Тулаайах оҕо. Далан

Читать онлайн.
Название Тулаайах оҕо
Автор произведения Далан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5328-5



Скачать книгу

дойдуланаары, олохсуйан көҥүл байаары-тайаары дьон мондоҕойдоохторо, түөрт кырыылаахтара, үс уһуктаахтара, дьулаакыр сулумах даҕаны, үгүс да буолан көһүтэлииллэр этэ. Халыҥ хаардар, уу суттар, уот курааннар буоллахтарына, саҥа сиргэ талаһааччы ахсаана ордук хойдоро. Көһөн кэлээччилэр бастаан күөллэр, маардар, үрэхтэр, бэстэр кытыыларынан хатырык, буор балаҕаннары туттан олохсуйан испиттэрэ. Сүдү күөллэр кытылларын ходуйан сүөһүлэригэр от оттууллара, бэйэлэрэ балыктаан, бултаан аһыыллара. Бүлүү төрүт олохтоохторо, атын сиртэн кэлбит дьону сөбүлээбэккэ, утарсаллара. Ити кыргыс, быһылаан кэмэ этэ.

      Ити ойдуо кэмэ этэ. Бастаан сири булбут, ханнык эмэ сиргэ кэлбит киһи ойдуолуохтаах: үрдүк тумулга, эбэтэр тииккэ тахсан туран, кэлбитин биллэрэн хаһыытыахтаах этэ. Оччотооҕу киһи үөгүүтэ чуумпуга, киэһээҥҥи-сарсыардааҥҥы дьыбардарга тула үс көскө диэри иһиллэрэ. Кини иннинэ кэлбит киһи баар буоллаҕына, бэйэтин хайаатар да биллэриэхтээҕэ. Оттон ким да суох буоллаҕына, ойдуолаабыт киһи ол сиргэ тиити суоран бэлиэ – хойгуо туруоран олохсуйара. Кини кэнниттэн хойутаан кэлбит дьон оннук хойгуону көрдөхтөрүнэ, тохтообокко атын, ким да ылбатах иллэҥ сири көрдүү ааһа бараллара.

      Тоҥ биистэр ыйан биэрбит сирдэригэр Туоҕа Баатырдаах икки хонон үһүс хонуктарыгар тиийбиттэрэ. Тыа саҕатын бүөлүү саба үүммүт хойуу талахтары силэйэн, эмискэ киэҥ алааска көтөн түспүттэрэ.

      Күүкэй тоҥ биис сымыйалаабатах этэ: айанньыттар иннилэригэр кинилэр күүппүт, санааларын ырата гыммыт кэрэ көстүүлэрэ арыллан нэлэс гыммыта. Кип-киэҥ алаас ортотугар төп-төгүрүк бүлтэйбит олус улахан күөл киирэн эрэр күн уотуттан күлүмүрдүү сытара, күөл тула ыга үүммүт оттоох хонуу долгулдьуйа хамсыыра. Алаас тула араас мас, талах олус өлгөмнүк үмүрүччү үүнэн турара. Арҕаа диэки алааска киирэр үрэх тамаҕа эҥэлдьийэрэ. Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх дьиэ-уот туттан олохсуйбут быһыыта биллибэт этэ.

      Бастаан суол тэлэйэн иһэр Туоҕа Баатырдаах тыа саҕатыгар, халдьаайы үрдүгэр аттарын тохтоппуттара уонна түспэккэ, кэлбит сирдэрин чинчийэн көрбүттэрэ.

      – Үтүө сир буолла, – диэбитэ Лүксүрээни ойуун, чарапчыланан тула өттүн көрөн баран, бэркэ астыммыттыы. – Манна тохтуохха, манан бэт бүтэй төбөлөөх мастаах-оттоох, киһи кута-сүрэ тохтуур.

      Миикээн ойуун салгыны тыастаахтык сытырҕалаан ылбыта, кыыраары гыммыттыы, сыҥааҕырдаан аппаҥнаабыта:

      – Аам-аам! Хаан, хаан сыта кэлэр! Арах, арах да! – диэтэлээбитэ.

      Туоҕа Баатыр Миикээн ойуун тылын букатын сөбүлээбэтэҕэ, кынчарыйан баран киэр хайыспыта.

      – Мин да көрдөхпүнэ, үтүө сир, – кини тэмтэрийэ сыспыт атыттан сиргэ ыстанан түспүтэ. – Чэ, түһүҥ, манна тохтуубут. Бөтөстөр, сылгылары, ынахтары үрүйэҕэ үүрэн илдьэн аһатыҥ, алааска киллэримэҥ. Оту тэбистэримэҥ. Сотору киирэн оттообутунан барыахпыт, – ситэн кэлэн тула үмүөрүспүт дьонугар дьаһайбыта.

      – Үрүйэҕэ барымньы күрүө тутуохпут, ону баҕас тулуппат дьоммут, – Тымпыалыкы Сүүрүк, уһун, сылаалаах айан бүтэрэ, дьэ, кэлэн, үөрбүт куолаһынан хардарбыта. – Чэйиҥ,