Название | Биһиги сахалар…. Туруулаһыы |
---|---|
Автор произведения | Ульяна Алексеевна Винокурова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6627-8 |
Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы аймах сахалар —
Аан дойду арыйар бары алаастарыгар
Айар-тутар айдарыыбыт сайда турарыгар!
ААН ТЫЛ
«“Туруулаһар” диэн тылы, билигин эрэ, аһаҕастык, бэйэтин суолтатынан өйдүүр кэммит кэллэ. Бу олус күүстээх тыл», – диэн кэриэһин этэн хаалларбыта саха биир бастыҥ өйдөөх саарына, саха тылын күүһүн тилиннэрээччи, саха омук кырдьыгын, уратытын туруулаһааччы Баһылай Бырдьахаанап 1.
Саха омук үс атахтаах толору кымыстаах чороону күөрэччи көтөхпүт көрүҥнээх:
Биир атах – киин сахалар.
Иккис атах – Бүлүү сахалара.
Үһүс атах – хоту сахалар.
Оттон биир атах доҕолоҥноотоҕуна – омук сатарыйыа, кымыһа тохтуо.
«Биһиги, сахалар…» диэн кинигэм тахсыбыта номнуо 30 сыл буола оҕуста. Демография науката 30 сылы көлүөнэлэр солбуйсар кэрчик кэмнэринэн билинэр. Ол аата, ааспыты кытта ситимнээн, саҥа көлүөнэҕэ туһаайан, инникини торумнаан толкуйдуур соругу ситиһэргэ дьулуһуохтаахпыт. Суруллубут – суоруллубат. Отут сыл анараа өттүгэр суруйбут кинигэбин саҥалыы хараҕынан ааҕан көрдүм да, туохтан да аккаастанар, бу сыыһа халытыы барбыт диэн кыбыстыбатым. Баҕар, оннук мастыйан хаалбытым буолуо.
Бу икки кинигэ икки ардытыгар бэрт элбэх билии мунньулунна, араас өрүттээх историческай уларыйыылар ыгымнык сөрөөтүлэр, көҥүл тыынын да уктулар, хааһахха да тыыннардылар. Билэ-көрө, тэҥҥэ олук үктэһэ сылдьар дьон кэм-кэрдии кэрэһиттэрэ буолаллар. Оннук дьону кытта санаа атастаһар баҕаттан бу иккис кинигэни суруйарга сананным.
Саха омук бэйэтин дьылҕатын тас дьайыылар күһэйиилэриттэн ыктаран толкуйданарга, тыыннаах хаалар, онтон сайдар суолу биттэнэн, таба тайанарга дьулуһар, ол тула сомоҕолоһор майгылаах омук. Онуоха сонун, туһалаах буолуо диир уратылары хамаҕатык ылынар дьоҕурдааҕын былыргыттан билиҥҥигэ диэри атын омуктар бэлиэтии көрөллөр. Сэрэхтээх, туга-ханныга, ис биэтэһэ биллибэт угаайыга киирэн биэрбэккэ дьулуһар.
Саха омук сайдыытын 100 сыллаах былаанын ойууннаан, научнай тас күүстэри да түмэн, политическай да, литературнай да билиилэринэн сирдэтинэн Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Софрон Данилов, Михаил Николаев толкуйдарынан айыллан, олоххо араас өрүттээхтик киирбиттэрэ.
Судаарыстыба дьылҕата уонна омук дьылҕата – араас араастар, тус-туспа да хайысхалаах, дьүөрэлэспэт да буолуохтарын сөп. Быйыл биһиги государственностаах омук буолбуппут 100 сыла диэн бэлиэтии сылдьабыт. Дьиҥинэн ыллахха, 1921 сыл алтынньы 23 күнүгэр ылыныллыбыт «Декларация прав и обязанностей трудящихся Якутской Социалистической Советской Республики» уонна 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр араас омуктаах норуот аатыттан ылыныллыбыт «Декларация о государственном суверенитете Якутской-Саха Советской Социалистической Республики» саха омук былааһа буоларын кэрэһилээбэттэр. Инньэ гынан, хайалара да саха омук судаарыстыбалара буолбатахтар. Итини чуолкайдык өйдүөхпүтүн наада. Онон, саха бэйэтин уопсастыбаннай, гражданскай күүстэринэн салайынарга дьулуһар.
Оннук бэйэ ис кыаҕынан сайдыыны тутуһарга күүстээх туруорсуу, билии-көрүү таһымынан официальнай былааһы кытта дьүөрэлэһэн, сомоҕо тылын-санаатын тиэрдэр кыахтаах бэлэмнээх, тэрээһиннэрдээх буолара ирдэнэр. Өскөтүн 1990-с сыллар саҥаларыгар инкооптация диэн уопсастыбаннай лиидэрдэри былаас структураларыгар хото киллэрбит эбит буоллахтарына, билигин оннук суох. Түмүгэр, оппозиция да, бииргэ куолаан үлэ да тахсыбат. Оннук турук былааска да, уопсастыбаҕа да охсуулаах, түмүгэ – сытыйыы, эстии, ыһыллыы.
Өрөспүүбүлүкэ былааһа үүт-үкчү үөһээҥҥилэри үтүктэр. Тутулбут оннук, арбаҕастаах да абыраабат. Маннык кэмҥэ биһиги «мягкая сила» диэн ньыманы туттуохтаахпыт дии саныыбын. Ханныгын да иһин былааска бэйэлээх бэйэбит дьоммут олороллор. Оннук олохтоох омук бас-көс дьоно салалтаҕа тахсыбыттара федерация субъегын аайы кыаллыбат. Онон, бу дьоммут ааттарын-суолларын харыстыахха уонна тылбытын сатаан тиэрдэр ньымалары көрдүөххэ. Бэйэ эрэ туһун буолбакка, Арктика, бүтүн Сибиир кыра-хара, аҕыйах ахсааннаах, бэйэлэрэ субъект быһыытынан таһымнаах тутулларын кыаммакка олорооччулар дорҕоонноох куоластара буолуохтаахпыт. Онуоха хайдах бэйэ бодобутун тардынан, атыттары тардар дьон-норуот буолабыт?
Биһиги туһаайыыбыт – норуоппутун кытта бииргэ буолан, кини куолаһа, киэҥ көхсө, уһун тыына, сырдык санаата буолуу.
Ол сорук туолуутугар, аан бастаан, олохтоох дьаһалталар истэригэр өтөн киирии наада. Олохтоох публичнай былаас сис дьоно буолуу – бу кыаллар тирэх, салгыы өрөспүүбүлүкэ, федеральнай таһымнарга тахсарга тирэнэр үүнүү, бэйэни салайыныыга бэлэмниир олуктар туһалыахтара.
Ханнык да омук бэйэтин салайынар таһыма ис кыаҕынан быһаарыллар. Бу ааспыт сүүс сыллаах үөрэхпит дьиҥнээх ис хоһооно итини бэйэбит толкуйбутунан өйдүүрбүтүгэр тириэртэ. Баары баарынан ылыныахха, онно тирэҕирэн кэскили тобулуохха.
Бу
1
Баһылай Бырдьахаанап. Айар тыл уоттаннын! Тыл илбиһэ төлөннөннүн! – Дьокуускай: Бичик, 2009. – С.284.