Название | Тулаайах оҕо |
---|---|
Автор произведения | Далан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5328-5 |
Бакамда эһэ сыыһа-халты туттардаҕына ытаары бэлэм илдьэ турбут алаҥаатын өрүтэ анньыалыы-анньыалыы соргу көтөҕөн:
– Алакыы! Алакыы! – диэн тыа сатарыйыаҕынан үс төгүл үөгүлээбитэ, үс төгүл суордаабыта. – Мин сырам таах хаалбатах: көрөн астынным, үөрдүм! Кырдьык да, дьороҕой туттуулаах, дьолуолаах табаҕайдаах үтүө булчут буолбуккун. Дьэ, эрэ, ол буоллаҕына эһэ көхсүн хааныттан тоҕуста ытыһан ис! Сирэйгин, түһэххин суун! Кини курдук күүстээх-уохтаах, кини курдук суостаах-суодаллаах, уордаах-кылыннаах буолуоҕуҥ!
Ити кэнниттэн эһэ көхсүн сылаас хааныттан сиэнигэр тоҕус ытыс хааны иһэрпитэ, сирэйин, түһэҕин сууйбута.
Бултуйбут дьон эһэлэрин эттээн-астаан баран кутаа оттунан аһаабыттара. Үөлүллүбүт эмис эти элийэ быһан сии олорон Бакамда сиэнигэр:
– Төннөрбүтүгэр Туманнаах Түбэни көрөн ааһыахпыт, – диэбитэ.
– Онон тоҕо төгүрүйэбит? – уол эһэтиттэн ыйыппыта.
– Тиийдэхпинэ кэпсиэҕим.
Аһаан бүтэн баран булчуттар эһэлэрин этин бысталаан ыраас хаарга тэнитэ уурбуттара, кыыл-сүөл тыыппатын диэн, тириитинэн саба тарпыттара. Кинилэр күн дьааһыгырыыта сөп соҕус ыарахан сүгэһэрдээх төннөр суолларын туппуттара.
Оҕонньордоох батыһыспытынан саҥата суох айаннаан испиттэрэ. Аргыый аҕай хааман бастаан иһэр Бакамда ону-маны эргитэ саныыра. Кини бу түгэни күүппүтэ ыраатта, ол эрээри тиийэн кэлбитэ эмиэ да соһуччу. Сиэнинээн иккиэйэҕин нус-хас, бүтэй барааннык олорон ааспыт уон алта сыллара биир күрүс элэс гынан аастаҕа, эчи, түргэнин эбитин! Чуумпу сыллар этилэр. Чуумпу олох диэни сааһыгар билбэтэх оннооҕор Бакамда онно үөрэниэх курдук буолан испитэ эбээт! Куруутун өс-саас өһүөнүн эккирэтиһэр, кыргыһар-өлөрсөр оннугар нус-хас олорор ордук эбит буоллаҕа. Ол гынан баран Бакамда ити сыллар тухары сүрэҕин түгэҕэр сүһүрэ сылдьыбыт сырҕан бааһын – өһүн-сааһын сиэнигэр кэриэс гынан этиэхтээҕэ. Дьэ, ол тиийэн кэллэҕэ.
Туманнаах Түбэҕэ киирэр аартык ааныгар кэлбиттэригэр, Даҕанча хараҕа хатанар бэлиэлээх тиитин анныгар оҕонньор сүгэһэрин түһэрбитэ уонна умса туттан сөҥөдүйэн турбахтаабыта. Уол эмиэ, эһэтин үтүктэн, сүгэһэрин түһэрэн баран өрө хантайан, тиити көрөн турбута. Сүдү улахан чаллах тиит күн диэки өттүнэн улаханнык хайа суоруулааҕа, ол хабыллар хаба ортотугар кини кэлэ-бара сылдьан көрдөҕүнэ санаатын мэлдьи тыытар батары ытыллыбыт куорсуннаах