Учуутал. Аайа

Читать онлайн.
Название Учуутал
Автор произведения Аайа
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6771-8



Скачать книгу

оҕотугар учуутал быһыытынан өйдөнөн хаалбыта, дьэ, дьикти. Чахчыта даҕаны, Сардаана Максимовна дьиҥнээх учуутал этэ эбээт. Ити эрээри, тоҕо «этэ» буолуой, кини миэхэ уонна да атын үгүс дьоҥҥо, үөрэппит ыччаттарыгар өрүү «учуутал» диэн ытыктабыллаахтык ааттаныа.

* * *

      Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбиппит сүүрбэ сылын биһиги, историко-филологическай факультет нуучча тылын салаатын «Б» бөлөҕөр үөрэммиттэр, иллэрээ сыл бэлиэтээбиппит. Бүтэриэхпититтэн бастакы көрсүһүүбүт этэ. Кууруспут аҥаара нууччалыы тыллаах буолан, историктарга да, саха тылларыгар да холоотоххо, төрүт сомоҕобут суоҕа. Дипломмутун тутан тарҕаһыахпытыттан билсибэт-көрсүбэт этибит. Куорат кыргыттара тэрилтэлэргэ сэкирэтээрдииллэр, хайалара эрэ балыыһаҕа статист, ким эрэ библиотекаҕа үлэлиир диэн хас эмэ сыллааҕы чахчы үһү-таамах курдук иһиллэрэ. Тыаттан төрүттээхтэр уон иккиэ этибит да, ахсааннаахпыт учууталлыыра, атыттар идэбитин уларыппыппыт. Холобур, мин дойдубар Ньурбаҕа тиийэн аҕыйах сыл учууталлаат, социальнай бэлиитикэ управлениетыгар көспүтүм. Үс сыллааҕыта оҕо-уруу атаҕар туран эрэр диэн Дьокуускайга көһөн кэлэн, Дьарыктаах буолуу киинигэр үлэлиибин. Икки сыллааҕыта күһүн кууруспут актыбыыската, куорат биир ювелирнай маҕаһыыныгар үлэлиир Муся Заморщикова, саха салаалара биэстии сыл буола-буола мусталларыттан кыһыйан, көрсүһүү тэрийбитэ.

      «Муус Хайа» эрэстэрээҥҥэ түмсүбүппүт, ахсыа этибит. Ити аата бөлөх олоҕор устудьуоннуу да сылдьан кыттыбатахтары аахпакка туран эттэххэ, түөрт оҕоттон ураты кэлиэх айылаахтар баарбыт дэнэр. Дьиҥинэн, оҕолор да үһүбүөт, саас ортолоох ыал ийэлэрэ-аҕалара дьон буоллахпыт. Астаах остуол тула олорон ким ханна тиийбитэ, хас оҕоломмута, төһө сонообута, туох дуоһунастаммыта барыта ырытыллыбыта, кэлбэтэхтэр да умнуллубатахтара. Үөһээ Бүлүү учуутала Ванифатий Макаарап «Сельская ярмарка» бэстибээлгэ кыттар, итиэннэ Муомаҕа Биэнсийэ управлениетын салаатын хотуна Нюргустаана Черемкина уоппускатыгар Кытайга барбыт буолан суохтара. Томпоҕо олохсуйбут Сунтаар кыыһа Саргылаана Ыларова оҕобун үөрэххэ киллэрээри былырыын куоракка сайылыы сыспытым, сыл аайы айанныыр кыаҕым суох, миигин аттыгытыгар баар курдук санаан олорон, үчүгэйдик бырааһынньыктааҥ диэн эҕэрдэтин ыыппыт. Арай, өрүс уҥуор Кылба төрдүттэн кэлэн үөрэммит Сардаана Илларионова туһунан хайабыт да билбэт эбит этэ. Биир кыыспыт хаһан эрэ кимтэн эрэ истибитинэн, ол Сардаана дойдутугар оскуолаҕа дириэктэрдии олорон туохха эрэ түбэһэн, хаайыыга барбыт курдук үһү эрээри, ону хайабыт да итэҕэйбэтэҕэ. Оттон быйыл күһүҥҥү биир чаҕылхай күн ол Сардаананы көрсө түспүтүм.

      Субуота күн чугас тыаҕа аймахтарбар тахсаары сарсыарда эрдэ автовокзалга кэлбитим. Перроҥҥа киһи аҕыйаҕа. Олорбохтообутум кэннэ, суумка тутуурдаах биир дьахтар кэлэн: «Киһи соччо элбэҕэ суох эбит дуу?» – диэн иһиллэр-иһиллибэт ботугураамахтаат, ыскамыайкаҕа кэккэлэһэ олорунан кэбиспитэ. Миигин кытары саастыы бадахтаах, хатыҥыр, таҥаһа-саба хоп курдук. Эмиэ бэйэм курдук өрөбүлгэ куорат таһыгар айаннаан эрэр түөтэ быһыылаах. Саҥата суох олорбохтообуппут. Бириэмэ ааһан испитэ. Аттыбар олорооччум туттарын-хаптарын, төбөтүн