Название | Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6132-7 |
– Хата, сылаас аска кэллибит буолбаат! Тугу бултаан үөллүгүт? – диэбитинэн Лэбиэрийэ Бөҕө атыттан түспэккэ кулуһуҥҥа ыксары астаран тиийэн өҥөҥнөөтө. – Оо, ыалыкылар дуу…
– Туйах күннээтэ. Атаҕынан ыалыкылары эккирэтэ сылдьан, үөрү-үөрүнэн ылла. Уолбут Барылаҕын маанылаах олбоҕор олорор буоллубут, – Бэдэр Боотур Туоҕа Боотур атын тииккэ эрийэ тарта. – Туйах, кэл, тордох тириилэрин ыл эрэ. Бэлэм дьылҕан мастарга сабыта уурталыахпыт.
Бу кэмҥэ Хучана Хаан Илбис ураһатын таһыгар өрө мэҥитэн тиийбитэ. Уучаҕыттан түспэккэ, барыара сөҥмүт ураһаны кыҥастаһа, суол-иис хайан, төттөрү-таары хаамтаран хоочугураабыта. Табатыттан түһэн, салларын дьарҕарда сатыырдыы тэбэммитэ буола тэпсэҥэлии, үөмэр-чүөмэр үктэнэн, ураһаҕа чугаһаабыта. Дьиэли өтөрү түһүөхтүү үҥүүтүн уһуктаах төбөтүнэн тирии, тыас иһиллээн иһийэ сөҥмүтэ. Сэрэхэчийиэх тыаһы-ууһу истибэккэ, үҥүүтүнэн дьиэли силэйэ, иһирдьэ көтөн түспүтэ. Эмискэ: «Хо-оох», – диэн хаахынас хаһыыны даҕаспытынан үҥүү сирилээн кэлэн, төбөтүн үрдүнэн батары сааллыбыта. Хучана таһырдьа ойбута. Кэнниттэн батаһын күөрэччи туппутунан Хаан Илбис арбаллан, баар буолбута.
– Баҕайы! Эн эбиккин дуу… Тугу үөмэн, өргөстөнөн киирдиҥ… Мин тыыммын иһиллии кэллиҥ дуо? – диэбитинэн Хаан Илбис аҕылаан мэҥийэ, батаһынан далбаатанна.
– Хаан Илбис, Хаан Илбис, уҕарый… Иэдээн, иэдээн! Өлбөт үөс… Һуу… Хата, тыыннаах эбиккин… – диэбитинэн Хучана титирэстээбитинэн тобуктуу түспүтэ. – Үөрүҥ суор, суор өлбүт…
– Баһа суох! Ол миигин биир эрэ суордаах дии санаабыккыт дуо? Уу… үөннэр! – Хаан Илбис силэ бырдаҥалыы, дьиэгэнийбитэ ааспакка, батаһынан дугдуҥнаабыта. – Хайаатыгыт, урааҥхайдары буор сирэйдээтигит дуо?
– Суох… Суоруҥ өлбүтүн көрөн, абыҥ-хомуһунуҥ сүттэҕэ дии санаабыппыт…
– Ы-ыы… Абам да эбит! Эмиэ мүччү түстэхтэрин. Ыл, кутаата отун! Аал уот иччитин айах тутан, көрдөһөн-ааттаһан, иһиппитин тыаһатан хонуохпут… Уһуктаах, биилээх кыайбат буоллаҕына, уот кыһыл тылынан салатыам. А-аа… Күлэ-күлэ күлгүтүн таптайар күнүм үүнүө… – диэмэхтии, дьиэгэнийбит бэйэтэ уостан, ураһатын диэки салбыҥнаабыта.
Туоҕа Боотур балаҕаҥҥа киирбитигэр чаҕар, кулут дьон куттаммыттыы көрө сүгүрүйбүтүнэн, балаҕан хараҥа сирдэринэн симэлийбиттэрэ.
– Ким киирдэ, халҕаным маннык эрчимнээхтик арыллыбатаҕа ыраатта ээ, – диэн хаахынас саҥа иһиллибитэ.
– Мин, Туоҕа Боотур… – диэбитинэн киирбит киһи, турбахтыы түһээт, саҥа хоту ааспыта. – Ыҥыртарыыгынан кэллим. Хайа, хайдаххыный? – диэбитинэн, Туоҕа Боотур сыҥаһа орон таһыгар тиийэн, үүс тириитэ бэргэһэтин туура тардынан, сүрэҕин тутта нөрүйэн ылбыта.
– Ээ, ол иһин… Ылыҥ эрэ! Баар дьон, кэлбит киһини итиилээҥ… Чэгди, ханна дьөлө түстүҥ, өйөөн олорт! Кэтэспитим ыраатта… – Мукучу Хоһуун ынчыктаан ылбыта. Таһынан бөрө, ис өттүнэн куобах түүлээх халыҥ суорҕанын сэрэнэн үллэҥнэппитэ. Иһиттим-истибэтим