Название | Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) |
---|---|
Автор произведения | Семен Маисов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3154-2 |
Сылгыһыт уолаттар хааччахха хаайбыт сылгыларын сэлээтилэр. Сэлээбит сиэллэрин, кутуруктарын мунньаллар. Эмээхситтэргэ үллэрэн холкуоска көнтөс, ынах быата хаттараллар. Саас сылгы түүлүүр, ону кырыаччынан тараан ылан лааппыга туттараллар. Аны сорох атастаһыкка кэлбит бэлиэтэммэтэх сылгылары уонна убаһалары барыларын, ийэлэриттэн туспа арааран кыбычаалга хаайа-хаайа, бэчээт ууран дьэрэлиттилэр. «Свердлов» холкуос ууһугар Дарайыы Киргиэлэйгэ «С» буукубалаах бэчээти оҕустарбыттар. Онтуларын кулуһун оттон кытарда-кытарда сылгы өттүгэр баттаан, чуучугураччы сиэтэн бэчээттииллэр. Бэлиэтэммит убаһалары ийэлэригэр холбуу-холбуу, далтан таһаартаан ыыталаан иһэллэр. Быйылгы кыһыны, хаһыыта үчүгэй буолан, этэҥҥэ туораабыттар. Кыһын ойбоҥҥо киирэ сылдьан күөл кытыытын хаарын хаһыйа тэбэн көрдөххө, күөхтүү тоҥон будьуруйбут от өрө ытылла түһэрэ, маннык дьыл сылгы абыранар. Күһүҥҥүтэ да куһаҕана суоҕа, айылҕа барахсан алыс ардаан, муус килиэ гына тоҥорбокко, уһуннук, күүскэ тымныйан баран кыстык хаарын түһэрбитэ. Онон сылгыга, маныытыгар да үтүө күһүн ааспыта.
Ыам ыйын саҥатыгар дьиэбит анныгар, сылгы хаһыытыгар тахсыбыт ньалыар ууга эрдэлээбит икки көҕөн кэлэн түспүттэрин көрөн, ыалбыт Намыынап Хабырыыл, хатыйыы күрүөнэн хаххаланан, үөмэн киирэн атыырын ытан ылла, тыһытын сыыһан кэбистэ.
Киэһэ өтөхпүт эр дьоно, Улахан Баһылай тимир күрдьэх уктана олордоҕуна кэлэн, күнүскү көҕөттөр тустарынан табах тардан бусхата-бусхата кэпсэттилэр. Биһиги, оҕолор, дьоммут сэһэргэһэллэрин сэҥээрэн истэбит, күн уһаан, сылыйан, көбдөҕү киэптии толорор сааскы көй салгын үчүгэйэ бэрдиттэн хойукка диэри тастан киирбэппит.
Намыынап көҕөнү сыыспыт абата билигин да ааһа илик:
– Кэлэн түһээ ини, ытан ылыллыа, – диир.
Баһылай күрдьэҕин угун кыҥаан көрө-көрө:
– Маҥнай тыһытын ытыаххын, оччоҕо саҥа кэлбит