Название | Туоһахта уонна Лэкиэс |
---|---|
Автор произведения | Василий Гоголев-Уйулҕан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2021 |
isbn | 978-5-7696-5858-7 |
Сиэллээх биэ үөртэн дьалты баран, бөлкөй үөт аттыгар дулҕа ото быкпыт сымнаҕас сири булан, ыарыытыттан тыбыыра-тыбыыра, талыыта киирэн, илин атахтарын туйаҕынан халыҥ хаары хаһыйбахтаабыта. Сүрэҕин анныгар амырыын кыһыҥҥы тымныыларга тоҥорбокко, бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыт оҕотун туйахчааннара сытыытык тобулута анньыалаабыттара. Оо, бу атааннаах-мөҥүөннээх Орто туруу бараан дойдуга саҥа олох, кып-кыракый кулун, хаалыын баҕастыын оройунан, анаан тэпсиллибит хаар олбоххо икки илин атахтарын туйахчааннарынан аллара ньылбырыс гыммыта. Хаарга түһээт, кулунчук Орто дойду чэлгиэн салгынын кыракый, оҥоспут таныыларын тардырҕатан, тыын былдьаһан мөхсүбүтэ. Оо, сааскы ылааҥы күн чэбдик салгынын кыракый таныычааннарынан иҥсэлээхтик агдакатын толору тыынан, мэйиитэ эргийэн ылбыта. Биэбэйдэммит сарыы хаатын саҥа муостуйа кытаатан эрэр дьэҥкир туйахтарынан хайыта тэбиэлээбитэ. Биэ барахсан эргиллэн, кыракый бэйэтигэр барсыбат олуона уһун атахтарынан тэбиэлэнэ, үнүөхтүү сытар оҕотун инчэҕэй тириититтэн хаатын, хатыылаах тылынан иҥэрсийэ-иҥэрсийэ салаамахтаан, муннутун-хараҕын ыраастыыр аатыгар түспүтэ.
Сүүһүн ортотугар туоһахталаах тураҕас кулунчук: «Бэйи бу, ханна-ханна кэллим?» – диэбиттии, төбөтүн уҥа-хаҥас көнтөрүктүк илгистээмэхтээн ылаттаабыта. Тымныы хаарга ийэтэ туйаҕынан хаһан, тэпсэн бэлэмнээбит дулҕа баһа оттоох олбоххо, инчэҕэй тириититтэн күн уотугар паар тахсан
1
Хоруотаабыт – биэ төрүүрэ биллибит.