Булумньу оҕо. Татьяна Находкина

Читать онлайн.
Название Булумньу оҕо
Автор произведения Татьяна Находкина
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3423-9



Скачать книгу

былырыын эбэтэ өлөн, олох тулаайахсыйан, ким сээн диэбитинэн сылдьар уолу куруутун аһына көрөөччү. Дьиҥинэн, Ника олус куһаҕана суох уол. Киһи быһыытынан чычаас, холку, наҕыл, эдьиийигэр олорор да, күтүөтүнээн тапсыбат буолан, үксүн Стасиктаахха дугуйданар.

      – Сарсыарда 4 чааска «Сайдам» маҕаһыын кэннинээҕи аанын тоҕо тардан киирбиппит. Элбэҕи ылар санаабыт суоҕа. Онтукайбыт баара, сигнализация туруорбуттара өрө тырылыы түстэ. Ыксал бөҕөнөн биирдии блок «Очаково», «Медовай» уонна дьааһыктартан дьаабылыка, халбаһы харбаат, олбуору үрдүнэн ыстанан куоппуппут. Дьиэбитигэр киирэрбитин кытта, тута даҕаспытынан, Альбина Афанасьевна эдьиийинээн киирэн кэлэн тараччы тутан ыллылар. «Нэдиэлэнэн биэс тыһыынча солкуобайы иннибитигэр ууран биэрбэтэххитинэ милииссийэҕэ үҥсүөхпүт» дииллэр. Алдьархайдаах дьахтар. Тута аахта оҥордулар, өссө кэргэнин төлөпүөнүнэн ыҥыран ылбыта. Ол киһи күүһүнэн барыбытыгар илии баттатта, хаартыскаҕа түһэрдилэр. «Алдьаммыт ааны эмиэ түһэриэхпит» диэн барбыттара. Стасик эйиэхэ эрэнэр.

      – Мин биэс тыһыынчаны хантан булуохпунуй?

      – Булбатахпытына, Сэмэнэптэр хаайыыга ыыталлар.

      – Барытын төттөрү ылан барбыттар буолбат дуо? Алдьаппыт ааҥҥытын оҥоруҥ, бүттэҕэ дии. Аан ахсын хаайыыга ыыппаттар ини, – Витя төһө кыалларынан Никатын уҕарыта сатыыр.

      – Умуннуҥ дуо, Стасик үс сыл условнайдаах ээ. Бу дьыала эбилиннэҕинэ, күлүүстээх хаайыыга барара чуолкай, – Ника уу-хаар баспыт хараҕынан ааттаспыттыы көрөр.

      – Хантан мин биэс тыһыынчаны булуохпунуй? – төбөтүн быһа илгистэр. – ¥һүс киһигит Коля дуо, көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук.

      – Онтон атын ким буолуой? – муннун анныгар киҥинэйэр. – Ийэҕиттэн көрдөө ээ. Ол оннугар эйигиттэн аны олох тэйэр. Мантан ыла эн ааккын ааттыа суоҕа, таһыччы умнар.

      – Мин бэйэм да экзамен кэнниттэн куоракка бараары сылдьабын.

      – Стасик илиитэ уһун. Сүгүн араҕыа суоҕа.

      – Куттаан киирэн бардыҥ дии.

      – Суох, суох… Ити мин Стасик саҥатын тириэрдэбин эрэ.

      – Витя, тоҕо киирбэккин? Ити кимниин кэпсэтэҕин? – ийэтин чаҥкынас саҥатыттан соһуйан иккиэн «дьик» гыннылар.

      – Чэ, мин бардым. Сарсын баччаларга тахсаар, кэлэ сылдьыаҕым, – Ника ыраах-ыраах уурталаан, сүүрэн атаралата турда.

      – Ника уол кэлэн барда дуо? Күлүгээн… – ийэтэ үөхсэрин истэ барбакка, уол дьиэтигэр киирэн хаалла. Ийэтин кэтэһэ таарыйа холодильниктан тымныы быырпах ылан сыыйан иһэ олордо.

      – Хайа, тоҕо олордуҥ? Утуй, сынньан. Экзаменыҥ бу ыган кэллэ. Маргарита Гаврильевна эрийэ сырытта. Улуустааҕы үөрэх управлениетыттан хас БКЭ ахсын представитель кэлэр эбит, ону хоннортороору көрдөһөр.

      – Ээ… ону эн сөбүлэстэҕиҥ дии, – Витя, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, сирэйин мырдыччы тутунна.

      – Тукаам, хоннорорбун-хоннорбоппун эйигиттэн ыйыппатым буолуо, – Алевтина уолун утары олорунан кэбистэ.

      – Ийээ, мин ити тугу… ыйытаары гынабын, – Витя ыйытар боппуруоһун