

      – Бэдэр, Бэдэр, туох эрэ хаһыытыыр, аттарбыт тэһииркиэх курдуктар, – диэн сибигинэйэ Бэдэр суорҕанын тардыалаата.

      – Һук! Киһини соһуттуҥ. Туох хаһыытай? Суор ини…

      – Атын, атын… Хаһыы курдук, – Туйах тугу гыныан билбэтэхтии тэпсэҥнээтэ.

      – Хаһыы даа… – Туоҕа Боотур суорҕанын тэлэйэ баттаан олоро түстэ. «Түүл-бит түөрэккэйэ сүрдээх этэ…» – диэн ботугуруу, эрчимнээхтик ойон турбута. Бүрүнэ сыппыт сонун кэтэ, тахсан барбыта.

      – Туруу буолла дуо? Бэркэ даҕаны утуйдум, – Лэбиэрийэ Бөҕө сыҥаһа орон хаачыгырыар диэри тыыллаҥалаан ылбыта. – Дьэ, аһыах-сиэх курдукпун.

      – Тахсан иһиллэһиим эрэ, – Бэдэр уһуктаах кулгаахтарын даллата сатыырдыы, тарбахтарын төбөлөрүнэн тардыалаан ылбыта. Сонун сөрүү тардынан, халҕаны тиэрэ тардаат, Туоҕа Боотурга кэтиллэ сыспыта.

      – Киһи хаһыыта! Моһолго түбэһэн, Аар айылҕаны аймыырын умнубут, баһа суох киһи хаһыыта. Кэннибитигэр… Суолбутун үктэтэ ыһыытыыр. Биитэр дойдулаах дьон сирдэриттэн-уоттарыттан көҥөнөн, куттаан үүрээри дьаабыланаллар дуу… Бэлэс Боотур курдук айылҕаттан айдарыылаах киһи буолбата ини? Чугастара буолуо, аттары бэлэмнээҥ, утары баран чуҥнуоххайыҥ, – диэбитинэн Туоҕа Боотур Бэдэри сыҕайа киирэн кэлбитэ. Туйах, иһиттим-истибэтим диэбиттии, Бэдэр кэнниттэн таһырдьа ойбута.

      – Туйах, хаалыаҥ. Күөстэ күөстээр, малы-салы хомуйан, бэлэм олороор. Биһиги түргэнник эргиллиэхпит, – Туоҕа Боотур Туйах кэнниттэн ыһыытыы хаалбыта. – Лэбиэрийэ, кытаат! Куйаххын кэтэ оҕус! Аанньаҕа буолан хаһыытыахтара дуо?! Баҕар, бөрөлөр хаайбыттара дуу, икки атахтаахтар төгүрүйдүлэр дуу… – диэт, көхөҕө ыйаммыт үүс бэргэһэтин, үтүлүгүн харбаат, утуйарыгар хаҥас хоонньугар укта сыппыт сыгынньах батаһын сулбу тардан таһаарбыта. Кыыныгар анньа, тахсан барбыта. Лэбиэрийэ сонун таһынан чыллырыыт куйаҕын анньынан, саадаҕын туппутунан багдайан, халҕаҥҥа баппакка, ойоҕоһунан кыбылла сыһа, таһырдьа тахсыбыта.

      Аттаах дьон туманынан бурҕачыйа, бэстэр быыстарынан элэгэлдьиһэ сүтүөхтэригэр диэри,