Название | Сайсары күөлгэ түбэлтэ |
---|---|
Автор произведения | Егор Неймохов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2013 |
isbn | 978-5-7696-4095-7 |
Федор Давыдов ийэлээх аҕата учууталлар этэ. Бу дьон соҕотох уолларын үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэккэ ииппиттэрэ. Кыракый Федя да дьонун наһаа таптыыра, начаалынай оскуолаҕа наар «биэс», «түөрт» сыаналары ылара. Бэһискэ үөрэнэригэр күһүн, оскуолатыттан дьиэтигэр төннөн иһэн (суоллара бэс чагда нөҥүө ааһара, биэрэстэ кэриҥнээх сири хаамаллара) бииргэ үөрэнэр ыала уолунаан Вадиктыын туохтан эрэ сылтаан иирсэн охсуспуттара. Күүһүнэн баһыйар буолан Вадигы ытаппыта, онуоха уол ытыы-ытыы, туора сүүрэн баран:
– Иитиэх уол! Иитиэх уол! Эн дьонуҥ төрүт да учуутал буолбатахтар, эн дьиҥнээх төрөппүттэриҥ бичтэр, арыгыһыттар үһү… Учууталлар ол иһин эйигин иитэ ылбыттар.
Федя кулгааҕа чуҥкунуу түспүтэ:
– Сымыйалаама!
– Кырдьык! Кырдьык! Итэҕэйбэтэххинэ, ииппит дьоҥҥуттан ыйыт…
Федя бөп-бөтүөхтэс буолан дьиэтигэр көтөн түспүтэ уонна аантан хаһыытаабыта:
– Ийээ! Мин эһиги төрөппүт оҕоҕут буолбатахпын дуо?! Эһиги миигин ииппиккит дуо?! Саҥар диибин ээ, саҥар!
Иистэнэ олорор ийэтэ тутан олорор таҥаһын мүччү туппутун, сирэйэ кубарыйан хаалбытын көрөөт, уол баччааҥҥа диэри кинини албынныы сылдьыбыттарын өйдөөбүтэ.
– Ким ону эйиэхэ кэпсээтэ? Оо, үлүгэр да буолар эбит! Һыллыый, биһиги эйиэхэ ону сокуоннай сааскын туоллаххына этиэхпит диэбиппит…
Онтон ордук Федя тугу да истибэккэ, муостаҕа охтоот, тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ ытаабыта: барыта албын, сымыйа эбит уонна өссө «үкчү аҕаҥ курдуккун…», «Федябыт улааттаҕына биһиги суолбутун салҕаан учуутал буолуо…», «һыллыый, чыычаахпыт» дииллэрэ ээ! Санаатаҕын аайы уол өссө тэбиэһирэ-тэбиэһирэ марылаабыта, ааттаһа сатыыллара уокка арыыны куппут курдуга.
Итинтэн ыла Федя тосту уларыйбыта. Үөрэххэ кэнники сыһыллааччы, бэрээдэги кэһээччи кини буолбута, дьоно хомойбут сирэйдэрин-харахтарын көрдөҕүнэ, «Кэһэйиҥ! Кэһэйиҥ! Албынньыттар…» диэн сэтэриирэ эрээри, айылҕаттан уйан буолан, иһигэр аһынара. Ахсыс кылааһы нэһиилэ бүтэрээт, ГПТУ-га үөрэнэ куоракка киирбит эрээри, үөрэммэт да, үлэлээбэт да, сир-сир аайы баппатах икки уолу кытта табаарыстаһан арыгылыыр, охсуһууларга кыттар буолан, үөрэҕиттэн эһиллибитэ. Ол уолаттарынаан ханна түбэһиэх хонон, аһаан сылдьыбыта. Арыгылаан, харчылара эстибитигэр, баһылыктара Леха саппыкыһыт будкатын халыырга этии киллэрбитэ. Куттанарын биллэримээри, Федя сөбүлэһэ охсубута. Луомунан, быһаҕынан, сүгэнэн сэбилэнэн кытыы уулуссаҕа барыйар будкаҕа түүн үөһэ тиийбиттэрэ, Федя атахтара халыр босхо, бэйэтэ уу испит