Название | Уйгур |
---|---|
Автор произведения | Сайа Михалева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6098-6 |
Чугаһаан кэлбитигэр дьэ өйдөнөн, арыычча:
– Иэйээ, дьиэҕэр барар үһүгүн. Аҕаҥ… аҕаҥ акка дэҥнэннэ… – диэтим быһыылаах.
Кыыһым долгуйан кэһиэҕирбит куолаһынан:
– Тыыннаах дуо… – диэтэ.
– Тыыннаах, Иэйээ, тыыннаах… – кыыһым эмискэ, ийэтигэр дуу, аҕатыгар дуу саба түһэрдии, төбөтүн мин түөспэр анньан, чочумча тура түстэ…
Борохуотунан кэлэр таһаҕаһы харайарга анаан өрүс үрдүгэр тутуллубут уһун синньигэс ыскылаат таһыгар чөкөйөн турар харабынай оҕонньор кыстык угун саҕа дьиэтигэр диэри тугу да кэпсэппэккэ, тиэтэлинэн хааман кэллибит. Нэлбии оһоҕун үрдүгэр өрүү сылаас турар чэйин ойутан таһааран куппутун сыпсырыйа түһэн баран, үөрэхтээх дьон сиэринэн махтанан-баһыыбалаан, аллара тыыбытыгар түстүбүт.
Кыдьымахтанан эрэр эбэ хараара болоорор уутун устун оҥочом чэпчэкитик уҥуоргу кытыл диэки сундулуйар. Иэйэ мин иннибэр субу чугас, эрдиим салбаҕын диэки туора хайыһан соҥуоран олорор. Кини иэдэһигэр харах уута дуу, мин эрдиибиттэн бытарыйан тиийбит уу таммаҕа дуу олорсубут. Илиибин уунаммын сөмүйэбинэн ол таммаҕы туора хаһыйыахпын да сөп курдук. Оннук чугас олорор, дьэ, ол мин түүн-күнүс арахпакка санаатаҕым аайы ыраатан иһэр курдук күндү киһим. Тыыбар олордор түгэммэр бу курдук этиэм, саҥарыам этэ диэн сайыны быһа бэлэмнэммит, наардаабыт тылларбын өйдүү сатыыбын да, ол тыллар бу тохтоло суох иннин диэки дьулуруйар өрүс уутун кытта уу буолан устан хаала турар курдуктар. Ол куота устар тылларбын ситиэхтии кыһалла-кыһалла эрдиннэҕим аайы, оҥочону иилии кууспут, Иэйэ биһикки санныбытыгар олорсубут долгутуулаах чуумпу салгын эбии тыҥаан, ыйааһыннанан иһэр курдук.
– Бу эн тыыҥ дии? – икки киһи маннык чугас олордохторуна, ким эрэ, туох эрэ диэн саҥарыахтаах, кэпсэтиини саҕалыахтаах буоллаҕа.
Иэйэ, мин тыым буоларын бэркэ билэр эрээри, итинник ыйытарыгар тиийдэ.
– Мин тыым.
– Бэйэҥ оҥоһуннуҥ?
– Ээ, бэйэм.
– Уолаттар хайгыыллар этэ.
– Туох диэн?
– Оттон… чэпчэки диэн. Сыыдам диэн… Өссө оһуордаах диэн…
– Оттон… мин эйигин олордуохпун саныырым… – хайҕаммыппыттан эр ылан эбитэ дуу, бу айан кутурҕаннаах төрүөтүгэр сөп түбэспэт, сайыны быһа бэлэмнэммит тылларбар маарыннаабат халы-мааргы билинии миигиттэн ыйытыга суох төлө көтөн тахсыбыта.
Иэйэ, умса көрөн олорон, сонун тимэҕэ туох эрэ буолбутун мускуйар. Онтон мин диэки сандаарыччы көрөн