Название | Тулаайах оҕо |
---|---|
Автор произведения | Далан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5328-5 |
– Итиннэ хаһыаҕытый? – Дагдаҕар Баатыр баргыйбыта.
– Кэргэним уонна оҕом бааллар.
Дагдаҕар Баатыр дьонугар тылбаастаан биэрбитэ.
– Бу эбэҕэ тохтоон хонобут. Баран этиҥ сүөһүлээхтэргэ – манна тохтуур гына тэринниннэр. Чэйиҥ, иһирдьэ киириэҕиҥ, аттаргытын илдьэн тыа саҕатыгар баайталааҥ, – диэн Туоҕа Баатыр дьаһайбыта.
Бөтөстөр, үөрүйэх дьон быһыытынан, үгүстүк этиттэрэ барбакка, сорохтор хонук сир көрдүү тэптэрбиттэрэ, сорохтор, тойон дьаһалын тиэрдэ, сүөһүлээхтэргэ ыстаннарбыттара. Туоҕа Баатыр бэһиэ буолан тоҥ биис тордоҕор киирбиттэрэ.
Күүкэй тоҥ биис, бэрт муҥкук сирэйдээх-харахтаах эдэр киһи, кини кэргэнэ, көлөһүннээх сарыы таҥастаах хатыҥыр кыра дьахтар, ыалдьыттарын куттаммыттыы көрсүбүттэрэ. Кыракый уоллара хаҥас диэки таба тириитэ мэҥкэрэ кэнниттэн кутталыттан олус кэҥээбит харахтара эрэ чаҕылыһаллара.
Туоҕа Баатырдаах дьиэлээхтэри кытта кэпсэтэн билбиттэрэ – Күүкэй тоҥ биис үс ини-биилэр эбит. Убайдара табаларын илдьэ тыаҕа бултуу тахсыбыттар. Оттон кини кэргэнинээн балыктыыр эбит. Ити курдук кэпсэтэн-ипсэтэн, билсэн баран дьиэлээхтэр ыалдьыттар иннилэригэр, биэс атыйахха толору кутуталаан, хоргуннаах барчаны аҕалан ууран биэрбиттэрэ. Оттон онтон ылан аһыырга хамыйах да, туох да биэрбэтэхтэрэ. Ону көрөн Туоҕа Баатыр сэрэйэ охсубута уонна дьиэлээхтэргэ эппитэ:
– Дьэ, бу эһиги, тарбахтара сыаланан-арыыланан, охторун кирсин тардыбатыннар, ол аата кыргыһар туһунан санаабатыннар диэн маннык туох да баһара суох аҕаллаххыт. Биһиги да көрбүппүтүн эрэ кырган иһэр дьон буолбатахпыт. Ыл, итини барытын этэн биэр, – диэт, Дагдаҕар Баатырга соруйбута. Дагдаҕар Баатыр тута тылбаастыы охсубута. Күүкэй, саха хоһуунун ыллыктаах тылын истэн, сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэ түспүтэ.
– Бэт сөп, бэрт сөп, – дии-дии хаҥас диэкиттэн мас хамыйах аҕалтаан ыалдьыттарын иннилэригэр уурталаабыта. Ыалдьыттар аһаан барбыттара.
– Биһиги үтүө дьону кытта үөрдүстэрбит, эйэҕэс дьону кытта эҥээрдэстэрбит, дьоһун дьону кытта доҕордосторбут диэн иһэр дьоммут. Эн бу баар-суох аскынан маанылаабыккар биһиги эмиэ хардарабыт, биһиги эмиэ эйигин күндүлүүбүт. Чэй эрэ, Тымпыалыкы, эттэ-аста, арыыта-сүөгэйдэ бу дьоҥҥо биэр эрэ. Саха аһын амсайдыннар.
Тымпыалыкы Туоҕа этэрин кытта элэс гыммыта.
Аһаан-сиэн, тотон-ханан, тииһин-уоһун соттон баран:
– Эн бэт эдэр, сырыыны-айаны кыайар буолуоххун сөп эбит, онон бу чугас эргин ханнык сир-дойду баарын билэриҥ буолуо, биһиэхэ сүөһү-ас үөскүүр үчүгэй сиринэ ыйан кулу, – диэн Туоҕа Баатыр Күүкэйтэн көрдөспүтэ.
Күүкэй онуоха ыйбыта:
– Манна биһиэхэ бултаах-астаах күөллэр даҕаны, от үүнэр сыһыылара, үрэхтэрэ даҕаны бааллар. Биһиги, таба көлөлөөх буолан, окко бэрики наадыйбаппыт. Маннааҕы чугас эргин сирдэртэн бастыҥнара олорор оҕо саҕа соболоох Улуу Лүксүкүн диэн күөл баар. Ону көрдүгүт дуо?
– Ол күөлү көрө кэллибит даҕаны,