Уйгур. Сайа Михалева

Читать онлайн.
Название Уйгур
Автор произведения Сайа Михалева
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6098-6



Скачать книгу

лааппылыын, буоста дьиэлиин Түбэйгэ холоотоххо, киһи мунар, тигинээбит улахан бөһүөлэккэ үөрэнэр буоллубут. Суолбут өссө уһаата, өрүстээх буолан аны хаайтарыылаах, Түбэйтэн Бүлүү эбэбитин туораан баран, биэс биэрэстэ курдук сири сатыы барабыт. Мин уон алта саастаахпын, хайыы үйэ сиппит киһи буоларбын билинэ сылдьабын. Уруккум буолбатах, кыаммат оҕолорго уонна кыргыттарга үрэҕи-маары туоруулларыгар, өрүскэ тыыга киирэллэригэр көмөлөһөбүн.

      Оскуолаҕа биир кылааска иллээхтик олорон үөрэнэр эрээрибит, киэһэрдэ да, интэринээт-бөһүөлэк уолаттара диэн, охсуһан тунайдаһар идэлээхпит. Онно кыргыттарбыт биһигини көмүскэһэн, тылларынан баҕас бөһүөлэк уолаттарын сууһарар этилэр. Онно Иэйэ инники сылдьара уонна ордук миигин араҥаччылыыр дуу диэн, испэр сэрэйэр буолбутум.

      Кыргыттарбыт уонна уолаттар даҕаны, киэҥ сиргэ кэлэн, ким төһө кыахтааҕынан маанымсыйа сатыыр буоллубут. Интэринээккэ ыраастык таҥнарга, бэйэни көрүнэ, сууна-тараана сылдьарга үчүгэйдик үөрэтэллэр. Улахан оскуолаҕа учууталлар Иэйэбитин үксүн Еля, өссө Лена диэн ыҥыраллар. Ону мин кулгааҕым ылыммат, «Иэйэ» диэн ис кистэлэҥнээх, дьикти тардар күүстээх курдук, кыыс түргэнник тэтэр гына түһэр сырдык ньууругар, чочуллубут уран сирэйигэр, сандаарыччы көрөн ылар киэҥ харахтарыгар, иирэ талах курдук быһыытыгар-таһаатыгар бу аата ордук барсар.

      Ол сылдьан аны кыыс-уол диэн кыҥастаһыы баар, сааспынан аҕам, уҥуохпунан өндөһүм иһин буолуо, улахан кылаас кыргыттара миэхэ сурук суруйаллар. Харахтара син иҥнэр уоллара буолуом: бискултуураҕа таһыччы үчүгэйбин, оһуохай буоллаҕына дьээбэлэнэн таһаарааччы буолабын, ыһыахха сылдьан истэр этээччилэрбин үтүктэбин, таҥаспын-саппын мэлдьи көрүнэ, чох өтүүгүнэн хаптатан биэрэ сылдьар идэлээхпин. Үөрэхпэр ахсааҥҥа, ыраастык суруйууга эмиэ хаалсыбаппын. Ол эрээри биир да кыыһы кытта суруйсубатым: бастаан миэхэ суруйбуттар тоҕо эрэ кэнники бэйэлэрэ туора хааман тумна сылдьар буоллулар уонна кылааһым алын буолан, өйүм-санаам эмиэ ол сиэринэн оҕотук сырыттаҕа.

      Үөрэх дьыла бүтүөн иннинэ, арай үчүгэй үөрэнээччилэри пиэнньэргэ ылыы буолла. Оскуола тиэргэнигэр тэриллибит илиниэйкэҕэ биһиги кылаастан Иэйэҕэ биир бастакынан кыһыл төлөн курдук тыалга тэлибирии оонньуур хаалтыһы моонньугар баайдылар. Пиэнньэр андаҕарын этэн чоргуйаат: «Мэлдьи бэлэммин!» – диэн баран сөлүүт биэрбитигэр биир кылааска үөрэнэр Иэйэбит эмискэ тэйэн, көннөрү оҕо олоҕуттан атын, үрдүк эйгэ олоҕор тиксибит курдук буолан хаалбыта. Кинини хайаан да дьолунан-үөрүүнэн толору сырдыктан сырдык, чаҕылхайтан чаҕылхай олох бу күнтэн ыла кэтэһэрин курдук санаабыппыт. Маҥан куоптаҕа кытыастар кыһыл хаалтыстан ордук киэргэл суоҕунуу, бу түгэҥҥэ Иэйэ барыбытыгар киһи тэҥнэспэт кэрэ киһитэ буолан көстүбүтэ! Элбэх оҕо кини курдук туйгуннук үөрэнэн пиэнньэргэ киирэ охсуон баҕарбыт буолуохтаах.

      Ити кэмҥэ холкуостааһын ыытыллан, нэһилиэктэр саҥа кыраныыссаларын оҥоруу эҥин буолан, били былыргылыы сиэрин ыһыктыбакка турбут дойдубут