Бүтэһик ботуруон. Май Емельянов

Читать онлайн.
Название Бүтэһик ботуруон
Автор произведения Май Емельянов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4561-7



Скачать книгу

тиниктэһэ сылдьан оҥочотун аннын дьэ өҥөйөн көрдө. Онто баара, куорпуһун анна бүтүннүү түөрт илии курдук халыҥнаах муус болгуо буолан сылдьар эбит. Ол иһин да мотуора кыаммат буолан хаалбыт эбит. Өссө Чабдаҕа хоммута буоллар, кэлэрэ да саарбах эбит. Хайдах саҕалыаҥ да, оннук бүтэриэҥ дииллэр. Кини саҕалаатаҕа эрэ дии, ити бастакы моһоло этэ.

      Үүтээҥҥэ хонон баран, сарсыныгар киһитэ эрбээбит саһаанын көрдөөн булбата, сымыйалаабыт эбит дии санаата. Ол иһин да биэрэктэн анньынарыгар куорпус иһигэр Куола тутааҕа суох илии эрбиитин быраҕан биэрбит. Бэйэтэ бөһүөлэккэ киирбитин кэннэ өрүс туран, мууска хаайтаран хаалбыт этэ. Бөртөлүөтү кэтэһэн көрбүт да, мэлийбит. Онон Балыарка 40-ча хонукка соҕотоҕун эһэ-бөрө дойдутугар, уокка оттор бэлэм маһа суох күһээн турар. Оттор бэлэм маһа суоҕун, киһитэ кэмигэр кэлбэтэҕин кини моһолунан аахсыбат.

      Иккис моһолго хаар түһэн үллүктүү турдаҕына Улахан Хомустаахха балыктыы сылдьан түбэстэ. Сарсыардаттан икки сааны туора-маары сүгэн, илим көрө барда. Аара бочугурас үөрүгэр түбэһэн, тоҕус бочугураһы хаалларда. Син бултуйбут киһи курдук сананан, илимниир сиригэр барда. Улахан Хомустаах диэн аҕыс-тоҕус биэрэстэ усталаах суорба таас хайа анныгар сытар сүүнэ улахан күөл. Былыргыта боротуока эбитэ буолуо. Күөлгэ тиийиэх иннинэ биир кыракый тээргээн устун бараҕын. Күөлгэ киирэргэр талах быыстаах хатыҥ чараҥ курдук дүбдүр сири туоруугун. Онно илимнээбитэ хаһыс да күнэ. Күөл аллараа атаҕа тумус тыаны өрө эргийэр. Ол диэки көрбүтэ, кытыыттан 50-ча миэтэрэ үөскэ хатыҥ охтубутун курдук арбай сытар. Хаар үрдүгэр түһэн тугун-ханныгын чуолкай быһаарбакка, хас да күн кыһаллыбакка сырытта. Тумус аттынан күөл устун ыраахха диэри барар.

      Дьэ ол бочугурастаан эҥин тиритэн-хорутан иһэн күөлү талахтар быыстарынан өҥөйөн көрдө. Хаар намылыччы түһэ турар, сылаас бөҕөтө. Били арбайын диэки көрбүтэ, доҕоор, күөл ортотугар күтүр улахан бөрө тугу эрэ тардыалаһан сии ахан турар эбит! Соһуйан өлө сыста, санаатыгар, көннөрү убаһа саҕа. «Оо, бириэмийэ бэйэтинэн кэлэн биэрбит» дии санаата да, сээкэйин турар сиригэр быраҕаат, сабыс-саҥа СКС харабыынын туппутунан, бэрт тиэтэлинэн күөл кытыытыгар баар оҥойго киирдэ. Бөрө олох билбэт, тиниктээбитин курдук тиниктэһэ турда. Саатын сыалын 200 миэтэрэҕэ туруоран баран, сөһүргэстээн олорон ытан саайда. Ытарын кытта бөрө илин өттүнэн мууска умса түһэн ылла уонна кэннинэн чугуруҥнаата. Дьыала үчүгэй буолла диэн, Балыарка күөлгэ сүүрэн киирдэ, санаатыгар, чугастан дьакыйыам диир. Эмискэ бөрөтө кини диэки хайыһан ылла уонна оргууй аҕай күөл атаҕын диэки сүөдэҥнээтэ, устунан өрүһүнэн ойуолаан киирэн барда. Тохтуо диэх курдук, хайдах эрэ туран хаалла. Онтон өйдөнөн күөл уҥуор тиийэн эрдэҕинэ биирдэ ытан хаалла да, бөрөтө маары аҕыйахта ойон кэбистэ. Кыһыы бөҕө буолла. Саатар, суолун көрөөрү күөл баһыгар тиийдэ. Бөрөтө суолун икки өттүнэн хаана бырдаҥалыы-бырдаҥалыы бара турда. Онтон олох да ороҕор киирэн көстүбэт буолан хаалла. Киһим бэйэтэ-бэйэтиттэн кэлэйэн, мууска олоро түстэ, хата сөрүүкээн, сынньанан абыранна. Туран