Название | Буолар да эбит |
---|---|
Автор произведения | Огдо |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3773-5 |
Валентина Павловна барахсан ол да иһин оҕото-уруута суох сааһын моҥообут. Оттон майгыта олус үчүгэйэ, аһаҕаһа, аһыныгаһа бэйэтин киэнэ. Үксүгэр, төрөөбөтөх-ууһаабатах дьахтар түтүө-татаа соҕус, киҥнэнэр дииллэрэ киниэхэ ханан да сыһыана суоҕа.
Онон, кини Маринаны уоскуппута, олох араас өрүтүн сатыырынан быһаара сатаабыта. Ол да буоллар, кыыс муҥатыйара тохтооботоҕо. «Павловна эрэйдээх усулуобуйата атын, биричиинэтэ биллэр буоллаҕа. Оттон биһиэнэ?» – диэн, саатар ханнык эмэ, харданы ирдиир ыйытык аны кини сүрэҕин кэбийэр идэлэммитэ…
Марина хаста да Олегы баран иккиэн көрдөрүнүөх диэбитин, кини мэлдьи бокуойа суох. Кыыс, чугастааҕы оскуолаҕа куруһуок ыытар буолан, үксүн син бириэмэлээх, оттон уол күнү-күннүктээн дьарыктанар икки, үөрэнэр икки. Онон, арааһа, быраастанарбыт, бэрэбиэркэлэнэрбит тохтоору гынна диэн эрэлэ симэлийбитэ, кинини долгуппута ыраатта.
– Маринка, чэ эрэ, хайыыбытый? Аныгы нэдиэлэҕэ уочараттаан көрөрбүт дуу? Мин босхолоннум, оруобуна биэс күннээх сынньалаҥ буолаары гынна, – диэн биир чэппиэр киэһэ Олег үөрэн-көтөн кэлбитэ.
– Чэ, бэрт эбит, хата, ордубут күннэргэ чугас ханна эмэ экскурсиялаабаппыт дуо? – кыыс эмиэ үөрэ түспүтэ.
Көрдөрүнүү түмүгэ сүрдээх судургу этэ: барыта э-тэҥ-ҥэ! Ол аата киһи долгуйарыгар туох да төрүөт суох. Этэҥҥэ буоллахха, иннилэригэр бүтүн олох кинилэри күүтэр! Чахчы улахан үөрүүнү бу быһаарыы аҕалбыта. Ол долгунугар оҕустаран, күннээҕи сүгэһэртэн босхолонон, бэркэ чэпчээбиттии санаммыт эдэр дьон тугу киһилиэхтэрэй? Марина сыл түмүгүнэн куруһуога хайҕаммыта, Москуба дьоно олус сэҥээрбиттэрэ. Оттон Олег, диссертациятын чаҕылхайдык көмүскээн, салгыы чинчийэр үлэҕэ мэктиэлэммитэ.
Киһи барахсан – санаатынан ээ. Дьокуускайга кэлэн, иккиэн үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Марина эмиэ оскуолаҕа барбыта, Олег университекка киирбитэ. Сылтан сыл булгу туох эрэ сырдыгы, ырааһы, сонуну аҕалыахтааҕар эрэл улахана эбээт. Ол эрээри ол да эрэл өлбөөрөн барбыта, иккиэннэрин туох эрэ көстүбэт сабыдыал тууйара. Сарсыарда иккиэн бииргэ тураллара, сиирэ-халты чэйдии