Ийэлэриэм, мин кэллим!... Арчылан

Читать онлайн.
Название Ийэлэриэм, мин кэллим!..
Автор произведения Арчылан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6602-5



Скачать книгу

хас даҕаны аалтан-баарсаттан баркаас хаптаһынынан оҥоһуллубут тыраап устун, кымырдаҕас курдук өрө-таҥнары тиэстэн, таһаҕас сүөкээннэр үлэ күөстүү оргуйар. Ол төкүнүтэн таһаарбыт буочукаларын, сүгэн аҕалбыт дьааһыктарын-куулларын эмиэ кэлэ-бара турар тэлиэгэлээх аттарга, таһаҕасчыт массыыналарга тиэйэллэр.

      – Миитээ, Мииккэ-э, этэҥҥэ эргиллээр!.. Мин күүтүөм!.. – тиксии кытыытыгар, сыыһа үктээн, ууга түһэн хаалыахтыы киирэн турар кыыс чаҕаархай хаһыыта ол тыас-уус, хаһыы-ытабыл, аймалҕан ортотугар бэрт чуордук быыһылаан иһилиннэ.

      – Олус үчүгэй кыыс быһыылаах, – Баһылай, өрүс салгыныгар өрүкүйэр будьурхай баттаҕын тарбахтарынан өрүтэ анньан ыла-ыла, аттыгар далбаатыы турар доҕоругар эттэ.

      – Тоҕо «быһыылаах»? Чахчы үчүгэй кыыс.

      – Үчүгэй-үчүгэй, – Баһылай өс киирбэх сөбүлэһэ оҕуста. – Уонна кини эйигин булгуччу күүтүөҕэ. Оттон мин итинник атаарар, күүтэр кыыһым суох… – тугу эрэ ситэ саҥарбакка ах баран хаалаат, харса суох далбаатанна, онтон эмиэ доҕорун диэки хайыста. – Миитэрэй, кырдьыгынан этэ эрэ, эһиги уураспыккыт дуо?

      Миитэрэйэ, истибэтэх курдук туттан, кыыһыгар утары далбаатыы турда. Уостара ыпсыбат буола мичээрбит аҕай.

      – Ээ, өйдөннө-өйдөннө! Уураспыт ахан эбиккит! – Баһылай тоҕоноҕунан кинини ойоҕоско кэйиэлээн ылла. – Оттон мин суох… – кини да буоллар, курус санааҕа ылларан, соҥуйан, борохуот сундулуйа хайытарыттан түллэн тахсар долгуннар күн уотугар талбаара күлүмүрдүүр ньуурга симэлийэ уосталларын одууласта…

      Кытылга хаалбыт дьон кыччаатар кыччаан, Даркылаах харах далыттан сүттэр сүтэн истэ…

      – Төбөҕүн өрө көтөх, доҕоор, эн билигин кыайыылаах Кыһыл Аармыйа буойунаҕын эбээт! – Миитэрэй Баһылай саннын таптайда. – Мөтөгөр түөскэр мэтээл бөҕөтүн кэккэлэччи анньынан, сэрииттэн эргиллэн кэлиэҥ да, бииртэн биир кэрэ кыыс кэннигиттэн эккирэтэ сылдьыаҕа!

      Баһылай, төбөтүн көтөҕөн, доҕоругар хайыста.

      – Ээ, суох, Миитэрэй, мин санаарҕаабаппын. Туохтан даҕаны хомойбоппун ээ. Урут, хайдах эрэ, кыыс туһунан санаабат даҕаны эбиппин. Ону дьиктиргиибин. Оттон эн уол оҕото эбиккин! Эн бэйэҥ Кэбээйигин дии уонна куоракка хайдах кыыстанан хааллыҥ? Кини хомуйар пууҥҥа хонорбутугар эмиэ кэлэ сылдьыбыта дии?

      – Кини, кини кэлэ сылдьыбыта, – Миитэрэй билсэр кыыһын санаан мичээрдээтэ. – Таанньа… Мин Таанньам кэлэ сылдьыбыта. Кини Хаҥалас улууһуттан төрүттээх. Онно бибилэтиэкэҕэ үлэлиир.

      – Ээ, куораттан чугас буоллаҕа…

      – Оннук. Биһиги кинилиин суруйсабыт ээ.

      – Оттон хайдах билсибиккитий?

      – Манна, Дьокуускайга. Мин кооперативнай техникуму бүтэрбитим дии. Онно билсибиппит. Кини культпросвекка үөрэммитэ. Онтон миигин төрөөбүт улууспар үлэҕэ анаан ыыппыттара.

      – Миитэрэй, эн олус дьикти киһигин дии. Буҕаалтыргын. Өссө суруйааччы буолаары гынаҕын, хоһоон суруйаҕын… – Баһылай кэтэҕин тарбанна.

      Биирдэрэ чараас уоһун мүчүҥнэттэ.

      – Миигин өссө отут түөрт сыллаахха дойдум дьоно артыал суотчутунан талбыттара.