Кырыыстаах таас. Тумарча

Читать онлайн.
Название Кырыыстаах таас
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-2733-0



Скачать книгу

Быһааскы түбэлтэ хатыланыан сөп. Ол аайы куруук Лөкөй Лөгөнтөй көмөтүгэр эрэнэр сатаммат. Ол кэриэтин дьонноох-сэргэлээх сиргэ, маннааҕы бириискэлэргэ хаалан кыра да буоллар кэм хамнас аахсан үлэлээн көрбөппүт дуо?

      Бориска доҕорун ис санаатын бэйэтэ даҕаны бүтэйдии сэрэйэр этэ. Онон ити этиини соһуйа истибэтэ.

      – Сафи, эн этэргин олус өйдүүбүн. Сөпкө этэҕин, кырдьык, маҥнайгы сыллаах эрэйбит тиллибэтэ. Ол эрээри мин эрэлбин сүтэрэ иликпин. Былырыын биһиги кураанах сиргэ хаспыппыт. Быйыл атын сиргэ көрдүөхпүт. Хайа уонна оттон Туора салааҕа уонча ииммит кумаҕын сууйуохпут этэ дии. Хайа дьолбутун онтон булаайабытый?

      Балачча саҥата суох истилэр. Бориска доҕорун диэки чинчилээбит хараҕынан көрөн ылла. Долгуйбуттуу хара, хойуу бытыгын мускуммахтаата. Уулаах аппаны батыһа үүммүт бөлкөй талахтар кэннилэригэр күөх алыыга аттара аһыы сылдьаллара көһүннэ. Сафейка кэрискэ хайалар үрдүлэринэн саҕахха тунаарар боруҥуй былыттар диэки санаарҕаабыттыы көрөн кэбистэ.

      – Эн курдук күүскэ эрэнэрим буоллар, мин даҕаны төннөргө саарыам суоҕа этэ. Туора салаабыт эмиэ былырыыҥҥыбыт курдук аҕыйах кыырпаҕынан муҥурданаарай? Уонна мин киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ уһуннук тулуйан сылдьыа суохпун.

      – Санааҕын аһаҕастык эппитиҥ үчүгэй. Миигин даҕаны чуҥкуйбат диэтэҕиҥ дуу? Сафи, эн биһикки сааспыт тухары көмүс үлэһиттэрэбит. Көмүсчүттэр хайаан даҕаны эрэл сулустаах буолуохтаахтар. Биһиги сулуспут – Халыма. Манна хааллахпытына саллаакка ылыахтарын сөп. Сэриигэ баран өлүөхпүт кэриэтин, бэйэбит үүтээммитигэр бүгэн олорбуппут ордук буолаарай? Наадыйдахтарына биһигини киэҥ тайҕаттан көрдөөн ыллынар ээ.

      Сафейка саҥата суох умса көрөн истэ. Кырдьык даҕаны, кини сэрии туһунан букатын умнан кэбиспит эбит. Мантан саллаакка кэбэҕэстик ылыахтарын сөп. Кини эмиэ Бориска курдук сэриигэ баран сэймэктэниэн баҕарбат. Сафейка сыыйа төбөтүн өрө көтөҕөн, доҕорун диэки сэмэйдик мичилийэн ылбытыгар, сирэйэ сырдыы түһэргэ дылы гынна.

      Бориска махтаммыттыы кинини санныттан кууһан ылла.

20

      Халыма кылгас сайынын оройо. От үлэтин үгэнэ. Борискалаах Сафи Миитэрэйи кытта Балыгычаан төрдүгэр биир отууга хоно сылдьан оттууллар. Быйыл сааскы өттө ардахтаах буолан, от үүнүүтэ өлгөм. Уонча хонук иһигэр үс сүүсчэкэ бугулу туруордулар. Бориска ыстаанын таһынан түһэрбит кыһыл ырбаахытын уолугун нэлэккэйдэнэн, көнөтүк хоноччу тутта сылдьан, кырыытынан кыараҕас-кыараҕастык хааман «битийэн» охсор. Сафейка Миитэрэйи үтүктэн, умса түһэн имиллэҥнээн бытааннык барар. Үһүөн дьүккүөрдээхтик илиилэрин араарбакка үлэлииллэр.

      Уолаттар тойонноро санаа хоту табыгастаахтык эргинэн кэлэн, бэркэ көнньүөрэн сылдьар. Аҕыс акка ыҥырдан таһаарбыт табаарынан эргинэн, күн аайы дьиэтин таһыгар дьон бөҕө тоҕуоруйар. Кыһыны быһа чэйэ, табаҕа суох муунтуйбут дьон хабалаҕа киирэллэрин кэрэйбэттэр, иэс ылан бараллар.

      Борискалаах хамнастарын аахсан, биир куул бурдугу, балайда чэй, табах, саахар, сэп-сэбиргэл, быа-туһах, таҥас ылынан, биир