Название | Туоһахта уонна Лэкиэс |
---|---|
Автор произведения | Василий Гоголев-Уйулҕан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2021 |
isbn | 978-5-7696-5858-7 |
Оччотооҕу кэмҥэ икки атах күннээн-күөнэхтээн олорор кэмэ олус кылгас буолара. Ол да иһин аҕа баһылык, Таас Бас, кырдьыы, сорсуйуу сойуотугар киирдэҕэ эбээт.
Таас Бас үс уоллааҕыттан арыый кыаналлара уонна соргулаахтара, долоҕойдоохторо Хорук этэ. Оттон икки улаханнара күүс-уох өттүнэн бырааттарын арыый сабырыйдаллар да, ону-маны ыйдаҥардан анаарар дьоҕурдара, ычалара чычаас буолан, аҕа ууһун сэҥээриитин ылбаттара. Таас Бас улахан уола оҕо сылдьан мас мутугунан кулуһуну булкуйа-булкуйа, хоруоттан хараарбыт илиитинэн сирэйин ньухханарын иһин, Хоруо Сирэй; оттон орто уола түүннэри утуйбакка, ас көрдөөн ытаан бэбээрэрин иһин, Ньахаа диэн ааттарынан сүрэхтэммиттэрэ. Оттон кыра уола Хорук бэрт дьиктитик ааттанан турардаах.
Кыра уол үстээҕэр дуу, түөртээҕэр дуу хайыр тааһы хайыта сынньар идэлэммитэ. Араас эгэлгэ таастары булан, олору үлтүрүтэ оонньуур үгэстээҕэ. Арай ол сылдьан, биирдэ атаҕын сытыы тааска хайа үктээн, хаана атаҕын тарбахтарын быыһыттан тыгыалыы сылдьарын көрөн, Таас Бас биэс салаалаах оту быһа тардан ылан силлээн баран, хаан бырдаҥалыы сылдьар бааһыгар саба туппута. Уола, ытыы-ытыы, илиитигэр тута сылдьар тааһын үлтүркэйинэн алҕаска аны кини илиитин хайа соппута. Таас Бас харыта аһыс гыммытыгар көрө түспүтэ – дириҥ баҕайы хайа быһыллыбыт суолуттан хаарыаннаах хара хаана халыс гыммыта. Ону кытары Таас Бас, хаспах хахайыныы үөһүн таттаран хатаҥнык кыланаат, бабыгырыы түһэн баран, уолун киэр илгибитэ. Түүнэн бүрүллүбүт халыҥ тириилээх харытын көрүммүтэ. «Бу туох ааттаахха дэҥнэнним?» – диэн дьиктиргии санаабыта. Тааска төбөтүнэн охсуллан ытаан ыгыста сытар уолун илиитигэр бобо тута сытар тааһын, сүгүллэҥнээн тиийэн, сэрэнэн эһэ тардан ылбыта. Эргим-ургум тутан, харытыттан таммалыыр хааныгар кыһаллыбакка, бу тааһы сирийэн одуулаһа турбута. Онтон өй ылан, аттыгар сытар саралыы тардыллан, тырыта тыытыллан сүлүллүбүт кыра туйахтаах харамайын тириитин быһыта сотуталаан көрбүтэ. Онто, кырдьык, өссө да хатан кытаата илик тириини хайыта сотон тэллэҥнэппитэ. Онон Хорук аата итинник бэрт дьикти түгэнтэн, хорук хаан тыгыахтыырыттан сэдиптээн иҥэриллибитэ. Оттон ол таас, икки атах киһи буоларыгар улахан олук буолан, Таас үйэтин көнтөрүк, көһүүн кэмин чэпчэппитэ. Хайыр тааһы үлтү сынньан сытыы быһахха, кэлин маска инчэҕэй тириини тэлэн оҥостубут быаларынан эрийэн, хатаран үҥүүгэ, сүгэҕэ моһуоннаах тэриллэри оҥостор буолбуттара. Икки атах мэйиичээнигэр ити курдук бииртэн биир сурааһын эбиллэн, Дириҥ Үрэх кистэлэҥнээх түүлэ буолан, мөлүйүөн сыллары уҥуордаан, баччаҕа дылы кэллэҕэ.
Дириҥ, Таас Үрэх, тугунан тыынан тыыллаҥныы, үгүс ууну хас тыһыынча үйэлэри суккуйан, бу очуостар дьилэй таас иэдэстэрин хайа сүүрэн кылыгырыы сытаргыт буолла?
Тымныы хайыр тааһы муоһура чэрдийбит сыгынньах тилэҕинэн тиллиргэччи кэһэн, хара күлүк күлүгүлдьүйэрэ. Бу сыыгыныы-сыыгыныы сыыллартан, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы түөрт атаҕынан атаралыыр,