Буолар да эбит. Огдо

Читать онлайн.
Название Буолар да эбит
Автор произведения Огдо
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3773-5



Скачать книгу

буолуой? Марго этэринэн, өскө Петр Егорович билбит да буоллаҕына, кинини дьахтар курдук таптаабатын быһыытынан, саатар эрэ диэҕин сөбүгэр дылы. Дуогабарынан, уопсай сөбүлэҥинэн олороллор быһыылаах буолбаат? Убай-балыс сыһыаҥҥа киирбит дьон хардарыта тулуйсан эрдэхтэрэ дуу?

      Оттон Марина? Бука Олег кинини таҥнарбытын сөбүлүө суохтааҕа буолуо ээ… Ол эрээри кини, кэнники сылларга, кэргэн киһи кэлэригэр-барарыгар наадыйбатыттан сылыктаатахха, итиниэхэ биричиинэ буолуох курдук эмиэ туох эрэ баарга дылы… Дуу, бэйэтэ туһунан атын сиргэ олохтооҕо дуу?!

      Итиниэхэ маарынныыр араас санаа эргийэ-урбайа, киирэ-тахса кини төбөтүгэр элэҥниириттэн илистэ быһыытыйбыт Олег, саҥа аллайбытынан, олоро биэрдэ:

      – Тууй-сиэ! Арааска бары тиийэн… Үчүгэйим бэрт ээ. Бэйэм буруйдаах олорон, аны, Маринабын онно-манна күтүрээтэхпин көр… – диэн сэмэлэнэ оҕуста, туран чаанньыгын оргута уурда…

      Эмиэ төлөпүөн тырылаата. Саарыы түһэн баран, Олег баран иһиттэ. Марина эбит.

      – Олег, мин сарсыҥҥынан бүтэбин. Эн уоппускаҥ хайастай?

      – Ээ, оттон бу, манан бүттүм да курдук… Өрөбүл кэнниттэн бирикээс тахсыа диэбиттэрэ…

      – Оччоҕо… оччоҕо мин мантан оҕолорбун ыыталыам этэ. Эн бу эргин сынньана түспэккин дуо? Сайылыы тахсыахха хайдаҕый?

      – Бэрт этэ, бэрт буолумуна, Марина! Итиччэтигэр мин хомунуом уонна күн сарсын тиийиим, хайдаҕый?

      – Тыый, оттон наһаа бэрт буолсу! Кытаат, хомуна охсоор, таарыччы ыскааптан мин саһархай сарапааммын уктаар эрэ…

      Кэргэнэ эрийбитин, туохтан эрэ быыһанар суола кэмниэ кэнэҕэс дьэ арыллыбытын курдук, истэ үөрдэ. Хайдах эрэ эрдийдэ, төбөтө дьэҥкэрдэ. Бу быыллаах-чааннаах куораттан, бу, эрэ-эмискэ ааҥнаабыт кыһалҕаттан, сип-сибилигин ыраата эрэ охсор санаа кинини бу сырыыга тиэтэттэ. «Айыкка, уоппускаламматах ыраатта, тыаҕа тахсыахха, көй салгыҥҥа, сүүрүктээх ууга… баран ыраастаныахха, сайҕаныахха, таарыччы өйү-санааны сааһыланыахха…» диэн киксэрэр кэриэтэ чабырҕайа кэйиэлээтэ, оломо оонньоото…

* * *

      Татыйык сааскы сиэссийэтин эрдэ бүтэрэн, бэс ыйын саҥатыгар дойдутугар тиийэн кэлбитэ. Инньэ гынан, сүбэ быһыытынан, этиллибитин курдук оруобуна сиэссийэ бүтүүтэ, ыһыах саҕана, кыргыттара эксээмэннэрин бүтэрэн кэлиилэрэ диэн быһа холоон, сыа сиир сыбаайбаны сыа-сым курдук тутан тэрийэн кэбиспиттэрэ. Кэргэн тахсар кыыс мааны былаачыйатын, хоһун кыргыттарыныын куоракка сылдьан, мунньах бөҕөнөн, элбэхтэн талан ылбыттара. Атынын, ол фататын, бэрчээккитин уонна үүт маҥан түүппүлэтин Кириил ыаллыы дэриэбинэҕэ тахса сылдьан атыылаһан аҕалан бэлэхтээбитэ.

      Саҥа ыал буолбут дьон Маппыайаптарга олохсуйбуттара. Тиит, эдэрдэргэ анаан, туспа дьиэни тутабын диэн сыбаайба ыалдьыттарыгар иһитиннэрэн соһуппута. Татыйык бииргэ үөрэнэр дьүөгэ кыргыттара, бука бары атын оройуон оҕолоро, сонун сиргэ астыктык сынньанан, сөҕөн-үөрэн дойдулаабыттара. Ол эмиэ саныахха олус үчүгэйэ, барыта этэҥҥэ, үөрүү-көтүү аргыстааҕа санаа хоту этэ.

      Сыбаайбалаабыт Кириил күһүөрү