Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3154-2



Скачать книгу

булчуту булбуттар. Киһи от үрэх кытыытыгар сытара үһү. Хайыһара суох, тоҥуу хаары оймоон иһэн охтубут. Хабырыыллаах табалара сиргэнэн, таныыларын тардырҕата-тардырҕата өрө ханарыйан чинэккэлээбиттэр, ыттар тиийэн сытырҕалыы-сытырҕалыы ыйыласпыттар. Туркуттан түһэн умса сытар киһини эргитэн көрбүттэрэ саха эбит, хараҕын нэһиилэ көрөн тугу эрэ саҥаран үлүгүнэйэ сатыыра үһү да, тоҥон, тыла булдьуйан, биир да тылы киһи иилэн ылан истиэн курдугу эппэтэх. Арбаҕаһа, ньылбата суох аҥаардас халтаҥ сонунан эбитэ, саата, сүгэһэрэ эмиэ суоҕа үһү. Ылдьаалаах туркуга сытыаран балааккаларыгар аҕалбыттар. Билбэт булчуттара биһиги дьоммут үүтээннэриттэн соччо ырааҕа суох сиргэ быстаран охтубут. Тимир оһох балаакка иһин сонно тута «үрэн» кэбиспит. Эрэлэ букатын эстэн сыппыт киһи, дьон түбэһэ түһэн булбутуттан үөрэн, эр ылан, хамсанан-имсэнэн кэлбит, эһэ үөһэ суураллыбыт итии чэйи иһэн, сылыйан тыла дьэ өһүллүбүт. Эт-хаан өттүнэн чэгиэн, бөдөҥ-садаҥ киһи буолан, тымныйбыта охсон салгыы ыалдьан хайаан сытан хаалбатах. Иэдэстэрин уонна хаҥас илиитин эрэ кыратык иһэлиппит. Охтубутун кэннэ Ылдьаалаах сонно тута булан уонна халыҥ былыттаах, нуһараҥ күннэр тураннар киһи хата улаханнык үлүйбэтэх. Ол булчут, Хаҕын киһитэ, Бөһөх Бүөтүр диэн эбит. Бултуу иккиэ буолан эмиэ табанан тахсыбыттар. Бөһөх сир кэринэ сылдьан үрэх иһигэр саһыл олугар чааркаан ииппит… Биир күн табаларын тэйиччи баайан баран, хайыһарын кэтэн, били чааркаан уурбут сиригэр чугаһаан иһэн ыраахтан көрбүтэ, дьэ эбэтээ, баай хара тыа сэдэхтик түбэһэр маанылаах харамайа уот кыһыл саһыл иҥнэн өрө мөҕө олороро үһү. Саһыл киһи сыбдыйан иһэрин көрөн, тыын былдьаһыгар өлөр мөхсүүтүн тилигирээбит. Биир түгэҥҥэ тимир чааркаан чыба кулугутуттан төлө ыстаммыт. Икки бууттаах чааркааны соспутунан куотан субуруҥнаабыт. Уһуннук мөхсөн ыарыыланан бэрт мөдөөннүк ойуолуура эбитэ үһү. Бүөтүр ону сырсан добуоччу ыраах барбыт. Чааркаан чээҥкээйилээх саһыл ыт мунна баппат ычыкынын иһинэн, куобах ороҕунан куотара эбитэ. Күүстээх бууттаах чааркаан буолан уҥуоҕун тоһуппут, хаан таммалыыра киһи иннигэр хойуу тыа быыһынан, оол курдук көстө-көстө, көөчүктээбиттии көп кутуругун соһон мөлбөрүҥнүүрэ үһү…

      Бөһөх Бүөтүр кыттыгас бииргэ бултуур киһитинээн, Баһылай Кирииллин-Чаампара диэнниин, Лииндэ салааларын, Чигди үрэхтэрин бата сылын аайы бултууллара эбитэ.

      Саһыл ситтэриэхчэ ситтэрбэккэ, сылбах бүтэйдии күөрэ-лаҥкы сууллубут, хаһан эрэ өрдөөҕүтэ улахан уот сиэбит, куобах уоһа адырҕаналаах сиринэн иннигэр бардар-бара турбут. Бөһөх туоһапкатыгар уонча ботуруоннааҕынан ыппыт да таппатах. Саатын уоһун иһэ мууһуран хаалан отой сыыһан кэбиспит. Уот кыһыл саһыл Чигди үрэҕиттэн тахсан аны Сэбирикээн диэн үрэҕи сыыйан барбыт. Саһыл да өлбөт үөстээх, булчут да, сырыыны-сылбаны сылдьыбыт киһи диэтэххэ, кыра оҕоҕо дылы баламаттык батар, ньоҕой майгылаах киһи буолан биэрбит. Кирииллиннээх ити үрэххэ урукку эргэ үүтээннэрэ баара, кэлин атын сиринэн ыырданан ол эргин сылдьыбатахтара хас да сыл буолбут, Бөһөх «онно тиийэн баран төннүөм» дии санаабыт…