Название | Бүтэһик ботуруон |
---|---|
Автор произведения | Май Емельянов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-4561-7 |
Сарсыарда, мин дьуһуурустубам кэмигэр, арааһа, түөрт-биэс чаас диэки буоллаҕа буолуо, дьэ, доҕоор, үөһэ мэҥэ халлаан диэки туох да сүрдээх улахан тыас тоҕо барбат дуо? Мэктиэтигэр халлаан хайынна диэх айылаах эбэтэр били байыаннай истребитель көтөн тахсар тыаһын курдук дэлби барда. Оннук икки төгүл төхтүрүйэн тыаһаата. Мин туран урут итинниги истибэтэх буолан тулуйбатым, үсүһүн тыаһыыр кэмигэр дурдаттан өҥөйөөччү буоллум. Арай, доҕоор, үөһэттэн тоҥ сылгы сааҕын тамнаабыт курдук кустарбыт атахтара сарайан бу түһэн иһэллэр эбит! Кынаттарын холбуу тутаннар кэллилэр да, үөс-батааска биэрбэккэ, биир эргиир сыыһын оҥордулар да, күөл ортотун диэки түһүнэн кэбистилэр. Эчи элбэхтэрин, быһата, 70-ча быһыылаах этилэр, дьоммун туруорар аакка түстүм. Бары туран сэргэхсийэ түстүлэр. Арай биир эдэр уол баара кыратык этитэ түһэн баран турда, кэлин үөрэниэ диэн буолла. Ити итинэн хаалла. Түспүттэрэ чаастан ордубутун кэннэ уҥуоргу дурдаттан биир киһи аа-дьуо тахсан мас тыыга олорон, күөл үөс өттүн тутуһан эрдэн киирэн барда. Маҥнай утаа син түргэн соҕус этэ. Кэлин отой эрдэрэ бытааран, тыал үрэринэн эрэ барар киһи буолан биэрдэ. Хайысхатын көрдөххө, биһиги диэки иһэр эбит. Ити тухары кустарбыт күөл ортотугар өрө мөхсө, булумахтана сырыттылар, айдаан-куйдаан, биир кэм «а-аах, а-аах» бөҕө буоллулар. Ол быыһыгар кустарбыт, кууруссалар курдук, ууну омурдан иһэллэр быһыылаах, үөһээ диэки сотору-сотору төбөлөрүн таҥхатан ылаллар, көрүөххэ кэрэтэ сүрдээх. Дьэ туран, били күөл ортотугар баар кустарбыт кэннилэрэ өссө хаҥаан иһэр, кэлэн эбии түһэ тураллар. Ол быыһыгар туора соҕус туттаннар андылар эмиэ түһэргэ дылылар. Син биир мончуукка түһэр кэриэтэлэр быһыылаах. Күөлбүт ортотугар кустарбыт бирээмэ болуот курдук көстөллөр. Тыылаах киһибит кирийэн, сирэйин кистии соҕус туттар быһыылаах. Аа-дьуо устан, биһиги диэки туһаайан кустары үүрэн иһэр. Тоҕо үүрэн диэтэххитинэ, били куспут үөрэ оруобуна субай сүөһү курдук, биллэ-биллибэттик үтүрүллэн устан иһэллэр, сорох ардыгар кынаттарынан сапсынан ылаллар. Саҥа-иҥэ отой суох буолбут, төбөлөрүн ньыкыччы туттан усталлар, сорохторун төбөлөрө отой да көстүбэт кэриэтэ. Ол иһэннэр үөскэ анды мончууктарын ааһан иһэн эмискэччи сырсан киирэн бардылар. Сорохтор көттүлэр, дайа-дайа туох да тулуйбат саҥатын-иҥэтин түһэрэн көтөн кэллилэр да, мончууктарга сапта түстүлэр. Үрүт-үөһэ үмүөрүһүү, анньыһыы, тура-тура сапсыныы бөҕөтө, эмиэ да уулуурга дылылар. Биһиги сүрүн ытааччыларбыт холбуулларын кэтэһэн иһийэн олордубут. Төһө эрэ кус буолла, арааһа, 80-тан лаппа тахса ээмиллэ буолла быһыылаах. Дьэ туран, хамаанда бэриллээтин