Таптал уонна дьүккүөр. Гавриил Адамов-Сайдам

Читать онлайн.
Название Таптал уонна дьүккүөр
Автор произведения Гавриил Адамов-Сайдам
Жанр
Серия Билиҥҥи кэм прозата
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6093-1



Скачать книгу

баҕарар биэтэҥниирэ, будулуйара, буккуллара уһун буолар. Ону оннун булларарга эмиэ сыра-сылба наада. Онон эн үөрэммитиҥ курдук үөрэн, улахан үөрэхтээх киһи буол. Омук бэртэрин кытта тургутуһар кыахтаах киһи буол. Аймахтар санаабыт, сүбэбит оннук…

* * *

      Атаҕастанар диэн олус да абалаах. Аны ону утары тугу да гынар кыаҕыҥ суоҕа өссө кыһыылаах, ону ааһан олус ыарыылаах. Бу кэбилэнэ сытабын дии. Аныгы мэдисиинэ күүстээх буолан өрүтүннэҕим. Били абаҕам Көстөкүүн барахсан эппитигэр дылы, Дьылҕа хааным өссө да кэми-кэрдиини утары уунар буолан улаханнаппатах буоллаҕым. Саамай үчүгэйэ – өй-санаа төттөрү барбатаҕа, бысталамматаҕа үчүгэй…

      Эһэм Бүөтүр, ийэм аҕата, олус сүрэхтээх, тэрээһиннээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ тылын ылыннарар киһи киэнэ кэрэмэһэ эмиэ быстах дьылҕаламмыт эбит. Түүннэри, күннэри түбүгүрэн, утуйар ууну умнан, бэйэ толкуйунан, илии-атах күүһүнэн кыаҕыра сатаабыт, элбэх сүөһүнү, сылгыны ииппит. Сэбиэскэй былаас олохтонорун, үлэһит, сүрэхтээх-бэлэстээх дьон кыаҕырыахтарын туһунан өрө күүрүүлээх кэпсээни кини биһирии көрсүбүт ээ. Онтон аны артыаллар, холхуостар тэрээһиннэрэ сүөһүлээх-астаах дьон үрдүнэн баралларын сөбүлээбэтэх. Сөп ээ. Үйэтин тухары хара көлөһүнүнэн муспут баайын буор босхо биэрэр диэни ким сөбүлүөй?!

      Буруйа диэн – баай үһү! Ол баайы дьону көлөһүннээн мунньуммут үһү! Кими да хамначчыт оҥостубута диэн суох ээ. Аймах дьон кыттыһан, сүбэ-ама тобулан, бииргэ үлэни-хамнаһы тэрийэн кыаҕырбыттар.

      Үлэлээн муҥнаммытын иһин, баайын-дуолун баҕа өттүнэн сиэтэн аҕалбатаҕын буруйугар, биэрэр да буоллаҕына туох эмэ төлөбүр, тугунан эмэ боруостаһыы баар буолуохтааҕын эппитин аньыытыгар кулаах буолар. Барытын былдьаан ылаллар. Бэйэтин өссө хаайыыга ыытал-лар. Мантан ордук туох атаҕастабыл баар буолуон сөбүй?!

      Ол кэннэ мин эһэм эрэйдээх, кини оҕолоро, аймахтара барахсаттар туох диэннэр саҥа кэлбит былааһы таптыахтарай, илэ-сала түһэн уруйдуохтарай? Итинниккэ түбэспит кинилэр эрэ буолбатахтар ээ, элбэх бөҕө, ахсаана биллибэт элбэх!

      Ити атаҕастабылы утары тугу гыныахтара баарай, мэлигир буоллаҕа. Былаас кэрээнэ суоҕун туох да уодьуганнаабат уонна оннук күүс өтөрүнэн көстүө да суох чинчилээх. Билигин да оннук…

      Түбүктээхэп өбүгэлэрин атаҕастабылын, эбиитин онно бэйэтин киэнин санаан кэлэн хараҕыттан уу-хаар баһан барбыта, ыгыллан кыратык ытаан ылбытын кыатаммыта. Ону аралдьытан оронуттан туран кэлбитэ уонна эмиэ туалет диэки хаампыта…

      4

      Бэриэт Новосибирскайга төннөн кэлээт, кэтэхтэн үөрэнэ көһөргө, манна үлэ булунан үп-харчы өлөрөн дьонугар көмөлөһөрдүү быһаарыммыта. Кини дьонугар тугу да эппэтэҕэ, үөрэнэ сылдьарынан биллэрэ.

      Институт салалтатыгар баар балаһыанньаны толору кэпсээбитэ, бэйэтэ быһаарыммыт толкуйун эппитэ. Салалта табатык өйдөөн үчүгэй үөрэхтээх, инники кэскиллээх исписэлиис тахсар уолга утары бараннар бары усулуобуйаны тэрийбиттэрэ: кини кэтэх үөрэххэ көспүтэ, институт иһинэн баар сибээс сыыппаранан