Тулаайах оҕо. Далан

Читать онлайн.
Название Тулаайах оҕо
Автор произведения Далан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5328-5



Скачать книгу

мунньан чохчолообута. Бакамда тайах, эһэ этин үөлэ-үөлэ хатаран сиэнигэр өйүө үлүктэ бэлэмнээбитэ. Кини ол сылдьан Даҕанчаҕа сүбэлиирэ, суолун ыйара.

      – Сиэним Даҕанча, биһиги бу дойдуга аны силис тардан чэчириир кыахпыт суох буолла. Саамайдар баһылыктара Эмчээгин да, майааттар баһылыктара Энэгэй да манна кэллэхтэринэ биһигини күнтэн сүтэриэхтэрэ. Эн Кэллээмэ эбэҕэ киирэн олохсуй. Сир-уот уларыйдаххына, баҕар, киһи-хара буолуоҥ, үөскүөҥ-ууһуоҥ, кимнээҕэр чэчириэҥ.

      – Оттон мин ол Кэллээмэ эбэҕэ хайдах гынан тиийиэмий? – Даҕанча эһэтиттэн ыйытара.

      – Күнүскү күн аннын диэки бараар, мас киилин кэтэҕин батыһаар. Суолуҥ үс гыммыттан биирин барбытыҥ кэннэ, үс үрэх тардыытын араарар таас хайаҕа тиийэн кэлиэҥ. Ол таас хайаттан үс үрэх саҕаланан тус арҕаа, тус илин, тус соҕуруу түһүөхтэрэ. Уҥа илиигинэн бардаххына, тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктарга тиийиэҥ, онон барыма. Оттон хаҥас илиигинэн бардаххына, саһыл курдук албын саха урааҥхайдар улуу өрүстэригэр киириэҥ, онон эмиэ барыма. Үс үрэхтэн ортокутун тутус. Ол Түҥкэтэх үрэх, ыппыт охтуу, тус соҕуруу түһүөҕэ, барар сиргэр чопчу тиэрдиэҕэ.

      Түҥкэтэх үрэх таас кырбааттартан өрө тэйэ сытар сирдэрин ааһан, аллара киирдэххинэ, үрэҕиҥ балачча кэҥиэ, дэбилкэй сүүрүктээх дохсун өрүскэ кубулуйуо. Кини икки өттө сатыы киһи эрэйинэн айанныыр мас аабылаана буолуо. Ол иһин өрүс сылбаҕыттан бэйэҕин уйар сөптөөх суон сыгынах булунан, онно олорон айаннаа.

      Түҥкэтэх үрэх үөһээ сүүрүгүн, булду эккирэтиһэ, дьирикинэйдэр бэрт үгүстүк быһа охсон ааһаллар. Эн кинилэртэн бэркэ диэн сэрэн. Кинилэр быстан-ойдон сылдьар, эбэтэр аҕыйах ахсааннаах дьоҥҥо кыырт курдук саба түһээччилэр. Оттон Түҥкэтэх үрэх аллараа сүүрүгүн диэкинэн хаҥас диэки Тыаһыкыт, Тылгыны, Мастаах диэн улуу күөллэр бааллар, ол онно саха урааҥхайдар улуу өрүстэриттэн тахсан олохсуйбуттара ыраатта. Эн кинилэр харахтарын далыгар киирбэккэ айаннаа.

      Күнүһүн бүк сирдэргэ тахсан утуй, түүнүн сыгынаххар арбаҕынан саптан уһун.

      Ол курдук айаннаан, этэҥҥэ буоллаххына, Киэҥ Кэллээмэ эбэҕэ тиийиэҕиҥ. Ол өрүскэ, Киэҥ Кэллээмэҕэ, бэрт үгүс биистэр – хоролор, дьирикинэйдэр, туматтар, саха урааҥхайдар бары симсэ-үтүрүһэ, бэйэ-бэйэлэрин баайдарыгар иҥсэрсэ олороллор. Үгүс хааны тохпут, охсуһууга-өлөрсүүгэ үөрүйэх Киэҥ Кэллээмэ урдустарын кытта соҕотоҕун кыайан туруулаһыаҥ суоҕа – соҕотоҕун тоҥ биистэргэ тиийдэххинэ, Маҥан Мэкчэ үҥүүтүн-батаһын аһылыга буолуоҕуҥ. Ол иһин ол онно, Киэҥ Кэллээмэ эбэҕэ, Бэрдьигэстээх Дэбэҥдэ диэн сиргэ олохтоох туматтарга тиий. Эн кинилэри умайар уот кыһыл таҥастарынан эндэппэккэ билиэҕиҥ. Онно Арчикаан диэн хоһуун баар буолуоҕа. Эн киниэхэ тиийэн мин ааппыттан көрдөс.

      Даҕанча эһэтин тылларыттан эгди буолбута.

      – Сөп, эһээ, инньэ гыныаҕым.

      Бакамда өбүгэлэрин дойдуларын тоҕо эрэ күн аннын диэки баар, сып-сырылас сылаас тыаллаах, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ тунаар дойду диэн өйүгэр оҥорон көрөрө. Кини онно барыахтаах этэ. Күн анныгар уһуннук олорон бу дойдуга оҥорорун бүтэрбит,