Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы. Вячеслав Карпов

Читать онлайн.
Название Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы
Автор произведения Вячеслав Карпов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4337-8



Скачать книгу

кыдамалаан, бугуллары от үөһэ быраҕаттыы сырыттахпытына, бииргэ үөрэнэр уолум Юра Баягантаев дьээбэлэнэр: «Россия, Союз ааттаахтарын талбыт тамныыр киһи бу бугул сыыһын киһилиэҥ дуо, көтөҕөн ылан элээрдэн кэбис», – диэмэхтиир.

      Күһүн буолбутугар, күүппүт-ахтыбыт сиэринэн, тустуу секциятыгар харса суох дьарыктанан барабын. Кимиэхэ да мэһэйдээбэт, мэһэйдэппэт гына спортивнай саала уонна мастарыскыай икки ардыгар бэйэбит туспа 5х5 миэтэрэ иэннээх сааланы туппуппут. Бу сырыыга Бөтүрүөбүс миэхэ улахан болҕомтотун ууран, анаан-минээн дьарыктаата. Ок-сиэ, кытаанах да бэлэмнэниини барбыппыт, күүһү хачайдыырга, албастары чочуйууга, холонон хапсыһыыларга, сүүрэргэ-көтөргө хас лиитирэ көлөһүммүт көбүөргэ тохтубута эбитэ буолла? Тренерим ноҕоруускабын күүскэ эптэ – урут нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктанар эбит буоллахпытына, билигин күн ахсын үстүү-түөртүү чаас туһун да туһун, бырахсыылары хат-хат чочуй да чочуй – албаһы оҥоруу, көмүскэнии, утары бырахсыы. Холобура, утарылаһааччыҥ атахха түстэҕинэ, халбарыйан умса садьыйыы, ыстаммыт уоҕун туһанан, умса баттыы сылдьан, ыраах атаҕын буутуттан ылан төбөтүн оройунан хойуоһуннарыы (итини Сахаачча, атаҕар күүстээх буолан, эҥкилэ суох оҥороро), моонньуттан кууһаат, окумалыттан олуйан тиэрэ эргитии, түһэр күүһүн туһанан өттүктээһин уо.д.а.

      Бөтүрүөбүс «үөрэнэргэ ыарахан эрээри, сэриилэһэргэ чэпчэки» диэн девиһинэн салайтарара, дьарыктаныы кэнниттэн үлтү сылайан, киэһэ сэттэ аҥаар саҕана дьиэбэр кэлээт, сонно охтон, утуйан хааларым. Күүстээх хара үлэ үтүө түмүктэрдээҕэ – бииргэ эрчиллэр уолаттарым Коля Сивцев, Бүөккэ Макаров кыра кылаастарга миигин тулуппат этилэрэ, оттон тохсуска араа-бараа бырахсарбыт. Онуска кэмниэ кэнэҕэс мин дьоммун баһыйар буолан барбытым, аны били ымсыырар разрядтарбыт нуормаларын сыыйа-баайа толорон барыыбыт үчүгэйэ сүрдээҕэ. Оччолорго «юношескай» диэн разрядтар бааллара, «I юношеский разряд» диэн значогу түөспэр анньынан, мин саҕа дьоллоох киһи суоҕун курдук санана сылдьыбыттааҕым.

      Мин олохпор хаһан да умнуллубат 1965 сыл үүнэр.

      Бу сыл мин оҕолор бөлөхтөрүттэн тахсан, улахан дьоннуун ситиһиилээхтик тустардыы үүммүт уонна бары кыттыбыт күрэхтэһиилэрбэр кыайыылааҕынан тахсыбыт сылым этэ. Аан маҥнай, дьэ хайа муҥун, бу сырыыга уолаттарга республика чемпиона буоллум. Онтон өрүс илин эҥээрдээҕи зонатыгар улахан дьоҥҥо тустан, 52 киилэҕэ илистибэккэ бастаатым.

      Бөтүрүөбүһүм батыһыннаран, улахан дьоҥҥо республика чемпионатыгар кытта киирдим. Ыйааһыммар киһи элбэх, былырыын ааспыт Россия чемпионатын сабыдыала буолуо – күн ахсын саала хайдарынан элбэх киһи мустар. Сэрэбиэйим табыллан, маҥнайгы эргиирдэргэ улаханнык биллибэтэх тустууктарга түбэһэн, ыраас кыайыыларынан айаннаатым. Көрөөччүлэр миигин, эдэр уолу – саастаах, сиппит дьон ортотугар соҕотоҕун кыбыллан сылдьарым иһин буолуо – хара ааныттан сөбүлээтилэр, туста таҕыстахпына, ытыс тыаһа өрө хабыллар, «Слава, кытаат!» – диэн хаһыы-таһаллар. Онтон тэптэн, санаам