Название | Үс Бүлүү айдарыылаахтара |
---|---|
Автор произведения | Сборник |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5529-6 |
Эт быстыбыт сиригэр түөн уураллар. Кыа умайан бүтүүтүн саҕана киһи этин тас тириитин дьөлө сиир. Ол баас бэрт өр оспокко уу, симэһин тохтон киһи дьарҕата оһор (Л.Ф. Кононова).
11. Имэрийии. Тостубут уҥуоҕу оннун булларарга, сүһүөх тахсыбытын төттөрү киллэрэргэ тутталлара.
12. Сэбирдэххэ тартарыы, уртааһын. Ревматизмнаабыт, ньиэрбэтэ ыалдьыбыт, бокоорбут дьону сэбирдэххэ сытыаран эмтээһин. Дьара соҕус дьаама хастаран баран, онно уот оттуллар. Онто чоҕурбутун кэннэ үрдүгэр 15 см халыҥнаах гына собо тыла саҕа буолбут хатыҥ сэбирдэҕин тэлгэтэллэр. Сүрэҕэ үчүгэй киһи онно сытар. Онтон үрдүнэн эмиэ халыҥ гына сэбирдэҕинэн сабаллар, суорҕанынан үллүйэллэр. Ыарыһах пульсун ааҕа туран, ким тулуйбатаҕы сотору туруораллар, тулуйбуту 15–20 мүн сытыаран тартараллар, оччоҕо киһиттэн көлөһүн бөҕөтө тахсар. Ону дэлби сотон баран таҥыннараллар. Ыарыһах тымныйыа суохтаах (Л.Ф. Кононова).
Атах сүһүөхтэрин ыарыытыгар биэдэрэҕэ сэбирдэҕи оргутан ол паарыгар ыалдьар атаҕы уртууллар.
13. Силлээн-домноон эмтээһин. Былыргы ойууннар силлээн-домноон эмтээһини үгүстүк тутталлара. Силлээн эмтээһин ис өйдөбүлэ ыарыы абааһытын тыл этэн, көмөлөһөр күүстэри ыҥыран быһа силлээн таһаарыы, үүрүү, үтэйии, дьалбайыы. Силлээн-домноон эмтээһини былыр күүстээх ойууннар ыытар этилэр. Дьиктитэ, итинник эмтээһиҥҥэ ыарыы сүтэн хаалар түбэлтэтэ үгүс этэ. Маннык эмтиир киһи тылы сатаан туттар, олус үчүгэйдик билэр буолуохтаах. Силлээн эмтээһини уһулуччу баһылаабыт ойуунунан Георгий Герасимович Герасимов буолар. Уот оттон сыт таһааран, алҕаан баран, ыарыһахтарын кэннилэринэн кэрийэ хаама сылдьан, хас биирдиилэрин санныларын хараҕар тайана-тайана ыарыыларын этэттээн биэрэрэ. Онтон бэйэтин алҕанан баран, ыарыыларын силлэтэлээн эмтиирэ. Тирии баастаах, уҥуох сэллигэ буолбут дьон үтүөрэллэрэ. Оннооҕор саркоманы итинник эмтээбит түбэлтэлээх. Дьарааһынап арыгыһыттары эмиэ ити ньыманан эмтиирэ. Тыл этэн уонна алҕаан баран, курданарыгар диэри сыгынньах олорор арыгыһыт киһини кэлэн кыратык имэрийэн көхсүгэр, түөһүгэр, ытыстарыгар сөмүйэтинэн кириэстии бэлиэлэри сотуталыыра. Онтон эмиэ тыл этэн баран, көхсүлэригэр үстэ силлиирэ уонна: «Аны арыгыны иһээйэҕин, иһээри гыннаххына – мин баар буолуоҕум. Сэрэнээр, эппит тылбын кэһээйэҕин», – диирэ.
Ыраах баар ыарыһаҕы ыыппыт таҥастарыгар силлээн баран, төттөрү ыытара. Дьиктитэ диэн итинник эмтэнэн үтүөрбүт дьон үгүс этэ.
14. Гипнотерапевт быһыытынан эмтээһин. Үчүгэй ойуун туйгун гипнотерапевт буолар. Төһө да күүстээх ойуун ыарыһаҕын сатаан уоскуппат, үчүгэй турукка сатаан киллэрбэт буоллаҕына, кини дьайыыта, эмтээһинэ мөлтөөн тахсар. Бэйэтин кэмигэр гипноз ньымаларын айымньылаахтык, үчүгэйдик имитэн-хомутан туттубут киһинэн Василий Лукич Сенькин буолар.
Айылҕаттан гипнозтаах ойууну былыр хомуһуннаах эбэтэр киһи хараҕын баайар диэн ааттыыллара. Былыргы саха ойууннара дьону гипноз