Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы. Вячеслав Карпов

Читать онлайн.
Название Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы
Автор произведения Вячеслав Карпов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4337-8



Скачать книгу

доҕор, эрэллээх сүбэһит диэн саамай сөпкө этэллэр. Сахам сирин, төрөөбүт норуотум уруккутун кэрэхсииргэ, киэн туттарга «Сааскы кэмтэн» үөрэммиппит, «Эдэр гвардияттан» Ийэ дойдуну төлөннөөхтүк таптыыр патриотизм тыыныгар иитиллибиппит. Билигин төһө да ахсарбат быһыынан ахтыбыттарын иннигэр, «Чөөчө», «Чүөчээски» курдук кэпсээннэр кырдьыксыт, чиэһинэй буоларга, батталы-атаҕастабылы утары охсуһарга уһуйбуттара, оттон улаатан барыыбар Войнич «Тигээйитин» сыттыгым анныгар укта сылдьан ааҕарым, эр киһи быһыытынан кытаанах, бэйэ соругун толорорго дьулуурдаах, кыра ыарыы аайы ынчыктаабат, ханнык да ыарахаттарга бэриммэт күүстээх санаалаах буоларга Риварес уобараһа ыҥырара.

      Оту-маһы тардыалаһан эрэр кэммитигэр Чурапчыга Ленинградка үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлбит учуутал, I разрядтаах тустуук Дмитрий Петрович Коркин дьону эрчийэн эрэр үһү диэн буолла. Биһиги сүрдээҕин сэҥээрэн, интернакка кэпсэтиибит наар ол туһунан буолла. Спортсмен диэни харахтыы илик оҕолор санаабытыгар I разряд диэн айыы бухатыыра Чурапчы сиригэр бэйэтинэн кэлбитигэр тэҥнээх курдуга. Арай эмиэ сурах тарҕанна: «Коркин интернат-оскуола оҕолорун эмиэ тустууга үөрэтэ кэлэр үһү».

      Дьэ, бары тустуохпутун, кыахпытын билиэхпитин туох да наһаа баҕардыбыт, дьиҥэр ыллахха, оскуолаҕа араас куруһуок баара – хаартыскаҕа түһэрэргэ, уһанарга үөрэтэр, тыыннаах муннукка (онно, бэл, сибиинньэлээх этибит) төһө баҕарар дьарыктаныахпытын сөп этэ да, уолаттар үксүбүт тустуу диэн баран утуйар да уубутун умуннубут. Дьэ, ол кэнниттэн биир үтүө күн кэтэһиилээх тренербит бу киэһэ секция ыыта кэлэр диэн буолла.

      3

      Кыра кулууптаах этибит. Онно муннукка бааталара онон-манан логлоруттан тахсыбыт мааттар кыстанан тураллара. Тренировочнай көстүүмнээх, аргыый аҕай саҥарар тренер секцияҕа кэлбит оҕолору кэккэлэтэн баран маҥнай билистэ, тус-туу туһунан билиһиннэрии быһыытынан кэпсээтэ, аан дойдуга аатырбыт бөҕөстөрү аҕынна, эт-хаан өттүнэн эрчиллиилээх киһи дэгиттэр үчүгэй буоларын, өйө-санаата чэбдик, чөл сылдьарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Онтон муннукка турар мааттары тэлгэттэрдэ, итиэннэ онно оонньотон, сүүрдэн-көтүтэн таҕыста.

      Биһиги, кыра бэдиктэр, мэниктиир кыах бэриллибититтэн мааспыт табыллан, оонньоон булумахтанныбыт, ол быыһыгар тустан да хачыгыратан ылабыт. Бөтүрүөбүс тугу да саҥарбакка, тула хаама сылдьан болҕомтолоохтук одуулаһар. Билигин санаатахха, кини айылҕаттан мындыр педагог буолан саамай сөптөөх хайысханан барбыт – тута тустуу албастарынан, эти-сиини илиһиннэрэр кытаанах бырахсыыларынан чаҕытан кэбиспитэ буоллар, ахсааннаах оҕо секцияҕа иҥнэн хаалыа, үгүс өттө тустуунан салгыы дьарыктаныан баҕарыа суоҕа эбитэ буолуо. Оттон эргийэ сылдьан оонньуурбутун көрөрө диэн – биһигиттэн хайа уол ордук имигэстик хамсанарын, утары бырахсар дьоҕура төһө түргэнин, сүһүөхтээҕин эҥин, быһата, тустууга сыһыаннаах буолуон сөптөөхтөрү чинчийэн билгэлиир эбит.

      Ити курдук оонньуу-көр быһыытынан барбыт маҥнайгы дьарыкпыт бүттэ,