Название | Буолар да эбит |
---|---|
Автор произведения | Огдо |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3773-5 |
Оттон Татыйык кырдалга тиийэн, олус сөбүлээбит маҥан сото хатыҥнарын быыһыгар куруук тохтуур сирдэммиччэ, оргууй олоро биэрэр уонна түргэн үлүгэрдик бүгүн ааҕа охсуохтаах билиэттэрин хасыһан, кинигэтин эргитэ сылдьан, аахпытынан барар.
Ол сөп. Күн аллара түһээри оҥостуута Кириил кэлиэхтээх. Чугастааҕы сайылыкка көспүт ыанньыксыттарга сорудаҕын тиэрдэн, «оокколорун» көрөттөөн баран, матасыыкылынан сыыйылыннаран манна таарыйыахтаах. Оччоҕо кинилэр олорон эрэн ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтиэхтэрэ. Куоракка үөрэнэ барар эдэр кыыс сылдьыахтаах уонна тумнуохтаах сирдэрин сиһилии сэһэргиир эдэр уол бүппэт кэпсээнэ, көр, оннук, олус умсугутуулаах. Ол иһин Татыйык бүгүҥҥү ирээтин бүтэрэ охсон, киэһээҥҥи хаһаас чааһыгар сололоох тиийэр туһуттан аралдьыйбакка ааҕар, кумааҕыга быыстала суох садаачаларын суоттуур…
Татыйык Кириил бэтэринээри бастаан утаа, били андаатар бэргэһэлээҕин иһин ини, саастаах баҕайы курдук көрбүтэ алҕас этэ. Уол, хайа, баара-суоҕа сүүрбэ түөртээх буоллаҕа, хайаан кырдьаҕас дьон ахсааныгар киирдэҕэй? Онуоха эбии эдэрдии тэбэнэтэ, мэнигэ-тэнигэ сыттаҕа. Ардыгар кыыс, Кириил кинини олус оҕотук курдук көрөн, «оттон биһиги, кырдьаҕастар, итини маннык тойоннуубут» эҥин диэн дьээбэлэнээри гыннаҕына, отой сөбүлээбэт. Өһүргэнэ сыһан үтүктэн ылааччы: «Оннук ээ, эһиги, кырдьа барбыт дьон, этэргит итинтэн ордууһук дуо», – диэн төттөрү элэктээччи. Оччоҕо уол, бу оскуоланы саҥардыы бүтэрээри сылдьар эрээри, оттомноох бөҕө киһи атыннык сыһыаннаһыыны эрэйэрин тута өйдүүр, көннөрүнэр аакка барар.
Кириил куорат туһунан бэркэ кэпсиир. Сэргэлээх уоттара дьиктитин, тоҕо ырыаҕа холбообуттарын, араастаан эргитэн сэһэргиир. Киһи эрэ истэн олоруон курдук. Хас биирдии түгэн бэйэтэ туспа остуоруйалаах. Мэлдьи эдэрдэр сыһыаннарыгар тиийэ турар, онто – таптал кыбытыктаах. Ол эрээри кэпсэлгэ киирбиттэртэн үгүстэрэ табыллыбатахтара, ааһа баран, ардыгар олус хомолтолоохтук түмүктэнэллэрэ кинини долгутар.
– Кириил, ити эн соруйан оҥорон кэпсиигин дуу, эбэтэр кырдьыгы этэҕин дуу? Сэргэлээххэ биир да табыллыбыт олохтоох ыччат суох дуо? Тоҕо барыта, индийскэй киинэ курдук, киһини ытатыах айылааҕый? – Татыйык биирдэ дьиибэргээн ыйыппыта.
– Татыйык, ити барыта биир сыл үһүгэр буолбут үһүө? Номох кэриэтэ, уостан уоска түһэриллэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиийэ, кэпсээҥҥэ сылдьара итиччэ. Табыллыбыттар, тапталлара дьолу бэлэхтээбит өттүлэрэ киһини үөрэтэр туохтаахтарый? Бэйэлэрэ бэйэлэригэр, быраабылаҕа баар курдук, таптаһа-таптаһа, ньыдьыраан аҕай олордохторо дии, уу чуумпутук, чэп-чэпчэкитик. Байан-тайан олорбуттара