Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3154-2



Скачать книгу

Улахан Баһылайы көрсөөрү, Өлөксөй сыарҕалаах атынан кэлэн барда. Балтыһах тайаҕынан тирэнэн хаамара, мас атахтаах диэбиттэрин иһин биһиги оҕолор ол «дьикти» атаҕы көрөөрү гыммыппыт, онтубут быратыас атаҕын таһынан хаатыҥка кэппит буолан өлүөр атах курдуга. Эмээхсин чэй бэлэмнии охсубута. Сэрии алдьархайын, уоту-күөһү ортотунан ааһан, эбиитин эмсэҕэлэнэн эргиллибит саллааты бары туох эрэ курдук күндүтүк көрөрбүт. Таһарахтыыр уола төһө да чэгиэн этин сэймэктэтэн кэллэр, тыыннаах дойдутун буорун булбутуттан үөрүүтэ муҥура суоҕа. Биһиги саллаат ыалдьыты кытары бары бииргэ чэйдээбиппит. Кини тугу кэпсиирин барытын сыыска-буорга түһэрбэккэ болҕойон олорон истэрбит. Өлөксөй хойуу үүттээх итии чэйи сэмээр сыпсырыйан иһэ-иһэ, тиритэ-хорута, арҕаа, сэриигэ сылдьыбытын туһунан ыксаабакка сиһилии кэпсиирэ. Ол дойду ураты сиригэр-уотугар, эҥин эгэлгэ дьикти отугар-маһыгар тиийэ. Сорох кыһалҕалаах, эрэйдээх түгэннэрин, оонньуу-күлүү кэриэтэ сэһэргиир курдуга да, ол ааспытын эрэ кэннэ судургутук ахтыллар быһылааннар буолалларын бэл биһиги оҕо дьон кытары өйдүүрбүт. Атаҕар уонна эҥил баһыгар таптаран гуоспуталга икки аҥаар ый эмтэммит.

      – Атахпын сүтэрбитим диэн, оннооҕор өлөн хаалыам этэ, – Өлөксөй үөһэ тыынан ылар.

      – Кырдьык да оннук, тыыннаах дойдугун буллаҕыҥ, – Маарыйа эмээхсин Өлөксөй диэки көрбөккө эрэ сөҥ түһэн олорон сэҥээрэр. Онтон ыалдьыт хончоҕордоох чэйин иһэн бүтэрбитин көрөн хат кутан биэрэр.

      – Дойдум үүттээх чэйэ кытары ураты минньигэс… Боруоҥҥа сылдьыбытым тухары, саатар, элэтэ биир саханы элэкис да көрсөн ааспатым. Киһи ыраах тэлэһийэн сылдьан төрөөбүт сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин ахтара диэн сүрдээх буолар эбит. Манна тэлгэһэм иһигэр кыыһырсыбыт, өтөҕүм иһигэр айдаарсыбыт кыр өстөөхпүн да көрсүбүтүм буоллар күндү сүтүкпүн булбут кэриэтэ сананыам этэ.

      Таһарахтыыр уола күн уота быһа сиэн кубарыйбыт эргэ гимнэстиэркэтин уолугар «Хорсунун иһин» диэн соҕотох мэтээлин тыла хас хамсаннаҕын аайы эйэҥэлиирин оҕолор бэркэ диэн олус сэҥээрэн көрөбүт. Өлөксөй сэриигэ ыҥырыллыан иннинэ «Свердлов» холкуоска араас үлэҕэ үлэлээбит. Кытта төрөөбүт убайа Мэхээлэ диэн киһи үлэ боруонугар сылдьан, ыалдьан бу саас төннөн кэлбит. Инитэ Ыкынаачай, били миигин Кыргыдайтан Чохооччулартан аҕалбыт уол, боруон (бронь) биэрбит буоланнар холкуоһугар үлэлиирэ.

      Эмээхсин остуолтан туран, саппыйатын сүөрэн, мохуоркатын кымаахтаан ылан удьурҕай хамсатыгар симэр, чиэстэн тымтык ылан уокка даҕайан уматан баран табаҕар даҕайан, икки омурдун хапсыҥнатан, «сопсоп» сообурхаччы күүскэ оборбохтуур.

      Улахан Баһылай табаҕы төрүөтэх тардыбат, ыалдьыппыт эмиэ тарпат киһи эбит этэ.

      Өлөксөй наҕылыччы чэйдээн баран аны таһараа ыалбытыгар Өлөксүөйэп Хабырыыллаахха тахсыбыта.

      – Эрэйдээх үөрэн-көтөн ахан муҥнаммыт, барахсан… – эбээ ыалдьыт тахсыбытын кэннэ аһынан саҥарар. – Биһиги киһибит хайдах-туох сылдьаахтыыр… Кэлээ ини, сүрэҕим-быарым бөҕөх соҕус… – диир.

      Тохсунньу