Туоһахта уонна Лэкиэс. Василий Гоголев-Уйулҕан

Читать онлайн.
Название Туоһахта уонна Лэкиэс
Автор произведения Василий Гоголев-Уйулҕан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-5858-7



Скачать книгу

сойуо чупчурҕан супту түспүтэ. Сир-халлаан барыта түҥнэри эргийбитэ. Ити чыпчылҕан түгэҥҥэ түбэспит атыыр үөрэ хатаннык кистии-кистии үрүө-тараа ыстаммыта. Атыыр уот кыһыл хаанынан бырдааттанан өлөр охтуутугар умса хойуостаммыта. Кини уота өһөн эрэр хараҕар дьулаан хапсыһыы көстөн эрэрэ… Бөрөлөр уонна икки атахтар, ырдьыгынаһа түһээт, уун-утары ыстаммыттара. Ким соргута-сойуота дуу, соро-собулҕана дуу быһаарыллар чыпчылҕан түгэнэ күлүм гыммыта. Таас Бас үҥүүтэ сууһарыллыбыт атыыр ойоҕоһугар батары сааллан, иҥиирдээх уҥуохха кытаанахтык кыбыллан, дэбигис төттөрү ньылбы тардыллыбатаҕа. Ону тардыалаһа турар кэмигэр охто сытар атыыр үрдүнэн сүүнэ улахан сур күлүк, кини диэки ыстанан, субурус гыммыта. Таас Бас хабарҕатын хайа хадьырыйан эрэр уот кыһыл бэлэскэ эмискэ Хорук үҥүүтэ батары сааллыбыта. Оо, ол амырыын хапсыһыыга икки атах кыыла туран, уоттаах харахтара сирдьигинии умайан, тоҥ очуостар хаардара саккырыар диэри, суос бэринэн эһэлии часкыйаат, Хорук аһыҥастаах адьарайы таас үҥүүтүнэн киэр илгибитэ. Бөрөлөр баһылыктарын сууһартаран, дьулайан туора ойбуттара. Таас Бас уолун Хорук эрдээх быһыытыттан астынан ыҥыранан ылаат, салҕалас илиитинэн хабарҕатын харбанан туппахтанан көрбүтэ. Кини кыракый мэйиитэ махтанары сатаабатар да, туох эрэ дьикти сүүрээн түөһүн иһин толорбута. Хорук атыыр хаана бырдаҥалаабыт аҕатын дьэбир сирэйигэр омоох мичээр уонна махтал сыдьаайа көстөн ааспытын бэлиэтии көрөн аһарбыта. Таас Бас үҥүүтүн буралла сытар сүүнэ атыыр агдатыттан ньылбы тардан ылбыта. Өссө да сойо илик туустаах өһөх хааны үҥүү суолуттан томороон ытыһынан холбуйа тардан баһан ылаат, айаҕар аҕалан иҥсэлээхтик уобалаан сапсырыммыта. Онтон агдатын иһигэр салгыны толору эҕирийээт, хантас гынан үҥүүлээх илиитин өрө анньан хаһыытаан хардьыгынаабыта очуостан очуоска охсулла эҥсиллэн, Дириҥ Үрэх үрдүнэн ыраах дуораһыйан көтө турбута. Ол соргу хаһыытын дуораанын истэн, атыыр үөрүн эккирэтэн сундулуҥнаһан иһэр бөрөлөр иэннэрэ кэдэҥэлээн, икки атах эккирэтэн иһэрэ буолуо диэбиттии, кэннилэрин хайыһан, уоттаах харахтара кылахачыһан ылбыттара.

      Атыыр үөрэ, туманнаах салгыны тоҕо силэйэн, иннин диэки түһэн испитэ. Кэннилэриттэн сундулуспут ардай аһыылаахтар тоҥ сытыы туйахтарга бастарын хампы тэптэрбэккэ кыһаллан, үрэллэҥнэһэр хойуу кутуруктарга сөрөнөн, саппай уопсан испиттэрэ. Икки үөр. Биирэ үрүҥ тыынын тэскилэтэр аатыгар торҕо күдэриги тоҕо ытыйан, иккиһэ соллоҥноох сойуо аһыыларын килбэтэн, сылгылар көмөгөйдөрүн быһа хадьырыйар соруктаах, аан туманы хайа силэйэн тус арҕаа түһэ турбуттара. Ол мучумааҥҥа кырдьаҕас тыһы бөрө хаҥас өттүнэн күөйэ көтөн иһэн, биир уулаах, хоруотаабыт биэ хабарҕатын быһа хадьырыйардыы, үөлэс саҕа айаҕын атыаҕынан атан, аһыыларын ырдьатаат, сундулус гыммыта. Биэ соһуйан хойуу сиэлин үрэл гыннаран өрө тураат, ыстаныытыгар хабарҕатын уоппут ардай аһыылаах харамайы соспутунан, халты тэбинэн, хайа хапчааныгар хаар былаастаах тааһы, буору бүрүнэн аллара курулаабыттара…

      Оол