Сайсары күөлгэ түбэлтэ. Егор Неймохов

Читать онлайн.
Название Сайсары күөлгэ түбэлтэ
Автор произведения Егор Неймохов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2013
isbn 978-5-7696-4095-7



Скачать книгу

боксердарын сурунаалтан кырыллыбыт өҥнөөх мэтириэттэрин, охсуһа, охто сытар түгэннэрин быһан лабах курдук сыһыарыллыбыт эркинин анныгар тиийэн, Элиэнэп остуолга олордо, кэннин хайыһа-хайыһа, ону көрөн хантаарыҥнаата:

      – Бу боксаны интэриэһиргиир ким баарый? Уолгут дуу?

      – Эс, суох. Хамсыайап тойон, – диэтэ онуоха дьахтар. – Бытыгын быһа үктүөр диэри өйдөммөт, ити охсуһууларынан иирэн бараары гынар. Сорох күн, тэлэбиисэргэ ити охсуһууларын көрдөрдөхтөрүнэ, түүннэри олорор, киһини да утутар суох – ыһыыта-хаһыыта, сөҕөрө-махтайара диибин диэн. Миэхэ былааһы биэрдэллэр, тэлэбиисэринэн көрдөрүөхтээҕэр буолуох, ити охсуһууларын отой бобон кэбиһиэм этэ. Уонна дьэ ыччаттарбыт охсуһаллар, иирсэллэр-баайсаллар диэхтэрэ, бэйэлэрэ үөрэтэ-үөрэтэлэр…

      «Күлүбүрэтэн түһэн, саҥаран баран төннөөр диэбит түөтэлэрэ быһыылааххын» дии санаата Элиэнэп.

      Түгэх хостон Стивенсон боксер уруһуйдаах футболканы тиирэ кэппит, баттаҕа кырымахтанан эрэр киппэ киһи тахсыбытыгар, Хамсеев буоллаҕа диэн сэрэйдэ: «бокс диэн баран муннукка ытаабыт киһи эбит, бэл, кэтэ сылдьар таҥастыын боксаҕа сыһыаннаах…»

      Элиэнэп дьиэлээх киһи мастыы кытаанах кэтит баппаҕайын тутта: «боксаны сэҥээриэххин сэҥээрэр киһи эбиккин ээ» диэн толкуй кыламнаан ааста.

      – Элиэнэп, силиэдэбэтэлбин…

      – Хамсеев…

      – Мин туох дьыалаҕа кэлбиппин сэрэйэр буолуохтааххын. Эн ыалыҥ уонна алтынньы отут биирис күнүгэр киэһэ бииргэ аһаабыт киһиҥ Давыдов киһини өлөрүүгэ буруйданар, онон таҥын уонна билигин Давыдов дьиэтигэр тахсыахха, кэпсэтиэхпит…

      – Ычча да, онно, оттуллубакка турар тоҥ хаһаа дьиэҕэ, тоҕо таҕыстыбыт, манна кэпсэппэккэ, итиэннэ ол дьиэҕитин дьэҥдьийэн баран, милииссийэлэр бэчээттээн барбыттара…

      «Манна эн сүгүн доппуруостатарыҥ биллибэт» диэн Элиэнэп санаата, итиэннэ дьахтар умайыктанарын истибэтэх курдук дьиэлээҕи тиэтэттэ:

      – Чэ, тахсыахха…

      Аан диэки баран эрдэҕинэ, дьахтар кэнниттэн батыһан иһэн, албыннаһардыы саҥара хаалла:

      – Табаарыс силиэдэбэтэл, ити эрээри бу дьыалаҕа мин оҕонньорум чооруос тумсун да саҕа кыттыгаһа суох, кини сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас муҥнаах ээ, ол күн киһини кытта охсуһуохтааҕар буолуох, букатын атаҕар нэһиилэ уйуттар өлөр итирик киһи кэлбитэ… Анараа Дабыыдап да уол илэтигэр көнө, сайаҕас майгылаах оҕо ээ, итирдэҕинэ иирэн эрдэҕэ. Оо, аат аһа, хас-хас хаарыан бэйэлээхтэри умса уураҕын…

      Ыаллыылар олбуор хаптаһынын көтүрү тардан быһа сылдьыһаллар эбит. Давыдов дьиэтин ааныгар бэчээти силиэдэбэтэл тарбаҕын төбөтүнэн бигээтэ, онтон тоҕо тарта. Күлүүһү аһан иһирдьэ киирдилэр, уорастыйбыт салгын дьар гына охсулунна. Дьиэ ортотугар хаптаһын быыһы аҥаардаан улахан халааҥка оһохтоох, ол илин өттө аһыыр сир, кэннэ – утуйар хос эбит. Куукунаҕа аҥаар атаҕа туллан эркиҥҥэ сыһыары анньыллыбыт дьоодьойбут остуол үрдүгэр, түгэх хоско утуйар таҥас төбөтүгэр чөмөччү хомуллубут оронун анныгар – кураанах бытыылкалар.

      Дьиэ дьыбарсыйбыта