Название | Буолар да эбит |
---|---|
Автор произведения | Огдо |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3773-5 |
Сатана уола баара, дьыала ойуутугар үһүө-ө? Ону баара, Татыйык бу, бэйэлээх бэйэтэ, икки сыллааҕыта атыыласпыт хайыһарынан сылдьар. Сөбүлүүрэ бэрт, үөрэммитэ да оччо. Оттон саҥа хайыһар син саҥа курдук, моһуоктардаах. Бачыыҥката кэҥэс курдук, ыйааһына эмиэ ыарахан соҕус, үчүгэйдик дьаһайан маастаатахха эрэ барыах айылаах. Биир тылынан саҥа көлөнү сыһытар наада. Тостубатар эрэ, бу эргэтэ баҕас ордукка дылы. Субу күрэхтэһии буолаары турар. Онуоха диэри саҥа хайыһарга үөрэниэ биллибэт…
– Кыысчаан, бу суолунан бардахпына, хас килэмиэтирдээххэ тиийэбиний?
«Килимиэтир» буолан… биһиги биэрэстэ диибит, бу хантан кэлбит, нууччатымсыйбыт киһитэй» диэх санаа киниэхэ охсуллан ааста.
– Биэстээх суола ити, ол үстээх сытар, оттон бу – иккилээх, – кыыс саҥа хоту быһааран баран эргиллибитэ, хаһан да харахтаабатах эдэр киһитэ, андаатар бэргэһэтин ханньары уурунан, кинини одуулаан, ойоҕос диэки тэйиччи нэлэйэн-хотойон турар эбит.
– Оттон оччоҕо эн хастаахха баран иһэҕиний? – киһитэ салгыы ыйытааччы буолла.
– Мин? Мин… мин бастаан биирдээххэ, онтон биэстээххэ барыам… – киһитэ тоҕо ону туоһуласпытын мунаардар да кыыс хап-сабар хардарда.
– Оччотугар мин эмиэ эйигин кытта бастаан биир килимиэтири сүүрүүм ээ, туох баарый. Көҥүллүүгүн дуо? – күлэ мичээрбит уол тиистэрэ кэчигириир.
«Хайалара буоллаҕай, абытайбын да, бачча сылааска, чараас бэргэһэтэ суох буоллаҕа дуу» тоҕо эрэ итинник санаатар даҕаны, Татыйык таһыгар тугу да таһаарбата, оргууй аҕай сыыйылыннары тэбэн истэ. Уол эмиэ саҥата суох кэнниттэн тэйиччи соҕус сырылыыра иһиллэр.
– Кыысчаан, хайа, сүрдээҕин сүүрэр эбиккин дии?
Итиниэхэ кыыс хайдах хардарыан билбэтэ. «Ээх» диэтэххэ киһиргиир курдук буолууһук.»Суох» диэтэххэ эмиэ сатабыла суох. Кини бэркэ сүүрэрин билбэт киһи манна суох. Оччотугар оонньоһор кэриэтэ тахсыыһык. Онон Татыйык бу да сырыыга, айылааҕын, саҥарыа суохпун диэн биири санаата.
– Ээй… тоҕо саҥарбаккыный? Саатар ааккын билбэт эбиппин буолбат дуо? – тугу эрэ булгу эрэйэрдии, эдэр киһи арахсан биэрбэтэ.
Субу ситэн кэлбэтэ эмиэ дьикти, Татыйык, дьиҥэр, аа-дьуо иһэр ээ. Кэнниттэн иһэр киһи баар диэн быйылгы эрчиллиитин эһэр санаата суох. Икки кэриҥэ биэрэстэни наллаан эргийэн баран, биир күдьүс күүскэ түһүнэн, биэһи куоһардаҕына бүгүн уолдьаһыахтаах этэ. Ону баара бу билбэт эдэр киһитэ кинини аралдьытыыһы дуу, үөдэн дуу…
– Кыысчаан, мин Кирилл диэммин. Оттон эн? Мин манна бэтэринээри солбуйа кэлбитим да, букатын хаал диэн соруйсуу бөҕөлөр. Сопхуос маннааҕы отделениетыгар үлэлиибин, хонтуораҕа. Ол эрээри олоруом дуо? – эдэр киһи күлэр. – Мин килийиэннэрим, саҥа төрөөбүт ньирэйдэр, былырыыҥҥы торбостор уонна сыһыыга сылдьар сылгылар «бараҥҥын, салгынна