Учуутал. Аайа

Читать онлайн.
Название Учуутал
Автор произведения Аайа
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6771-8



Скачать книгу

айбыт Айылҕата кэччэммитин хайа эмит өттүнэн ситэринэр туһугар улуу мөккүөрү ити курдук саҕалаабыта.

      СИР СИМЭҔИН ЫҺЫАҔА

      (Аныгы остуоруйа)

      Айымньы барыта «биир үтүө күн» диэн тылынан саҕаланар буоллаҕына, мин бу кэпсээммин оннук саҕалыыр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, ол күн сарсыардаттан сиикэрэ ардах түспүтэ, инньэ гынан, чугастааҕы нэһилиэккэ дьүөгэбэр барыахтаах былааным тохтон, санаам алдьанан олорбутум. Тэһийбэккэ, кинигэ аахпыта буола олордохпуна, ыалым Татыйаана эмээхсин киирэн кэлбитэ. Бэркэ долгуйбут көрүҥнээҕэ. Туох буолбутун ыйыталаспытым, сиэнэ Ньургуһун бэҕэһээ күнүстэн ыла суох үһү.

      – Олус дьиэмсэх оҕо ээ, мээнэ барааччыта суох уонна күн баччатыгар диэри мэлигир, – кырдьаҕас ытамньыйан, хараҕын уутун былаатын уһугунан сотунна. – Дьонугар биллэриэхпин, баҕар, бу киирэн кэлиэ, оччоҕуна куорат дьонун таах аймыам дуо диэн тээгэрэн хааллым. Милииссийэҕэ тыллыахпын, сүппүтэ үс хоммуту эрэ ирдэбилгэ биллэрэллэр үһү. Оскуола үлэһитэ дьахтар сүбэлээ эрэ, хайыыбыный?

      – Бээ, Татыйаана, олус долгуйума, баҕар биир эмэ дьүөгэтигэр хонон баран, онно өрөөн, киэһэлик кэлээри олороро буолуо. Үрдүк үөрэх устудьуоҥката билэр ыччата син элбэх эбитэ ини. Хайа уонна бу Чараҥнаах төһө да кини төрөөбүт сирэ буолбатаҕын иннигэр, ийэтин дойдута буоллаҕа, хайа эмит аймаххыт дьаарбата ыҥырыан эмиэ сөп.

      – Эс, оннук дьаарбатар аймах кэмчи дьонобут, биир таайа баара, хайа, бэйэбит таспытыгар олорор дии. Оҕом туохха эрэ түбэһэн хаалыа диэн куттанабын, баҕар, куһаҕан дьон моһуоктуохтара. Сураҕын иһиттэххэ, сир-дойду үрдүнэн араас барыта тахсар дии.

      – Кэбис, инньэ диэмэ, биһиги дьоҕус Чараҥнаахпытыгар оннук куһаҕан санаалаах киһи суох ини. Нэһилиэк үс сүүсчэкэ киһитэ бары тарбахха баттанабыт. Хата, өйдөө эрэ, кыыһыҥ хараҕыҥ далыттан хаһан сүппүтэй?

      – Эбиэккэ диэри баара. Үгэһинэн кинигэ ааҕар хайыыр этэ, онтон… бээрэ, бу өйдөөтөххө, малын-салын бэринэр этэ. Ону таҥас суунаары гыннаҕа, эмиэ дьэ уу бөҕөтүн тоҕон-хорон килиэйдиир буоллаҕа диэн өссө көҥөнө санаабытым баара… Кырдьык, үрүсээгэ мэлдьи турар сиригэр суох этэ.

      – Оччотугар ханна эрэ оҥостон барбытыгар сөп курдук дуу? Ол эрээри, чахчы ханна эрэ барар киһи син сэрэтиэ эбитэ ини. Туох да сурук, саппыыска суруйан хаалларбатах дуо?

      – Саппыыска даа? Кэтэһэ мээрик буола сылдьан, ону төрүт долоҕойдооботох эбиппин ээ. Ити эрээри остуолга ууруллубут кумааҕыны син көрүөм этэ буоллаҕа. Хата, сыллыай, биһиэхэ тахсыах эрэ, эн, сонун хараҕынан тугу эмэтэ булан көрөөйөҕүнүй?

      Мин сып-сап хомунан, Татыйаананы кытары тахсыспытым. Эмээхсиним (75 сааһыгар сылдьар) туһунан кыратык билиһиннэрэ түһүүм. Кини уоллаах кыыс оҕолооҕо билигин бэйэлэрэ кырдьаҕас ыаллар. Уола Дабыыт ийэтин кытары тилийэ тиэргэҥҥэ олорор. Оттон кыыһа Марыына үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит буолуоҕуттан куоракка олохсуйбута. Эдэригэр хам-түм дойдутугар кэлэ сылдьар бэйэтэ, билигин төрүт биллибэт буолан хаалла. Арай, сайын ахсын оҕолорун ыытар. Быйыл кыра кыыһын Ньургуһуну ыыппыта ити биир үтүө… ээ, биир ардахтаах күн сүтэн хаалан, ити