Название | Киһи биирдэ олорор |
---|---|
Автор произведения | Софрон Данилов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 1973 |
isbn | 978-5-7696-2349-7 |
Ытыы сытаахтыыр. Суонда Кыычаны хомотон, санаарҕатан, биир эмэ таммаҕы түһэртэриэм, ону ааһан ытатыам, уһун суолу быһа хороччу кэлгийэн хараҕын уутунан сууннарыам диэн хаһан да санаабатаҕа. Хата: “Кинини атаҕастыыр, күөмчүлүүр киһи мин өлөр өстөөҕүм буолуо, кинини хайа кыайарбынан бары куһаҕантан, эрэйтэн, кыһалҕаттан көмүскүөм, бары алдьархайтан араҥаччылыам, кини үөрэ-көтө сылдьарын туһугар тыыммын даҕаны кэрэйиэм суоҕа”, – диирэ. Барахсаным сыыһа бу барыта кини туһугар, кини туһатыгар оҥоһулларын, Суонда киниэхэ наар үтүөнү, үчүгэйи эрэ баҕарарын өйдүүрэ буоллар дуу! Тылынан инньэ диэн быһааран биэриэҕин Суонда ол ким биэрбитинэн оннук саҥаран чуопчаарыаҕай. Айыы таҥара ханнык дьоллоохторго устар ууну сомоҕолуур уус тылы биэрэрэ эбитэй! Суонда сордоох биэс тылы да сатаан холбоон саҥарбат. Саҥарыан кэриэтин оҥорорун ордорор. Ону сорохтор ааргы, акаары дии саныыллар. Тылынан да тылыбыраабатар, кини көҥдөй көхсүн иһигэр тугу барытын буһара сылдьарын билбэттэр. Кинини оҕус курдук халыҥ тириилээх, балык курдук тымныы хааннаах дии саныыллар. Киһиэниттэн эрэ уйаҕас уйулҕа, киһиэниттэн эрэ итии хааннаах сыгынньах сүрэх киниэхэ баарын билбэттэр. Киһи билэр буоллаҕына, ону арай Кыыча билиэн сөп этэ. Кини эрэ. Баҕар, ону билэр буолан, хомойон, хоргутан, кэлэйэн, ити ытыы иһээхтиирэ буолуо. Барахсан бэҕэһээ киэһэ көрөөт моонньуттан кууһа түспүтэ ээ…
Суонда таһырдьаттан киирэригэр кыыс кыра эрдэҕинэ “Суонтаа!..” диэбитинэн утары сүүрэн далларыйан иһэрин субу хараҕар көрөргө дылы гынна. Кыысчаан төбөтүн минньигэс сыта муннугар субу биллэн кэллэ. Устунан кини кэҥэриитэ аһыйан барда. “Мөҥүмэ, хоргутума даа, чыычааҕыам. Оо, олох кыһалҕата арааһы, киһи үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын даҕаны оҥотторон эрдэҕин. Таҥара көрөр, мин маннык буолуон букатын баҕарбатаҕым. Кыыһырыма даа, тоҕойуом…”
Суонда, көхсө улам нүксүйэн, төбөтө улам санньыйдар санньыйан истэ…
Бу хам кэлгиллэн сытан Кыыча санаата бүтүннүүтэ кэннигэр. Кэннигэр – туманынан оргуйа хаалбыт куоракка, техникумҥа, бииргэ үөрэнэр оҕолоругар. Кини өтөрүнэн төннүбэт суолугар киирдэ быһыылаах. Аҕата аны кинини ытарча ытыһыттан ыһыктара биллибэт. Манан үөрэнэн бүппүт буоллаҕына да боруок суох. Аргыылап оҕонньор дьахтар элбэх үөрэхтэнэрин сөбүлүө суохтаах. Итиэннэ кыыһын коммунист, комсомол уйата куоракка ыытарын даҕаны кэрэйиэҕэ. “Онон дьэ, быраһаай, Якутскай! Быраһаай, техникум! Быраһаайдарыҥ, ыарыһахтарым! Доҕотторум…” Ити эрээри бу балтараа сыл устатыгар кини соччо-бачча доҕоттордоммокко эрэ арахта дуу, тугуй?