Название | Булумньу оҕо |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Находкина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3423-9 |
Витя учууталыттан мөҕүллэн, аат харата саллаҥнаан иһэр. Иннигэр кыра кылаас уолаттара чалбаҕы күдээритэ ыһан ааспыттарыгар да кыһаммата. Уруккута эбитэ буоллар, кинилэри өрө ыйаан таһаарыа этэ.
«Босс» аттынан итинник аанньа ахтыбатахтыы бадарааннаах ууну ыһан ааспат буоллахтара дии. Олорор уулуссатыгар билиҥҥитэ кини «тойон», атыттара бары кыра кылаас үөрэнээччилэрэ, онон саатар бэйэтин уулуссатыгар «бөө» диир ини. Ийэтэ айманарын санаатаҕына, киһи эрэ буоллар, син хараастар. Төһө да мөхтөр, сороҕор ытыһын ботуччу тутан охсуолаатар даҕаны, ийэтиттэн атын киниэхэ кыһанар киһи суох. Буруйдарын аҕатыттан кистээн муҥнанар, онон «оҕонньор» оҕото үөрэнэр-үөрэммэт икки ардынан сылдьарын, сотору-сотору буруй оҥорорун, атыннык эттэххэ, пиибэлиирин, табахтыырын билбэт. Аҕатыттан толлорун ааһан куттанар. Дьэ, билигин дьиэтигэр тиийэн туох диир? Оскуола салалтата «төрөппүттэрэ суох кэлэ сорунума» диэн бүгүн үүрэн таһаардылар. Урукку өттүгэр инньэ диэччилэрэ суох этэ. Мөҕөн баран тохтууллара. Сэрэтии, кытаанах сэрэтии, быыгабар биэрэллэрэ, эбэтэр кылаас мунньаҕар дьүүллүүллэрэ, ийэтин ыҥыраллара. Оттон билигин оскуолаҕа төрөппүттэрин иккиэннэрин ыҥырдылар. Витя киһи эрэ буоллар, ийэтэ уонна аҕата сирэй-харах анньалларыттан санаарҕаан, быһыччы көрбүт кыараҕас хараҕа эбии кыараата, сирэйин энньэччи туттан, атаҕын соһо тардан хааман саллырҕайдаан истэ. Төһө да бириэмэтин тарда сатаабытын иһин дьиэтэ хараҕар эбии улаатан дьэндэйэн көһүннэ. Икки этээстээх, маҥан өҥнөөх евроматырыйаалынан бүрүллүбүт коттедж дьиэ нэһилиэнньэни тупсарыыга көҕүлүүр күүс буоларыттан ийэтэ астынар аҕай. Сыл ахсын дьиэтин таһын саҥардыыга, көҕөрдүүгэ, бэйэтэ этэринии, «булугас өйүнэн» саҥа идиэйэни тобулан таһаарар. Ол толкуйдаммыты аҕалара сатабыллаах илиитинэн оһуордаан-мандардаан оҥорботоҕуна, саатар урукку тутууларын кырааскалаан тэйэр, эбэтэр уһаайбатыгар суох отонноох мас ханнык эрэ көрүҥүн олордон үөрэр-көтөр. Сайынын дьиэлэрин таһа киһи хараҕа таптыы көрөр сиэдэрэй сибэккилэринэн киэргэйэрин, араас отонноох мастар ситэн-хотон силигилии туралларын, оннооҕор Витяҕа сылдьар мэник-тэник табаарыстара сэргии көрөөччүлэр.
Уол, дьиэтигэр санньыччы туттан киирээт, төрөппүттэрэ куукунаҕа эбиэттии олороллорун биллэ: минньигэс эттээх борщ сыта дьиэни биир гына тунуйбут. Сахалыы оһуорунан киэргэтиллибит, сүрдээх тупсаҕайдык оҥоһуллубут кирилиэһинэн, уруккутун курдук өрө сүүрэн тахсыбакка, оргууй сүгүллэн таҕыста. Хараҕа истиэнэҕэ ыйанан турар чаһыга быраҕылынна, эбиэт бүтүө билигин да ыраах. Аҕата нэһилиэк дьаһалтатыгар кылаабынай экономиһынан үлэлиир, хонтуората чугас буолан үлэтигэр оруобуна биэс мүнүүтэ иннинэ тахсар. Уол, төһө кыалларынан бириэмэтин тарда сатаан, көстүүмүн сүрдээх бытааннык уһулан ыскаапка ыйыы турдаҕына, ийэтин саҥата чаҥкыныы түстэ:
– Витя, аһаабаккын дуо?
– Аһыам, – уол, хаҕыстык эппиэттээт, хоһуттан куукунаҕа түстэ. Сэрэйбитин курдук, аҕата, туохха да наадыйбаттыы туттан, аһыырын быыһыгар хаһыат ааҕа олорор.
– Туох буоллуҥ, «иккини» ыллыҥ дуо? – ийэтэ уолун иннигэр буруолуу сылдьар толору мииннээх тэриэлкэ-ни уурда.
– Суох, «иккини» ылбатым, – Витя миинин иһэрин тохтотон илиитэ туорка барда.
– Бэҕэһээ оскуола уолаттара пиибэлээбиттэр дииллэр. Участковайы ыҥыран эрэллэрэ. Онно баара буолуо, тоҕо эрэ наһаа саппаҕырбыт көрүҥнээх. Бэҕэһээ киэһэ мин утуйуохпар диэри дьиэтигэр суоҕа, – аҕата хаһыатын ааҕарын тохтотон уолун ачыкытын аннынан күлтэччи көрөн ылла.
– Аньыы даҕаны! Оҕону ол-бу диэн. Эн, киэһээҥҥи сонуну көрөөт, утуйарга бараҕын буолбат дуо? – ийэтэ көмүскэһэн өс саҕа буола түстэ, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, саннынан күүскэ садьыаланан ылла.
– Чэ, бэйэҕит биллэххит. Ол эрээри пиибэ иһиэҥ, буруйу оҥоруоҥ, сэрэппэтэҕэ диэйэҕин, төбөҕүн быһа тардыам! – диэт, аҕата уолугар сөмүйэтин чочоҥнотто.
– Урут бастаан уолгун иитэргэ төһө бириэмэни биэрбиккин ааҕан-суоттаан көр, ол кэнниттэн төбөтүн быһа тардаар, табаарыс кылаабынай экономист! – Алевтина Илларионовна томтоллон туран хадьардаста.
Аҕалара тахсан барарын кытта, ийэтэ остуолга эбии туорт аҕалан уурда.
– Чэ, тукаам, мин маҕаһыыммар таҕыстым. Эн бүгүн ханна да барбакка уруоккун аах. Экзамеҥҥыт ыган кэллэ буолбатах дуо? БКЭ-ни хайдах эмэ туттарарыҥ буоллар, үөрэххэ киллэрэн көрүллүө этэ.
– Ийээ, мин син биир БКЭ-ни кыайан туттарбаппын. Күһүн Суоттутааҕы СПТУ-га барыам, – уол, атаахтаабыт куолаһынан хардарарын быыһыгар, өйөннөрүүлээх олоппоһугар тиэрэ түһэн араастаан хаадьаҥнатан ылар.
– СПТУ-га барыаҥ кэриэтин дьиэҕэр олоруоҥ. Сыл устата бэлэмнэнэн эһиил эмиэ туттарсыаҥ буоллаҕа, – ийэтэ уолун саҥатыгар суолта биэрбэтэхтии эппиэттиир, – үөрэххэр кыһан, баара-суоҕа балтараа ый хаалла, ону тулуй. ¥өрэххин этэҥҥэ түмүктээтэххинэ, оҕобор спортивнай матасыыкыл ылан биэриэм.
– Массыына ылан биэриэм диэбитиҥ дии.
– ¥өрэххэ киирэн, маҥнайгы кууруһу бүтэрдэххинэ, ол да көстүө, – ийэтэ уолун саһархай ньалака баттаҕын сымнаҕастык имэрийэн ылар.
Витя ийэтэ тахсан истэҕинэ, улаханнык буруй оҥостубатахтыы туттан туран, оскуолатын илдьитин иһитиннэрэр:
– Ийээ,