Булумньу оҕо. Татьяна Находкина

Читать онлайн.
Название Булумньу оҕо
Автор произведения Татьяна Находкина
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3423-9



Скачать книгу

быһа директор хоһугар ааста. Ийэтэ кыыһырбытыттан сирэйэ кытара үллэн, куударалаах баттаҕа арбайан олорор.

      – Игнатьев, бэттэх кэлэн тур эрэ, – Зоя Иннокентьевна, оскуола дириэктэрэ, кытаанах баҕайы куолаһынан саҥарбытын ийэтэ сөбүлүү истибэтэҕин биллэрэн чыпчырынан ылбытын уол хараҕын кырыытынан көрөн ылла.

      – Бэҕэһээ пиибэ испиккин ийэҕэр эт эрэ. Быйыл хаста испиккин төрөппүттэргэр тоҕо эппэккин? – дириэктэр уолу өтөрү-батары көрөр, көмүс кылдьыылаах ачыкытын хоҥуруутун үрдүнэн өрө-таҥнары анньыммахтыыр.

      – Тоҕо тута тириэрдэн испэккитий? Бэйэҕит иитиэхтээн баран, саҥа билбитэ-көрбүтэ буола олороҕут? – уол ийэтэ саннынан оонньоон садьыаланан ылбытыгар түгэхтээх кыһыл көмүс ытарҕата эйэҥэлээн ылла.

      – Эппэтэх буолбатахтар, хаста да эппиттэр, бэл, илии баттаппыттар.

      – Алевтина Илларионовна, мин маҕаһыыҥҥа сылдьан бэйэҕэр хаста да эппитим дии, – Маргарита Гаврильевна кырдьыгын балыттарбыт оҕолуу өрүһүспүттүү эттэ.

      – Оскуолатын бүтэрэрэ балтараа ый хаалла. Хайдах эмэ гынан бүтэриэ этэ. Мааҕын планеркаҕа Витяны эбии үөрэххэ олох сылдьыбат диэн эрэллэрэ. БКЭ – оҕо оонньуута буолбатах. Витя үөрэҕэр мөлтөх, онон балачча дьарыктаннаҕына орто баалы ылара буолуо. Инникитин санаан, өссө төгүл көннөрүнэригэр кыах биэрэн, бүтэһик сэрэтиилээх быыгабар биэрэбит. Алевтина Илларионовна, уолгунаан иккиэн манна илиигитин баттааҥ, – Зоя Иннокентьевна кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, илии баттаппыт сурунаалын саба баттаата.

      Алевтина, оскуолаттан тахсаат, уолун кирилиэскэ күүтэн туран кыыһырбытыттан куолаһа эйэҥэлиирин тохтото сатаан, тииһин быыһынан сыыйда:

      – Ханна да аралдьыйбакка дьиэҕэр бар. Киэһэ кэпсэтиэхпит. Бу сырыыга баҕас аҕаҕар этэн бараммын тэйиэм, наһаалаабыккын. Ол күлүгээн уолаттары кытта куодарыһан ырааппатыҥ буолуо! – диэт, бэйэтин сааһыгар сөбө суохтук эрчимнээхтик эргичис гынан, чүмэчи курдук көнөтүк туттан, маҕаһыынын диэки кур-балдьыйа турда.

      Витя дьиэтигэр саллаҥнаан иһэн, Стасик эрийбитин саныы түстэ. Дьиҥинэн, эппиттэрин курдук, БКЭ муннун анныгар ыган кэллэ. Хайдах эмэ гынан, бэлэмнэнэн, саатар «үһү» ылара буоллар, төрөппүттэрэ төлөбүрдээх үөрэххэ киллэриэ этилэр. Университет устудьуона буолан, Дьокуускай куорат уулуссаларынан, Ленин, Орджоникидзе болуоссаттарынан хаамар астык буолуо. Ону баара Стасик хампаанньатыгар киирэн хаалан кыайан төлөрүйэн биэрбэт. Бэрээдэги кэһэн, пиибэлээн, оскуоланы ситэ бүтэрбэтэх эр бэртэрин хампаанньалара. Түмсэ түстэллэр эрэ үлэ, үөрэх туһунан буолбакка, наар хантан эмэ пиибэ ылан испит, кими эмэ хайытан, эбэтэр куттаан харчы булбут, табах тарпыт киһи диэн кэпсэтэллэр. Кинини толору харчылаах «көсүлүөк», бэл, харчыларын ууран сытыарар сберкассаларын курдук көрөллөр. «Биһиги эйигин баччааҥҥа диэри тыллаахха саҥардыбакка, тарбахтаахха таарыйтарбакка өйөөн илдьэ сылдьабыт», – диэн өҥнөнөллөр. Дьиҥинэн, оскуолаҕа кинини ким да үтүрүйбэт, атаҕастаабат, Стасиктаахха тоҕо сымала курдук сыстан сылдьарын бэйэтэ да билбэт. Ити хампаанньаны кытта сылдьан