Тулаайах оҕо. Далан

Читать онлайн.
Название Тулаайах оҕо
Автор произведения Далан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5328-5



Скачать книгу

тоҥ биистэртэн умсубута. Кини бастыҥ доҕоро ааттаах быһый Чэмпэрэ хоһуун дьирикинэйдэртэн сор суолламмыта. Кини айбыт аҕата, тапталлаах кэргэнэ бииргэ чаабыгырдартан быстах оҥорууламмыттара ыраах Күөл Сүүрүндэ тыатыгар…

      Үүт оргуйарын курдук үллэр өһөхтөөх, көмүөл устарын курдук күүстээх-уохтаах, күдэн туман көтөрүн курдук күргүөм үгүс тумат омуктар, билигин эһиги ханна бааргытый? Кыргыһыы-охсуһуу кыайбат кылаан өргөс санаалаах, хааннаах өс чаҕыппат хатан бии хааннаах тумат омуктар, тоҕо эһиги уот курааҥҥа уу уоларыныы уолан-уостан баранаҕыт, иҥэн-сүтэн иһэҕит?! Тоҕо? Ким этиэй ону киниэхэ? Аастыйбыт төбөтүн төҥкөтөн, араанын аал уотун иннигэр олорон Бакамда оҕонньор ону-маны эргитэ саныыра.

      Наҥнаһынынан сабыта уурталаан оҥоһуллубут кыракый буор холом иһигэр-таһыгар кини кэннэ ким да суоҕа, чуугунуур чуумпу сатыылаабыт этэ.

      Бакамда кырыйда, хас маннык сааһы көрсүбүтүн бэйэтэ да умунна. Арай соҕотох уолун кэлэн умса ууран барыахтарыттан ыла кини кэтит санныгар уон алта төгүл кырыа хаар түһэн ууллубутун, уон алта сыл ааспытын бэрт үчүгэйдик билэр. Ол тухары кинилэр саһан олорбут тыымпыларыгар икки атахтаах үктэммэтэ, кинини иннинэн сирэйдээх таба хаампата. Ити сыллар, тирии мэрэкэ долгуҥҥа уйдаран өрүс сүүрүгүн хоту дэллэйэ устарыныы, олох күннээҕи кыһамыттан тахсыбакка нус барааннык, уу чуумпутук устан аастылар. Күөх Далайга киирдэххэ көмүс хатырыктаах арааһа, Эргэнэ Хара тыаҕа таҕыстахха булт бастыҥа дэлэй буолан, оҕонньор сиэнинээн айахтарыгар аһыыр астарынан ааспакка, санныларыгар таҥнар таҥастарынан татыарыйбакка олорон кэллилэр.

      Уолун кэргэнэ Майынчы тоҥ биистэр кэлэн барбыттарын кэнниттэн өрүттүбэтэҕэ, сотору өлбүтэ. Кини уҥуоҕун Бакамда туппута: уолун харайбыт сиригэр араҥас оҥорон, туох баар мааны таҥаһын таҥыннаран баран, онно уурбута уонна анныгар куруҥах мас чохчолоон уматан кэбиспитэ. Уҥуох-тирии буолбут өлүгү уот өр гымматаҕа: тугун да ордорбокко сиэн күдэҥҥэ көтүппүтэ. Дьирикинэйдэр кыыстарыгар, бука, оннук уҥуох тутуохтара суоҕа эбитэ буолуо. Кинилэр үгэстэринэн кыыстарыгар мааны таҥаһын таҥыннаран, киэргэллээх, оһуордаах-мандардаах сыарҕаҕа олордон, икки атахтаах тиийбэт, сылдьыбат ыраах сиригэр, Улуу Маҥан Дуол үөһүгэр, киллэрэн табаларын сүнньүгэ анньан өлөрөн, ол курдук сыарҕалары хаалларан кэлиэ этилэр. Бакамда ону да билэрэ буолан баран, кини уолун дьахтарын туматтар үгэстэринэн уҥуох тутан ыраах-ыраах өбүгэлэрин сиригэр күдэн буолан көппүт уолугар ыыппыта.

      Майынчы кэргэн буолуоҕуттан ыалдьара. Баҕар, онно кини дьонун кыайан-хотон, өлөрөн-өһөрөн, кинини күүстэринэн ойох гыммыттара төрүөт буолбута эбитэ дуу: туматтарга дьахтар буолаат, туохтан барытыттан куттаммыттоллубут курдук, чаҕылыҥнас харахтаах кубаҕай кыысчаан ииммитинэн-хаппытынан барбыта. Үрэн хоһуун кинини тараҥнаппат этэ. Дьахтардаах эр киһи балачча уһуннук олорбуттарын эрэ кэннэ Даҕанча төрөөбүтэ.

      Тоҥ биистэр саба түһэр ол амырыын сахтарыгар Майынчы өлөр