Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан

Читать онлайн.
Название Ийэлэриэм, мин кэллим!..
Автор произведения Арчылан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6602-5



Скачать книгу

баран, тута төннөн хаалыахтааҕа. Онтум баара, оҕонньор: «Уолбун булгуччу көрүстэхпинэ сатанар», – диэн хонор буолбута. Сарсыныгар тиэргэн ааныгар турдаҕына, Тоҥсуо ыраахтан көрөн: «Тээтэм кэлбит! Тээтэм кэлби-ит! Тээ-тээ!..» – диэн хаһыытаабытынан сүүрэн бырдааттанан кэлбитэ. Кэнниттэн Дабыытым барахсан сукуҥнаан иһэрин билигин даҕаны бу баардыы көрөбүн… – Мотуруона кыл түгэнэ тохтоон ылла. – Онно уолуттан, дьэ, чахчы хомойбута кини көрүҥэр, сирэйигэр-хараҕыгар бүтүннүү ойуулана сылдьара. Оттон Тоҥсуо үөрүүтэ муҥура суоҕа. Кини Дабыыты аҕа оҥостуоҕун төрүт баҕарбат этэ… Ол да буоллар, мин оҕонньору кытта куоракка барсары кыккыраччы батан кэбиспитим. Дабыыты кытта олорорго эрдэттэн быһаарынан сылдьарым. Кукаарыс өөр ааттаһа, көрдөһө сатаабыта, кэлиҥҥинэн кыыһырыы бөҕөтүн кыыһырбыта… Ол да буоллар, соннук чороҥ бэйэтэ төннөргө күһэллибитэ.

      – Кукаарыс эрэйдээх… – Эдьиий Даайа оҕонньору аһынна. – Эйиэхэ дьиэтин суруйуох, атын даҕаны баайын бүтүннүү биэрэбин диэбит дииллэрэ. Кырдьык дуо?

      – Оннук баара, эдьиэй… – Мотуруона өрө тыынна. – Ол эрэн, баайы сырсан төһө дьоллонуом этэй?..

      – Сөпкө саныыгын, хотуой. Сүрэх сөбүлүүр буоллаҕына эрэ дьахтар дьолу билэр.

      Мотуруона эмиэ өрө тыынна, чэй кутаары, Эдьиий Даайа диэки ыйытаары көрбүтүгэр биирдэрэ сонно тута хончоҕорун утары ууммутун ылан, киниэхэ уонна бэйэтигэр чэй кутта.

      Онтуттан сыпсырыйан баран, хомойбуттуу дуу, буруйдаммыттыы дуу:

      – Хайа сах сойбут эбит… – диэн ботугураата, оһоҕун диэки көрдө.

      – Маннык үчүгэй-үчүгэй, хотуой. Сылыта сатаама, – Эдьиий Даайа кинини тохтотто. – Хата, кэпсээ. Олус кэрэхсэбиллээх. Мин эмиэ дьахтарбын ээ, – дии-дии, сымнаҕастык көрдө, төбөтүн туллаҥнатта.

      – Онно мин дьолбор Тоҥсуом туора түспүтэ. Мин хайдах даҕаны гыныахпын билбэппин. Сотору-сотору: «Тээтэбэр барыахха», – диэн кулгаахпар сибигинэйэр. «Баахыла сиэхпин баҕардым», – диэн ырбаахым тэллэҕиттэн тардыалыыр. Дьэ, эрэй… Онтон биирдэ, сыллаан-сыллаан баран, кууһан олорон: «Тоойуом, сыллыай, Тоҥсуо, Дабыыты аҕа гынабыт дуо?» – диэн ыйыттым. Уонна ыйыппыппыттан кэмсинним ээ. Адьас быһа этэн кэбистэ. «Оттон кини оҕун да оҕун буолар дии, оннук охто сылдьар аҕаланыахпын баҕарбаппын!» – диир. Оо, онно хомойбуппуон… Мэктиэтигэр, ытамньыйан ыллым. Оттон Тоҥсуо сүрэҕэ таас курдук буолан биэрбитэ, санаатын халбаҥнаппатаҕа…

      – Онтон туран, эһигини хоонньоһо сытаргытын быччаччы тутаттаан ылбыт сурахтааҕа дии?.. – Эдьиий Даайа күлэ-күлэ ыйытта. – Дьэ, саатыы-кыбыстыы бөҕөтө буоллугут?

      – Ээ, дьэ, этимэ, эдьиэй… – Мотуруона кэмчиэрийдэ.

      – Кэпсээ-кэпсээ, хотуой.

      – Ол кэмҥэ сайылыкка бары биир дьиэҕэ олоробут. Үс хостооҕо. Соҕотох оронноохпун. Уолум атахтаһан утуйар. Онтон биирдэ түүн, хабаҕыран дуу, тыаһырҕаан дуу уһуктан, ороҥҥо үһүө буолан сытарбытын көрөр буоллаҕа… – Мотуруона иҥин хаана кэйэн, иэдэһэ тэтэрэн кэллэ. – Кини утуйбутун кэннэ, сэргэ хостон Дабыыт үөмэн сыбдыйан