Буолар да эбит. Огдо

Читать онлайн.
Название Буолар да эбит
Автор произведения Огдо
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3773-5



Скачать книгу

дьылга барбыта дии? Ол барыан иннинэ, быраас ыспыраапкатынан, чып кистэлэҥинэн, үөрэҕэр холкутук сылдьарга, деканакка бирикээс таһаартаран, көҥүл ылбыта. Ол иһин олунньу саҥатыгар биирдэ кэлбитэ. Арай, хоһугар таҥкынаан киирбитигэр, киэһээҥҥилэрин аһыы олорбут кыргыттара хара-чачайа сыспыттара. Кинилэр иннилэригэр, саҥа кип-киэҥ сонноох, ханнык эрэ көнтөрүк баҕайы дьахтар баар буолбута. Ол Татыйык этэ. Онтон соһуйан уой-аай бөҕө буолбуттара, балачча бөкүнүйбүт кыыстарын эргитэ сылдьан көрбүттэрэ. Кириил, кэргэнин тиэрдээт, төттөрү айанныыр аакка барбыта.

      – Хотуой? Бу туох ааттааҕынан мааныланан маннык үлүгэр уойдуҥ? – этэн көрө-көрө, күлүү оргуйан олорбута.

      – Арааһа Саҥа дьыллааҕы арбуһун бэйэтэ ыйыстыбыт! Бэйи эрэ, биһиги барахсаттар хайдах маны эрдэттэн билбэтэхпитий, ээ?! – дэһии ити киэһэнэн намыраабыта.

      Татыйык аа-дьуо үөрэнэн барбыта, өр гымматаҕа, барыларын ситэ баттаабыта. Итэҕэһи-быһаҕаһы дьаһана охсон, үөрэҕин кимиилээхтик ылсыбыта. Сорох сороҕун преподавателлэртэн быһа көрдөһөн бэриэт ылан кэниспиэктэнэн, сааскы эксээмэннэргэ бэйэтэ оргууй бэлэмнэнэн барбыта. Кини кулун тутарга быыһанарыгар Кириилэ баар буолуохтааҕын кыргыттар сэҥээрэ истибиттэрэ. Уоппускалаах уол, кэллэҕинэ, били мантан тэйиччи да буоллар, аймах оҕонньорго дьукаахтаһыахтаахтарын кэпсэтэн бүппүт эбит. Онон, барыта былаан быһыытынан, орун-оннугар курдук. Арай, дьүөгэ кыргыттар, талыы киирэн татакалатар түгэнигэр Татыйыкка көмө буоларга наадалаах устурууксуйаны күтүөттэн эмиэ ылан тураллар.

      Итинник этэҥҥэ быр бааччы олордулар. Кулун тутар ый бүтүүтэ, биир сарсыарда Татыйык үөрэҕэр хойутуу тиийиэм диэн сытан хаалла. Киэһэ кыргыттар кэлбиттэрэ, киһилэрин онно оҥос, миэстэтэ мэлис. Ол оннугар остуолга сурук сытар. «Кыргыттар, ыарыйдым. «Скорайы» күүтэбин. Вахтаҕа эрийиэм, күүтээриҥ. 10 ч. 15 мүн.» диэбит. Хостоохтор өрө аймана түстүлэр. Ити аата сарсыарда үөрэҕэр ыалдьан барбатах, онтун ситэри эппэтэх диэн мөҥүтүннүлэр. Ким эрэ вахтаҕа сүүрдэ. Ким эрэ ыаллара хосторго тугу эмэ сибикилээри ыстанна. Тиһэҕэр, туох да сонуна суох төттөрү суккураһан киирдилэр. Чэйдээри тэриннилэр. Ааны ким эрэ тоҥсуйда.

      – Аллара, төлөпүөҥҥэ ыҥыраллар, ким эмэ түһэр үһүгүт, – диэн, илдьиккэ кэлбит сирэйин да көрдөрбөккө туран, аан кэтэҕиттэн иһитиннэрдэ.

      Муокка ыстанна ээ. Сотору төннөн кэлэн иһитиннэрдэ, Татыйык оҕоломмут. Үчүгэй үһү. Сарсыарда, мантан тиийээт, 12 чаас эргин быыһаммыта эрэ баар буолбут! Итинник сонуннаах үөрэ-көтө олордохторуна, били маарыын аймаабыт ыаллара кыргыттар киирэн сурастылар, эҕэрдэлээтилэр.

      – Хайа, оттон оҕоҕут кыыс дуу, уол дуу?

      Муокка чэйигэр чачайа сыста. Кырдьыга даҕаны! Ким билиэй? Үчүгэй да үчүгэй дэһии быыһыгар, ыксалынан кэпсэтиигэ, хата, букатын да өйдөөн итини эрэ чуолкайдаабатах. Онон сарсын эрэ билэргэ тиийдилэр…

* * *

      Татыйык, кырдьык, ыҥырбыт «Скорайа» бэркэ кэлэн, быраастара холку бэйэлээхтик илдьэн балыыһатыгар туттарбыттара эрэ кэрэх. Омуннаан эттэххэ, уот абытай ыарыыта,