Название | Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6132-7 |
– Кырамайдаахтан ол табалаах сахалар тохтоон ааһар сирдэрэ оннук ырааҕа суох буолуохтаах, сэрэйдэхпинэ. Ол аата маннааҕы туматтар көспөтөхтөр. Туох эрэ соруктаах буолан суксурустахтара… Бээрэ, бу эргин баар ойуун туһунан Аташкаан тугу даҕаны кэпсээбэтэҕэ дуо? – Тарҕаан боотурдары кэриччи көрөн ылбыта.
– Суох. Көрсүһүүбүт даҕаны кэмчи этэ, бэйэбит даҕаны ону-маны ыаһыйаласпатахпыт. Чэ, сып-сап хомунуоҕуҥ. Туйах, аара үссэнэр гына, элбэх эттэ буһар.
Намтаабыт, сымнаабыт хаары тоҕута бидилитэн, алта аттаах киһи бэстэр быыстарынан сиэллэрэн сикситэн иһэннэр, тохтуу түспүттэрэ. Аттарыттан түспэккэ, туора-маары хаамтара хаарга тобулута үктэтэн, ааспыт суоллары кыҥастаспыттара.
– Соторутааҕыта табалаах дьон ааспыттар, үһүөлэр, – Бэдэр Боотур суолу тэбиһиннэрбэккэ кытыытынан хаамтаран иһэн, атын хантаччы тардан тохтообута. – Уҥуортан кэллэхтэрэ дуу… – диэмэхтии, уҥуор лаппаһан көстөр хайалаах кытылы одууласпыта.
– Баччаларга туох буолбут дьон тэлэһийдэхтэрэй? Уҥуор дьон тохтуох, таба аһылыктаах налыы сир суох ээ. Бу эргиннээҕи били кэпсээбит туматтарым чуҥнуу сылдьаллар дуу, хайа үөдэн, – Тарҕаан табалаах дьону батыһардыы атаралатан барбахтыы түһээт, төттөрү сиэллэрэн кэлбитэ.
– Улахан Эбэ диэки сирэйдэниэх курдуктар. Сүнньүлэрэ көнөтө сүрдээх…
– Тарҕаан, сири-уоту билэр киһи, Бэдэри, Туйаҕы кытта тумус боотурдар буолуҥ, уруттааҥ. Тугу эмэ сибикилээтэххитинэ Туйаҕы биһиэхэ ыытан сэрэтээриҥ. Туматтары көрдөххүтүнэ эккирэтиһэ, кыргыһа сылдьаайаҕыт… Түүл-бит түстэнэ илик… Суор арахпакка батыһар да батыһар. Сылаас хаан тахсарын биттэнэр дуу, хайа үөдэн… Чэ, ыстаннарыҥ. Туйах, көтөл аттаргын Бэлэс Боотурга холбоо. Биһиги аттары быспат курдук айанныахпыт, эһиги тэлбит суолгутунан барыахпыт, – Туоҕа Боотур саадаҕын көннөрүнэ, куонньалыгын тиһиликтэрин төлүтэ тардыалаабыта. Тарҕааннаах аттарын соруйан тиҥилэхтии, бэстэр быыстарынан сикситэ турбуттара. Туоҕа Боотурдаах дьоннорун тэйитэ түһээри, аттарыттан түһэн, тыыллаҥалыы хаамыталаабыттара.
– Бэлэс, көр эрэ, ол улахан тииккэ туох көтөр олороруй, улар дуу… – дии-дии Лэбиэрийэ Бөҕө тэйиччи турар тиити ыйда.
– Оо, хайа, Тойон Кыыл дии… Кэлбитэ тоҕо баҕас эрдэтэй?
– Бээ, айдаарымаҥ! Чахчы Тойон Кыыл эбит! Туллуктары ыһык оҥостон кэлэр дииллэрэ кырдьык эбит буоллаҕа, – диэбитинэн Туоҕа Боотур үүс бэргэһэтин уһула сүгүрүйэн ылла. – Бэлэс, кулуһунна оттуох, алгыс этэн, бэлэх-туһах тутуоҕуҥ. Биһигини араҥаччылыыр сүдү көтөрбүт буоллаҕа.
Лэбиэрийэ Бөҕө атаҕынан хаары хаһыйбыт сиригэр бэс киһиргэстэрин