Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы. Вячеслав Карпов

Читать онлайн.
Название Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы
Автор произведения Вячеслав Карпов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4337-8



Скачать книгу

үҥкүүлүүр балассааккаҕа көбүөр тэлгэтилиннэ. Мин ыйааһыммар биир дойдулааҕым Степан Собакин баар. Чурапчыттан илдьэ барбыт тренерим: «Ыстапааҥҥа түбэстэххинэ, сэниэҕитин эһимэҥ, эрэйдээбэккэ эрэ кыайыыны биэрээр», – диэтэ. Кырдьыга, ити саҕана миигин ким да билбэт, оттон Степан миигиттэн сааһынан аҕа, республика күүстээх тустуук уолаттарын ахсааннарыгар киирэн, биллэн-көстөн эрэр кэмэ. Онон кинилиин сирэй көрсүһүүгэ улаханнык утарса сатаабакка, очконан хоттордум уонна атыттары барыларын лаһырҕаччы кыайталаан, иккис миэстэ буоллум.

      Саха тустуутугар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллубут 1964 сыл үүммүтэ. Бу сыл бэс ыйыгар Дьокуускай «Спартак» стадионугар РСФСР көҥүл тустууга чемпионата ыытыллыахтааҕа. Хаһыаттарга онно бэлэмнэнии туһунан кэпсэтии нүөмэри көтүппэккэ саҕаламмыта. Ордук саха спортивнай журналистикатын төрүттээбит Иван Семенович Кычкины махтана ахтыам этэ. Кини чемпионакка бэлэмнэнэ сылдьар бөҕөстөртөн ылбыт интервьюларын, Борис Васильев доҕордуу көр-күлүү уруһуйдарын биири да көтүппэккэ ааҕарбыт.

      Аты эрчийэн, баайан, хатаран баран, баайааччы тренер сүүрүүгэ илин былдьаһыннара киллэрэрин кэриэтэ, Бөтүрүөбүс миигин: «Сөп буолла», – диэтэҕэ буолуо, араас күрэхтэһиилэргэ утуу-субуу кытыннаран барда. Саха театрыгар республика оҕолорго чемпионата ыытылынна. Ол аайы былырыыҥҥы Степаным суох, онон бэркэ баран иһэн, Руслан Игнатьев диэн уолтан иҥинним, очконан хотторон, атыттары тулуппакка, иккис миэстэ буоллум. Аны улахан дьоҥҥо тахсан, Ытык Күөлгэ буолбут Алексеевскайдааҕы производственнай управлениеҕа (Чурапчы Таатталыын холбоһон кылгас кэмҥэ итинник ааттана сылдьыбыттара) 52 киилэҕэ бастаатым. Таатта бөҕөһүн кыайбытым да, билигин аатын өйдөөбөппүн.

      Аан маҥнай Сахам сирин тас өттүгэр, Сибиир уонна Дальнай Восток чемпионатыгар кытта республика сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсэн, саас Улан Удэ куоракка көтөн тиийдибит. Чурапчым, Чакырым хаарынан ытыллар тибиилээх-тиһиктээх, кубулҕаттаах-дьибилгэттээх кулун тутарынан охсон буолуо – хаатыҥканан барбытым, доҕоор! Ол дойдуга уу-хаар, чалбах, бадараан бөҕөтө тахсан, бүтүннүү баллырҕас-биллирҕэс, сөрүө оннун да саҕа хаар ордубатах. Киһи хайдах да хаатыҥканан сылдьыбат дойдута буолбут. Хата, хаһаайыстыбаннай киһи Юра Васильев саҥа бачыыҥка ылынан абыраата, эргэтин мин ытыһым үрдүгэр түһэрэн ыллым.

      Манна эмиэ иккис миэстэ буоллум, финалга Потлицын диэн уоллуун күөн көрүстүбүт. Тэбис-тэҥҥэ барбыт хапсыһыы түмүгүнэн кыайыыны киһибэр биэрдилэр. Ол эрээри оччолорго республика тас өттүгэр тахсан, чемпион буолуу улаханнык хойдо илик буолан, ити иккис да миэстэбиттэн астыммыт курдук этим. Биһигини илдьэ сылдьыбыт Бөтүрүөбүс даҕаны хомойбут чинчитэ суоҕа.

      Чурапчыбар төннөн кэлэн, тохсус кылааһы бүтэрээт, аны Россия уолаттарга чемпионатыгар бараары, Коля Сивцевтааҕы кытта Дьокуускайга бэлэмниир эрчиллиилэргэ сырыттыбыт. Мин ыйааһыммар баар дьону, Россия чемпионатыгар кыттаары сылдьар бөҕөстөрү – Николай Сафоновы,