Название | Уйгур |
---|---|
Автор произведения | Сайа Михалева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6098-6 |
Биирдэ оскуолаттан дьиэлээн иһэр кыргыттар «смешанный» диэн маҕаһыыммытыгар аараан турдахпытына, Уйгур Уйбаан киирэн тугу эрэ атыыласта, онуоха биир атыылаһааччы: «Үйэм тухары холкуос, сопхуос туһа диэн икки хараҥаны тэҥнээн үлэлээн бараммын, дэһэртиири кытта тэҥ биэнсийэлээхпин, бу тоҕо да кыһыытай! Сэрииттэн күрүү-күрүү дьэллик сылдьыллыахтаах эбит! Түптээн олорбокко күүлэй тэбиллиэхтээх эбит! Хаайыыга сытыйбакка буолан баран, сири бааһырдан сылдьыахха баар эбит…» – эҥин диэн, ис-иһиттэн кыйыттан кэлэ-кэлэ, сирэй-харах аста. Уйгур онуоха тугу да хардарбакка хоноччу туттан тахсан барбытыгар, «кини дэһэртиир, холкуоска-сопхуоска үлэлээбэтэх киһи буолан, дьонтон туора көрүллэр эбит» диэн өйдөөбүтүм. Кини ити кэмҥэ сааһыран, барара-кэлэрэ тохтоон, биэнсийэтигэр эрэ олорор кэмэ быһыылаах.
Кырдьык, Уйгур от-мас үлэтигэр тиритэ-хорута үлэлии сылдьара тоҕо эрэ өйбүтүгэр хаалбатах. Оннооҕор сэрииттэн дүлүҥ атахтанан кэлбит Өлөксөөн хотуур сүгэн баран түөрэҥэлээн иһэр буолара ээ. Баҕар, салайааччылар кинини киһи ахсааныгар киллэрэн үлэлэтэ сатаабаттара дуу.
Биир сайын балта Өрүүнэ оттуур сирин кэриитигэр, билигин санаатахха, туристары аҕалан түһэриэххэ сөптөөх ураһалыы быһыылаах киэҥ-куоҥ, тупсаҕай бэйэлээх отууну бэрт өр быыччыктаан тутта сылдьан, охсон абыраабыт отун ардахха былдьаппытын туһунан кэпсииллэрэ. Ол отуутугар оҕолор киирэ сылдьааччыбыт: таһыттан оннук баараҕай курдук буолбатах эрээри, иһигэр киирдэххэ киһи мэйиитэ эргийиэх үрдүк уонна киэҥ буолан соһутара. Бу ураһа иһигэр мин аан бастаан кинигэттэн буолбатах, киһи уоһуттан «кэрэ» диэн тыл мүччү көтөн тахсарын истибитим. Охсуллубут от минньигэс сытынан саба биэрэр ол тутуутун иһигэр сото кэбиһэн олорон Уйгур: «Кэрэни өйдөөбөт, өйдүү да сатаабат киһини кытта маргыһан туһа суох…» – диэн кими эрэ кимиэхэ эрэ мөҕүттэрэ. Онно мин Кэрэ диэн сибэкки, үрүмэччи, бэл эдьиийим куораттан кэтэн кэлбит дьэрэкээн өҥнөөх былаачыйата эрэ буолбатаҕын, туох эрэ уустук, киһи аайы өйдөммөт көстүүгэ сыһыаннааҕын сэрэйэ санаабыттаахпын. Ураһа-отуу эргиччи оҥоһуллубут олорор сирдээх, ортотугар холумтаннаах, уурбут-туппут курдук тэриллээх ыал дьиэтин курдук этэ. Уйгур бу отуутугар күһүн хаһыҥ түһүөр диэри соҕотоҕун олорор быһыылааҕа. Эбэтэр биир сайын туос тыы тиктэ сатаабыта сатаммакка санаата алдьанан кыайан оттооботоҕун туһунан: «Ээ, дьэ, кини киэнэ онтон атын буолуо