Название | Тулаайах оҕо |
---|---|
Автор произведения | Далан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5328-5 |
Саха былыргы сэһэнэ
Арҕаа тыа, Бүлүү сахалара туой тумат омугу кытта былыр бэркэ кыргыспыттара үһү.
Маҥнайгы түһүмэх
Хара тҮмэн суолунан
«Маҥан хайаахтыыр мөхсөр дуу?»
Урааннаах уһун күнү быһа айаннаабыт суол-иис диэн омооно да мэлигир, таба аһылыга, лабыкта саба үүммүт иҥкэл-таҥхал куобах уоһа симилэхтэрэ улам сыыйа өрө тахсан, үрдээн барбыта. Тииттэр бөдөҥөөн, сэдэхсийэн, ону кытта хаамар сир эмиэ кытаатан, көнөн испитэ. Бэрт уһун сиринэн эриэн ситиилии субуллубут үгүс ынах, сылгы сүөһү үүрүүлээх, оҕус, ат көлө сэтиилээх айанньыттар сис хайа үрдүгэр тахсыбыттарын билбиттэрэ, сэргэхсийэ түспүттэрэ. Сотору иннилэригэр түҥ тыа арыллан, тараҕай сир көстүбүтэ. Аһаҕас сиргэ тахсыбыттарыгар, тыыннарын-быардарын ыкпыт бобо бааллыбыт бүүрпэх иһин курдук, хамсаабакка турар сииктээх итии салгын чэлгиэрийэн, арыый сөрүүкүүргэ дылы гыммыта – күнү быһа ааспакка-арахпакка саба түһэн супту уулуур бырдах, күлүмэн да сэдэхсийбит курдук буолбута. Дьоннор тиритэн эттэригэр хам сыстыбыт таҥастарын хоҥнорон тыыллаҥнаһан ылбыттара, оттон күнү быһа от диэни салбаммакка, кураанах хара тыаны кэппит сүөһү убаҕас халтаҥ оттоох хонууга дьулуспута, онно бытарыһан киирэннэр иҥсэлээхтик тиниктэспитинэн барбыттара.
Ыыс-араҕас түнэ сонун нэлэкэйдэммит, тугут тириитэ бүүрүктээх үрдүк бэргэһэтин сэгэччи ууруммут бөдөҥ-садаҥ киһи, өһөх тураҕас атыттан ыараханнык ыстанан түһэн баран, кыл дэйбииринэн сапсына-сапсына, нүһэрдик дьаһайбыта.
– Нохоо, Чорбоох, сүөһү үүрээччилэргэ сүүрдэн тиийэн ыл эт эрэ: аллараа, оол көстөр күлүккэ сүөһүлэрин бөрүөрэн өл хаптардыннар. Бөтөстөр уу бастыннар, уот отуннуннар, дьахталлар ас астаатыннар. Манна тохтоон, аттарбытын уоскутан барыахпыт. Аттаах уол, соноҕоһун быһа биэрэн, сүөһү үүрээччилэргэ ыстаннарбыта, онон сүөһүлээхтэр тохтообокко, мэччирэҥнээх сиргэ – хайа тэллэҕинэн сүүрэр үрэх кытыытыгар, аллараа ааһа турбуттара. Сотору ол диэки дьон күүгүнэ, сүөһү маҥырааһына элбээбитэ, уот оттунан, күөс күөстэнэн, онно-манна күөх буруолар тыргыллыбыттара. Хайа үрдүгэр хаалбыттар, аттарыттан түһэн, сиэтэ сылдьан тула көрүммүттэрэ.
– Лүксүрээни кырдьаҕас, били эн түһээн көрбүт, эн этэр хайаҥ үрдүк арҕаһыгар арааһа чугуулаатыбыт эбээт, – диэбитэ кыл дэйбиирдээх тойон киһи, аргыһыгар маҥан баттахтаах, маҥан бытыктаах лэҥкэллибит улахан оҕонньорго. Оҕонньор, сарыы чомпойун устан, сүүһүн көлөһүнүн соттубута, онуоха саннын байаатыгар диэри түспүт маҥан баттаҕа бураллан ылбыта.
– Ытык сиргэ кэллибит. Бу аар-саарга аатырбыт Тараҕай Хайа диэн буолар. Туоҕа Баатыр, айдааннаах айан хааны айаннаан, дорҕоонноох суол хаан ийэни тобулан этэҥҥэ тиийэн кэллэхпит. Этэҥҥэ тиийэн кэлбит ааппытыгар, эһэбит иччитигэр аал