Название | Уйгур |
---|---|
Автор произведения | Сайа Михалева |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6098-6 |
Дьэ ол саас хас биирдии ньургуһун төбөтө, хас биирдии мутукча иннэтэ бары биһиги дьолбутун уруйдаабытынан тыллар курдуктара, кэриигэ этэр кэҕэ биһиги дьоллоох күннэрбитин ситэн ааҕа сатаан баран бутуллан, кэлэҕэйдээн барарга дылыта.
Сүргэм көтөҕүллэ сылдьар киһи, оччотооҕу дьон сиэринэн, эрдэттэн оҥостон-сорунан ыһыахха бэлэмнэммитим. Тумустаах саары этэрбэстээхпин, кыл сэлээппэлээхпин, сүүрэрбэр-көтөрбөр табыгастаах гына уус дьахтарга ыйан- кэрдэн тиктэрбит ыстааннаахпын, ырбаахылаахпын. Ол саҕана дьон ыһыахха бачыыҥка, көстүүм кэтэр идэлэммиттэрэ, оннук таҥастаах киһи саҥа олохтон хаалсыбакка иһэрэ көстөр быһыылааҕа. Мин буоллаҕына, оннук таҥаһым баарын үрдүнэн, саатар ыһыахха сахалыы таҥныахтаахпыт диэн мөккүһэр этим. Онон ырбаахыбын өссө Хорос кыра уолуттан хаартыга сүүйэн ылбыт солко куһааппынан курданабын. Чугастааҕы ыһыахтарга сылдьан баран уйгуураммын, олох да чиэски дойдуларга тиийтэлээн хааллым. Атах оонньуутугар, сүүрүүгэ хаардыы хаамабын, улахан этээччи суох буоллаҕына, оһуохайдаан тыыммын таһаарабын.
Сэрии буолбутун Ньурба сиригэр сылдьан истэн бараммын, муҥ кыйаарбынан дойдубун быстым.
Чугаһаан баран, аара биир ыалга чэйдээри тохтообутум: «Ийэҕин баттаспатыҥ дуу?» – диэн ыйыттылар. «Тугу?» – диибин. «Оо, олох да истэ иликкин дуо, биэс-алта хонуктааҕыта эйиэхэ илдьит тиэрдээри баран иһэр киһи таарыйан ааспыта. Ийэҥ куһаҕан буолаары гыммыт дуу, буолбут дуу диэн», – диэтилэр.
Дьэ ол баар этэ, мин туспар сир-халлаан түҥнэстэр үлүгэрдээх түгэнэ. Ситэри тугу да истибэккэ, атым үрдүгэр түһэн, дьиэм диэки хабылыннара турдаҕым дии.
Тиийбитим, ийэм барахсан иһин бобута туттаран, быһыыта, муҥурдааҕа буолуо, аҕыйах күн эрэйдэнэн баран, алаархай киэҥ харахтарын аны хаһан да арыйбаттыы, букатыннаахтык саппыт… Хара өлүөр диэри «уол кэлбэтэ дуу?..» диэн миигин ыйыта сыппыт… Төһө өр кэтэһиэхтэрэй, сайыҥҥы киһини кистээн кэбистэхтэрэ дии. Бэйэбин кэлэнэн да төһөнү кэлэниэхпиний?! Илдьит бөҕөтүн ыыта сатаабыттар, ону ол үүнэ-тэһиинэ суох көҥүл көппүт далаҕаны ким хантан булан тиэрдиэй? Дьонум бары: аҕам, балтым Өрүүнэ, быраатым Миитээ кытта ийэбит өлбүтүн кытта иллэспит курдуктар, ытаабаттар, көннөрү соҥуорбут көрүҥнээхтэр. Оттон мин уйа-хайа суох ытыы сылдьабын, бэйэбин буруйданарым да оччо буолуо. Дьиҥэ, баар да буоламмын тугу уларытыам эбитэй? «Өлбүтү кытта өлсүбүт суох, олус айманар сатаммат, мантыҥ өлүөхсүккэ куһаҕан», – диэн өйдөтөн көрөллөр да, туһа суох. Иэйэм хотунун кытта сыһыаннара тупсубатаҕа, ол иһин быһыылаах, улаханнык санаарҕаабыта көстүбэт, миигин да уоскута сатаабат.
Өлүүнү ханнык баҕарар киһи, ордук эдэр өттө, бэйэтигэр сыһыарбакка, өрүү тэйиччи тутан, атын дьоҥҥо эрэ ааҥныыр алдьархай курдук өйдүүр идэлээх. Ол курдук мин эмиэ өлүү суоһар тыына сир үрдүгэр кэлиэххиттэн субу чугас, кэтэххэр үрэ сылдьар улуу дьаалы эбитин саҥа куойабар-маҥкыбар оҕустаран өйдөөтөҕүм. Тахсыылаах хаарты курдук табыллыбыт да олох, өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕынан ыйда да, ыһыллан хаалар